Перевод с якутского
бүт
туохтуур
Нууччалыы кончать, прекращать какое-л. действие
English to end, to finish
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Туох эмэ хайааһыны оҥороргун тохтот, тохтоо, уурай
Нууччалыы Кончать, прекращать какое-л. действие
От ыйын ортотугар дылы улуус үрдүнэн сир түҥэтигэ бүппүтэ, бары _ _ сэбиэскэй былаас чахчы кыра дьон интэриэстэрин көрөрүн өйдөөбүттэрэ Эрилик Эристиин
2 туохтуур #
Ханнык эмэ сир тэнийэн сытар уһугар тиий
Нууччалыы Достичь конечной границы какой-л. территории
Биһиги оройуоммут сирэ мантан арҕаа үс көһүнэн бүтэр. Амма Аччыгыйа Сотору дэриэбинэ бүтэн, өтөрдөөҕүтэ хортуоска хостоммут тоһоҕо күрүөлээх бааһына кэллэ. Софр. Данилов. Ойуур бүтэн, оллурдаах-боллурдаах киэҥ сир кэллэ Т. Сметанин Баранан хаал, ордубакка бүтүннүү туттулун. Θ Израсходоваться, иссякнуть. Түүнүгэр мастара бүтэн, уолаттар түҥ-таҥ түһэн, мас бэлэмниир кыһалҕаҕа киирдилэр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
“Хаһан да бүтүө суох”, - дии санаабыт аһа улам уостан баарта. Н. Заболоцкай Киинэҕэ билиэт бүппүт буолан, дьиэлэригэр төнүннүлэр А. Федоров
3 туохтуур #
Буолан аас, уурай
Нууччалыы Прекращаться, кончаться
Сэрии бүттэ, Тиһэх тэргэн ньим барда. Сир үрдүгэр Эйэ кэмэ эргийдэ. Күннүк Уурастыырап Бүгүн хадьымал көтөҕүүтэ бүтүөхтээх - Эһиилги ыһыы тэрээһинэ бүтүөхтээх А. Абаҕыыныскай
4 туохтуур #
харыс т. Өлөөрү гын, уһугулаа; өлөн хаал, өл
Нууччалыы Находиться при смерти; умереть, скончаться
Борокуопай эрэйдээх бүппүт, уолугун төрдүгэр эрэ тыынар дэһэллэр. И. Бочкарев Ээ, өстүбэһи, били Степанов бүтэн баран сытаахтыыр. Эрэлэ суох киһи. Бу түүнү туоруура биллибэт...
Н. ЛугиновКиириги наһыылкаҕа ууран эрдэхтэринэ, ким эрэ саҥарар: “Оо, бүппүт!” Бары бэргэһэлэрин усталлар. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Саныахха ыарахана, хомолтото баар - итинник бэйэлээх биллиилээх революционер, уһулуччулаах поэт [П. А. Ойуунускай] олоҕо соһумардык уонна ыараханнык бүппүтэ
Суорун Омоллоон
5 туохтуур #
Отунан-маһынан саба үүнэн, биллибэт-көстүбэт буол, туһата суох хаал, тугунан эмэ сабылын (хол., мууһунан)
Нууччалыы Зарасти, покрыться чем-л
Кини Таллан өрүс уҥуоргу өттүгэр сытар былыргы “Кыһыл ыллык” диэн сопхуос бүтэ оспут сирдэрин туһанарга этии киллэрэр. ХС Бу суол оспут, бүппүт, Тиит бөҕө туора түспүт. Баал Хабырыыс Буор сыбахтаах балаҕана, Бүтэ тоҥмут дьоҕус күөллээх Бүтэй чуумпу алааһа, Хара тыаҕа күлүктэнэн, Хараҕыттан сүппүттэрэ Күннүк Уурастыырап
6 этии #
Нууччалыы Конца не видать (хотя должен уже давно кончиться)
Бүтүөхчэ бүппэт (бүтүөхчэ бүтэн биэрбэт) - бүтүөх курдук эрээри бүтэн биэрбэт Эн биһикки ситим курдук синньигэс суолу батыһан барбыппыт, кини бүтүөхчэ бүппэтэҕэ, быстыахча быстыбатаҕа. Н. Якутскай Киһитэ бүтүөхчэ бүтэн биэрбэт. ХС Бүтэр бүппүтүн кэннэ - туох эмэ буолан бүппүтүн, ааспытын кэннэ, хойутаан. Θ После того, как все закончилось, спустя много времени, с опозданием. Бүтэр бүппүтүн кэннэ көрсөр да туһата суох буолуо. ХС
Өссө холобурдар (3)
Онон Киргиэлэй учуутал ууга түһэн “олорорун” туһунан сурах солбуйааччы дириэктэргэ кэмниэ-кэмнэҕэс, бүтэр бүппүтүн кэннэ тиийбитэ. Н. Заболоцкай Күөмэйим (күөмэйэ) бүттэ - ыалдьан эбэтэр сылайан күөмэйим (күөмэйэ) ыарыйда, кыыкынаан саҥарар буоллум (буолла). Θ Потерять голос, охрипнуть. Тарааһап саппыйаан курун аллараа баттаамахтаата, кылгас баттахтаах төбөтүн имэриммэхтээтэ: “Кэбис, ыллаабаппын. Күөмэйим бүтэн сылдьар”. Амма Аччыгыйа Доҕотторуом, мин, мин манна.... кини күүһүн муҥунан үөгүлээтэ да, күөмэйэ бүтэн хаалбыт, хаахынас дорҕоону бэйэтэ эрэ иһиттэ. А. Сыромятникова