ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

илбий

туохтуур

Нууччалыы мести, подметать

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Тугунан эмэ (хол., сиппииринэн, тирээпкэнэн) харбаан ыраастаа

Нууччалыы Мести, подметать (полы)

  • Чочумча буолан баран таһыттан Дааса киирэн, остуолу хомуйар, дьиэни илбийэр, ону-маны орун-оннугар уурталыыр.
    А. Софронов
  • Кинилэр Шейдманнааҕар атыннара: дьиэни илбийэр, сылабаары сылытар, иһити-хомуоһу сууйар этилэр.
    Эрилик Эристиин
  • Мин аймааһыны таһаарбыт буруйбар – дьиэни илбийэн элэстэппитинэн бардым
    Амма Аччыгыйа

2 туохтуур #

Чэпчэкитик (хол., үтүлүгүҥ төбөтүнэн) сот

Нууччалыы Легким движением (напр., кончиком рукавиц) протереть, вытирать

  • Куонаан оҕонньор бу сырыыга хапкааны бэркэ кичэйэн ииттэ, суолун-ииһин илбийэн, оһорон кэбистэ.
    Н. Заболоцкай
  • Солтуохап кинилэри күүппэккэ, тахсан сэргэҕэ баайбыт атыгар кээдьэрэҥнээн тиийэн кырыатын илбийбитэ
    П. Аввакумов

3 туохтуур #

Имэрийэн эмтээ, имэрий

Нууччалыы Лечить мятьем, массажем; гладить, поглаживать, легко касаясь рукой какой-л. части тела

  • Бадьырхай ойоҕо иһэ ыалдьарын илбийэ сылдьар эбит. Ол иһин хойутаан хааллым.
    Эрилик Эристиин
  • [Ойуун] одурууну тылынан салаатаҕына, көрөр ыарыыны чупчуруйдаҕына, таарымтаны, ис ыарыытын илбийдэҕинэ, аал уокка айах тутан алҕаан намылыттаҕына, барыта үтүөрэн, тиллэн кэлэрэ үһү
    А. Бэрияк

4 туохтуур #

Имэрийэр курдук чэпчэкитик үр (тыал туһунан)

Нууччалыы Слегка, приятно обдувать (о ветре)

5 туохтуур #

Үүр, киэр кэбэлит; суох оҥор

Нууччалыы Убрать кого-что-л. прочь, подальше; выметать

  • Кинини уоттаах сиппииринэн баартыйа иһиттэн илбийэн таһаарар киһибит турар...
    П. Ойуунускай
  • Сыҕаайаптар ыамаларын уонна да атын бурсуйдар быччаҕардарын бэрт сөпкө илбийэн таһаарбыккын истэн, үөрэ сылдьабын...
    Амма Аччыгыйа
  • Өстөөх төлөнүн өһөрөргө, Дьайдаах санаатын дьалбарытарга, Уордаах хааннааҕы уҕарытарга, Сидьиҥ бииһин илбийэргэ Кэрэ дьон кэккэлээбит
    С. Зверев

«И» буукуба