ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баран

частица, туохтуур, кэнники тыл, аат тыл

Нууччалыы израсходоваться, истратиться полностью

English modal particle, expressing negation with a tinge of disapproval, and coming directly after the target word

Ис хоһооно · 14
I

1 туохтуур #

Туттуллан бүт; бүтэн хаал

Нууччалыы Израсходоваться, истратиться полностью

  • Ыстыыр ыстыыр да аһыыра биллибэт, хата, тииһэ баранар баар үһү (тааб.: кыраабыл). Саамай улахан эрэй - табах бараммыта.
    Амма Аччыгыйа
  • Кинилэр аһыыр астара баранан, ыалы кэрийбиттэрэ ый кэриҥэ буолла.
    И. Гоголев
  • Кыһыны быһа муспут харчыбыт таах-сибиэ соҕуруу таскайданарга баранар
    Далан

2 туохтуур #

Өлөн-сүтэн бүт, эһин (тыынар тыыннаах туһунан)

Нууччалыы Исчезать, перестать существовать (о живых существах)

  • Тоҕо, туохтан мамоннар өлөн бараммыттарын учуонайдар үөрэтэллэр.
    С. Дадаскинов
  • Сэриигэ, өлүүгэ Дьоннорум баранна, Алаһам алдьанна, Уоругум уоттанна.
    П. Ойуунускай
  • Хахаардалаах эһилиннэ, Куортуктаах кутааланна, Сэксээлэлээх сэймэктэннэ, “Бастааҕынан” ааҕыллыбыт Марайбыттар бараннылар. Саха нар. ыр. II

3 туохтуур #

Ууллан, уостан бүт, мэлий (хол., хаар)

Нууччалыы Исчезать, постепенно убывать, прекращаться; растаять (напр., о снеге)

  • Барбытын иннигэр бараммат баар үһү. (тааб.: өрүс). Уолчаан хаара баранан, Туллуктуура уурайда, Оҕонньорбут хандаатынан Куобахтыырын хаалларда. Эллэй. Сүөдэр маннык уһун уочаракка туруон саарыыр: “Бачча үгүс киһи хаһан баранан, кини тиийиэй?”
    Н. Якутскай
  • Кыһыҥҥы тымныыбыт кыйданна, Кыыдаана, буурҕата баранна
    Күннүк Уурастыырап

4 туохтуур #

Бүтэр уһуктан, ханна эмэ тиийэн муҥурдан (хол., сир-дойду туһунан этэргэ)

Нууччалыы Иметь какой-л. предел, конец (напр., о местности)

  • Мин эһиги эбитим буоллар күрүөм этэ. Ама биһиги буолбуппут иһин үрэх баһа, тыа-тайҕа бараммыт үһүө.
    П. Ойуунускай
  • Илин ии хайа онно тиийэн баранан, бөдүргэй тумул буолан хаалар.
    А. Софронов
  • Хоту-соҕуруу диэки Курбуу-дьирбии хоннохторун Муҥурдаталаан булаары Бара-кэлэ сатаабыт иһин, Баараҕай куоратым барахсан Баһа-атаҕа бараммат эбит
    С. Зверев

5 туохтуур #

Ааһан, устан, көҕүрээн ис (хол., кэми этэргэ)

Нууччалыы Постепенно протекать, проходить, уменьшаться (напр., о времени)

  • Дьэ, кыһыммыт баранна, онон дьон сайылыкка тахсан тиийэн кэллилэр. Биһиги эмиэ таҕыстыбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Алтынньы ыйдааҕы күн баранан, ыйдаҥа сырдыга туналыйа тыган турара.
    ХС
  • Көһүттэххэ күн бараммат
    Амма Аччыгыйа

6 туохтуур #

Букатын быстан, эстэн хаал (хол., киһи күүһэ-күдэҕэ)

Нууччалыы Сильно ослабевать, истощаться (напр., физическая сила человека)

