Перевод с якутского
мэлий
туохтуур
Нууччалыы молотить
English (agriculture) to thresh
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Нууччалыы молотить
English (agriculture) to thresh
бурдугу мэлий молотить зерноto thresh grain
2 туохтуур #
Нууччалыы кончаться; истощаться
English to run out, to be exhausted or used up
оттор мас мэлийдэ дрова кончилисьthe firewood ran out
3 туохтуур #
Нууччалыы терять
English (with abl.) to lose
хараҕыттан мэлийдэ он лишился зренияhe lost his eyesight
4 туохтуур #
Суох буолан хаал, сүтэн хаал
Нууччалыы Исчезнуть бесследно, пропасть, скрыться (из виду)
Былыт быыһынан күн уота тыга түһэн баран мэлийэн хаалла. Н. Неустроев Биирдээх оҕотун эмээхсин балаҕаныгар хаалларан баран, ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбитэ И. Гоголев
5 туохтуур #
Туга да суох хаал; туохха да тиксимэ
Нууччалыы Быть обделенным (напр., при разделе, раздаче); остаться ни с чем
Күһүн өрүс арыытыгар кустаан бараммын, мэлийэн, олус сылайан Тыл институтугар арыычча тиийбитим. Амма Аччыгыйа Уол эдэр буолан олус оннук үлүскэлэспэккэ, бултуйдаҕына - үөрэн, мэлийдэҕинэ хомойон сылдьыбыт. Далан Харчы дохуотуттан букатын мэлийдэ М. Доҕордуурап
6 туохтуур #
Ким, туох эмэ аһыылааҕы сүтэр, кимтэн, туохтан эмэ мат
Нууччалыы Лишаться кого-чего-л., терять, утрачивать кого-что-л
Хаарыан бэйэлээх оҕолоруттан мэлийбит ийэлээх аҕа соҕотох хаалбыт оҕолоругар олус ыллараллар. И. Федосеев [Уһун Лөгөнтөй] оҕонньор кырдьык уһун, баабый кырдьаҕас эбитэ үһү да, эрдэ икки хараҕыттан мэлийэн, оттообот-мастаабат буолан хаалла ХС
7 туохтуур #
Тугу эмэ көрдөөн баран булума
Нууччалыы Не добиться результата в поисках
Күн ортото ааһыар диэри сир-сири кэрийэн баран мэлийдилэр. Н. Заболоцкай Сиэнньэ табаарыһынаан Сэргэйдиин, тэллэйи батыһан мээнэ кый-бырах барбыт пиэрмэ ыанньык ынахтарын көрдөөн, -- булбакка мэлийэн иһэллэр. В. Миронов Ср. эвенк. малии-мии ‘лишаться чего-л.; ничего не добыть на охоте’
8 туохтуур #
Тугунан эмэ хабырыйан мээккэлээ эбэтэр үлтүрүт, кумалаа
Нууччалыы Молоть, толочь, размельчать
Тоҥ туорааҕы тааска мэлийбитинэн барда. Амма Аччыгыйа Хаппыт сардааны үлтү мэлийэн суоракка булкуйдахха үтүө ас. Сэмээр Баһылай. Эһэ икки баппаҕайдарынан [туораахтары] үлтү мэлийэн, эриэхэтин тылыгар сыһыаран сиир эбит. Я. Семенов Ср. эвенк. бурдуква мели-мии ‘обмолот’, монг. мэлү ‘быть гладким, полированным’