ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

имэрий

туохтуур

Нууччалыы проводить ладонью (пальцами) по поверхности чего-л. поглаживать что-л., гладить

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Ытыскын (тарбаххын) туохха эмэ сыһыары тутан баран аргыый, сымнаҕастык баттаан сыҕарыт

Нууччалыы Проводить ладонью (пальцами) по поверхности чего-л. поглаживать что-л., гладить

  • Ньалбай оҕонньор сэҥийэтигэр абыр-табыр үүммүт бытыгын тарбаҕын төбөтүнэн таҥнары имэрийэ олордо.
    И. Никифоров
  • Машаны төбөтүттэн имэрийдэ уонна кууһан ылан, аан маҥнай уоһуттан уураата.
    М. Доҕордуурап
  • Кини олбуор иннигэр турар "Волга" массыына лаахтаах ойоҕоһун имэрийэн, тохтоон турда
    Н. Габышев

2 туохтуур #

Массаастаа, киһи ыалдьар миэстэтин илиигинэн илбий

Нууччалыы Массировать, лечить массажем

  • Көхсүбүн имэрийэ түһэн кулу.
    Амма Аччыгыйа
  • Оҕонньор уулбут итии арыынан оҕунуохтаммыт ытыһынан Симон өлөрбүт атаҕын, тарбахтарынан бигии-бигии, имэрийэ олорбута.
    Л. Попов
  • Итий-кутуй ыарыытын Имэрийэн эмтээтэ
    Т. Сметанин

3 туохтуур #

Чэпчэкитик, бэрт кыратык хамсатан, таарыйан үр (тыал, салгын туһунан)

Нууччалыы Обдувать слегка и приятно, нежно касаться (о ветре, воздухе)

  • Сааскы тыал иэдэскин имэрийэн ааһар.
    Амма Аччыгыйа
  • Сииктээх сөрүүн салгын Таня итийбит иэдэһин имэрийэн ааһар.
    Л. Попов
  • Тииттэр, хатыҥнар лабааларын сааскы сылаас тыал эйэҕэстик имэрийэн ааһар
    Г. Угаров

4 туохтуур #

Оҕус, сырбат

Нууччалыы Ударить. Ол эһэ куйаха сыыһын имэрийбитэ диэн улахан буолуо дуо, аҕата оҕонньор сонно тута куобах тириитин уокка куйахалаан аҕалан, төбөтүгэр саба баайан кэбиспит. Н. Заболоцкай. Гитлери таҥнары ыйыахпыт, сорох фрицтэри прикладынан төбөлөрүн имэрийиэхпит. Саллааттар с. 1967

5 этии #

Нууччалыы Смотреть ласково и тепло

Этиилэр

Имэрийэ (имэрийэрдии) көр

сымнаҕастык, унаарыччы көр Хараҥатыҥы саһархай харахтара аһыммыт курдук имэрийэ көрбүттэр.

  • Ийэтин кыыс эрдэҕинээҕитин курдук, имэрийэн эрэрдии, унаарыччы көрбүт саһархай харахтаах. Софр. Данилов. Мин ийэм Кээчэ мэлдьи буруйдаахтык мичээрдии сылдьар, ааттаспыттыы имэрийэ көрбүт киэҥ саһархай харахтаах дьахтар этэ.
    И. Гоголев

Кыл имэрийэ көр кыл

  • Кинилэр дьоҕус ыаҕайаларын кыл имэрийэ дьэдьэннээхтэр.
    В. Протодьяконов
  • Уос уоска сыстара Таптал эрэйэ, Үрэх устара Кыл имэрийэ.
    С. Тимофеев

Төбөтүн (баһын) имэрий көр төбө

  • Оччоҕо мин урут кинини кытта холбоспуппун да кинини төбөтүттэн имэрийэ олоруохтаахпыт дуо?
    А. Федоров
  • Батталлаах үйэ бараммыта, Баабыр курдук Барыһымсах баһылыктары, Бастарын имэрийбэккэ, Саҕаларыттан ылан Сахсыйан иһиэххэ. Күн Дьирибинэ. Ол иһин, бука, төбөбүттэн имэрийбэттэрэ чахчы.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ур. -тюрк. емри ‘заставлять чесаться, вызывать зуд’

«И» буукуба