  • Марба сэниэтэ баранан, өйө-санаата туймааран, мас төрдүгэр күөх окко сытан нуурайан барда.
    Күндэ
  • Хас да күн устата кураанахха эрэй бөҕө буолар, сыра-сылба баранар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кэнники сэниэтэ Букатын эһиннэ. Турар да, аһыыр да Турук-кыах баранна
    С. Данилов

7 туохтуур #

Туох эмэ дьиэгирииттэн чэгиэн-чэбдик көрүҥҥүн, доруобуйаҕын сүтэр, мөлтөт

Нууччалыы Потерять от какой-л. болезни здоровый вид, здоровье

  • Кыһыл этинэн көрбүт, ириҥэнэн көрбүт, мээнэнэн өлбөөдүччү көрбүт, халтаһалара бараммыт, хаанынан ытаабыт манна мунньустубут.
    П. Ойуунускай
  • Кыламана бараммыт кырдьаҕас киһи байбары маҥан хатыҥы имэрийэ турда.
    М. Доҕордуурап
  • Сүүспүн сабар сүүмэх көҕүл бараммыт
    Баал Хабырыыс

8 туохтуур #

поэт. Эһин, кыайтар, суох буол (хол., баттабыл)

Нууччалыы Уничтожаться, прекращаться (напр., гнет)

  • Балтабыт оҕустаҕын аайы, Баттал баранар, күн көрөр. Эллэй. Араас кэпсээн тарҕанар Артыал тугун туһунан: Бас билии диэн баранар, Барыта уопсайданар.
    Баал Хабырыыс
  • Тоһуйар мэһэйдэр Тоҕойдор, кирбиилэр даҕаны элбэхтэр - Мэлийэ, барана иликтэр
    Күннүк Уурастыырап

9 туохтуур #

поэт. Бүтэр уһуктан, туохтан эмэ хааччахтанан хаал (хол., санаа)

Нууччалыы Иметь какой-л. предел, какие-л. ограничения (напр., думы)

  • Хостоотор бараммат сылгы хааһах баар үһү (тааб.: өй). Фантазия даҕаны Баранара ханна барыай: Уолбут салҕан, сылайан, Утуйбута баар буолар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бары барыта аҕырымнаах, Айар кыайтарбат күн аайы. Баранар эбээт саныыр санаа, Курус, куһаҕан баҕайы!
    Баал Хабырыыс
  • [Барахсаанап:] Маайыс, эттэххин ньии! Таптал санаата үйэ-саас тухары бараныа суоҕа
    С. Ефремов

10 этии #

Нууччалыы Безрезультатно умолять, упрашивать кого-л., говорить с ним как горох об стенку

  • Элэ-была тыла баранна - этэ, өйдөтө сатаан баран, туох да түмүгү ситиспэтэ Уон кылааһы бүтэрбитин кэннэ өссө үөрэнэ барарыгар аҕалаах ийэтэ элэ-была тыллара бараммыт.
    М. Попов
  • Элэ-была тыл бараммытын кэннэ: “Саатар сэриигэ баран өлбүт соҕотох уолгун бар дьон кэриэстииллэрин хараардыма”,- диэн Лөкүөрүйэ эппитэ. М. Доҕордуурап

11 этии #

Нууччалыы Несметное богатство

  • Бараммат барҕа баай - бүтэн, эстэн хаалбат баай Үөрэх баар - бараммат баай (өс хоһ.). Сырдык таас бараммат баайдаах, быстыбат быйаҥнаах Саха сиригэр Мирнэй куоракка хостонор.
    И. Данилов
  • Саха сирэ барахсан! Эн киэҥ-кэтит уорҕаҕар бараммат барҕа баайдааххын, киһи билэ илик кэмэ суох кистэлэҥнэрдээххин.
    У. Нуолур
  • Мин бараммат барҕа баайдаах унаар киэҥ туундара булчутунабын. “Кыым”. Баранар (уһук) бас - туох эмэ (үксүгэр сир) бүтэр уһуга. Θ Предельная граница чего-л. (обычно конкретной местности, территории). Таас үрэх баранар баһа икки от үрэх буолан арҕаҕын соҕуруу өттүнэн бараллара буолуо.
    Күндэ
Өссө холобурдар (10)
  • Халдьаайы үрдүгэр ыал баранар уһугар элбэх саһааннар кыстаммыт сирдэригэр тиийдилэр.
    Эрилик Эристиин
  • Ол суолунан тахсан истэххэ, Бодойбо үрэҕин баранар баһыгар, туораттан кыракый үрүйэ киирэн холбоһор.
    Н. Якутскай
  • Бараннар бараммат -бүтэр бүппэт; бүтэр уһуга суох. Θ Без конца; без конца и без краю. Туундура бараннар бараммат.
    Н. Габышев
  • Бараннар баран - бүттэр бүтэн ис. Θ Постепенно уменьшаться, убывать; сойти на нет. Күүс-сыра бараннар баранан Көстөкүүн нук түһэр.
    А. Абаҕыыныскай
  • Ардыгар хахайдыы хааннанар, Ардыгар ньылбыйар... Уонна дьэ бараннар баранар Парфенон кур баайа.
    С. Данилов
  • Бастар (бастахха) бараммат - төһө да сомсо сатаабыт иһин көҕүрээбитэ көстүбэт, бүтэн хаалбат туох эмэ. Θ Неисчерпаемое, неистощимое, бесконечное. Бастар бараммат барҕа баай, тохтор бараммат торҕо баай (өс. хоһ.). Оттон бу күөллэргэ чыыр бастар бараммат элбэх этэ.
    С. Курилов
  • Бастахха бараммат баай, уулаатахха уолбат уйгу быйаҥ Лоҥкууда буолла.
    М. Доҕордуурап
  • Онтон ыла Чурумчуку Уолбат ойбон уйгуланна Бастар бараммат баайданна. Эллэй. Охтон баранар мастаах фольк. - Орто дойдуну ойуулуур халбаҥнаабат эпитет (сиргэ үүнэр барыта охтор, өлөр аналлаах). Θ Средний мир (все то, что растет на земле падает и погибает). Былыргы дьон “уолан бүтэр уулаах, охтон баранар мастаах” дойдуларыгар кыайан аахпатахтарын барытын муҥура суох элбэх дии саныыллара.
    Н. Лугинов
  • Уолан баранар уулаах фольк. - Орто дойдуну хоһуйар эпитет (туох барыта бүтэр уһуктаах, оннооҕор акыйаан уолан бүтэр). Θ Постоянный эпитет, художественно описывающий Средний мир (в этом мире все имеет конец, даже океан высыхает). Уолан баранар уулаах, Уостан сүтэр уйгулаах, Муҥ-сор суунаҕалаах Орто дойду, дьаҕыл дойду диэн Оҥоһуллубута эбитэ үһү.
    П. Ойуунускай
  • Бу уолан баранар уулаах, Охтон баранар мастаах, Ойон тахсар күннээх Орто бороҥ дойду. Саха фольк
II

12 туохтуур #

эб

  • Ээ, ону эһиги хаһан өйдүөххүтүн баран.
    И. Семенов
  • Кэргэн, оҕо-уруу баран общественнай боппуруоска ньуу-ньаа буола сылдьарын төрүт сөбүлээбэт үгэстээхпин.
    ХС
  • Оҕоҕо баран туох сыаналаах бэлэҕэй? “
    ХС

13 туохтуур #

ат, сэниир сыһыаны көрдөрөр

Нууччалыы Выражает неодобряющее, пренебрежительное отношение говорящего

14 туохтуур #

Этэр санааны ылыннарар хабааннаахтык бэлиэтээн, чорботон этиини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает убеждение, подчеркивание высказываемой мысли

  • Социалист баран үлэлиэх тустаах.
    А. Сыромятникова
  • Ама төннөн иһиэ дуо, бэйэтин пиэрмэтиттэн баран. Софр. Данилов. Кырдьыга баран, кыайыам диэн эрэннэрбэппин
    Г. Колесов

«Б» буукуба