Перевод с якутского
туйах
аат тыл
Нууччалыы копыто.
English hoof
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Сүөһү уонна сорох кыыллар атахтарын үктэнэр өттүн кытаанах таһа
Нууччалыы Копыто. Туйаҕа суох – сылгы суох (өс хоһ.). Сыарҕалаах ат туйаҕын тыаһа чигди ортотунан өрүһүспэхтии курдурҕаан ааста. Амма Аччыгыйа. "Кэйиикэп" -- тэбиэлээн кууһуннарбахтаата, туйаҕын кырыытынан ыы олорор Таня атаҕын, хаана ыһыллыар диэри, дьукку тэбэн кэбистэ. М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Сүөһү туйахтары сылдьар атаҕа (дыраһааҥка оҥорорго тут-лар)
Нууччалыы Часть ноги копытного животного от колена до копыта, лытка (используется для приготовления холодца)
Учукаас оҕонньор биир туйаҕы көрдөөн ылан тиниктээтэ. А. Софронов Баайдартан бараммыт Бас, туйах ыламмыт, Оһоҕу күөс өрөн отторбут, Ол киэһэ миин иһэн хонорбут. Күннүк Уурастыырап Туйахтан түөрт порция миини бэлэмниир буоллахха буһарарга анаан ыраастаныллыбыт балтараа киилэ туйах, икки лиитирэ уу, сүүс кыраам туус ылыллар ТИИ ЭОСА
3 этии #
Нууччалыы Быть достойным преемником, наследником кого-л. (букв. просушить чьи-л. копыта)
Этиилэр
Кулунун атаҕа (туйаҕа) киирбит көр кулун
Кырдьаҕас киһи кырыйдаҕым дии. Кулунум туйаҕа киирэр сааспын ааспытым ыраатта...
Н. Лугинов
Муос муоска, тиис тиискэ, туйах туйахха көр муос I
Аргыылаптар хааннара миэхэ эмиэ баар. Муос муоска, туйах туйахха буоллун. Софр. Данилов.
Туйаҕын хатар
туоххунан эмэ (хол.
, үтүө быһыыгынан-майгыгынан, үлэҕинэн-хамнаскынан о. д. а.) кими эмэ удьуордаа, ким эмэ (үксүгэр аҕаҥ) курдук буол Чулуу ыанньыксыт туйаҕын, баҕар, бу кыысчаан хатарыа... С. Федотов Аҕатын туйаҕын Хатарар булчут баар, Табанан, атынан Тайҕаҕа сылдьар наар. С. Тимофеев
Өссө холобурдар (2)
Төрөппүт үтүөтүн салгыыр туруктаах оҕону "аҕатын туйаҕын хатарыах оҕо" дииллэр. ЧМА ЭТНБ Б. Тэҥн тыҥыраҕын хатар.
Туйах хатарааччы
ким эмэ үтүө майгытын, үлэтин-хамнаһын, олоҕун утумнааччы, салҕааччы.
Достойный преемник кого-л., продолжатель дела кого-л.
Олус уһуннук күүттэрэн баран, сокуоннай туйах хатарааччы, бастакы уол төрөөбүтүн кэннэ үөрүмүнэ даҕаны. "Чолбон". Ким барыта туйах хатарааччылаах буолуон баҕарар. П. Ламутскай
Туйаххын туура тэп
үчүгэйдик, байылыаттык олор.
Жить в достатке.
Туруу бараан дойдугутугар Туйаххытын туура тэбээриҥ, Тэгил ийэ сиргитигэр Тэлгэһэттэн тэлгэһэни Тэнитэн иһээриҥ! С. Зверев Чакыана, Быыпсай обургу туйаҕын туура тэппит диэх курдук, хатаннык саҥарда. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Тэбэр туйах чэрчитэ, үҥэр муос өргөһө, уһун кутурук оҥоһуута фольк. – тойонугар уҥа илиитэ буолбут эдэр киһини хоһуйар олук. Фольклорная формула, описывающая молодого человека, являющегося верным слугой, "правой рукой" своего хозяина (букв. окружность лягающего копыта, острие подставляемого рога, отделка длинного хвоста). ‹Хабаҕар диэри батыр маҕан, тыһыгар диэри ньыламан маҕан› туйаҕар диэри түмэлдьи маҥан фольк., сиилээн. – чэпчэки, сэлээрчэх майгылаах кыраһыабай дьахтары хоһуйар олук. Фольклорная формула, описывающая красивую женщину легкого поведения (букв. до низа живота сплошь белая, до ног своих чисто белая, до копыт (т. е. ногтей) своих отменно белая)
4 этии #
Нууччалыы Нижняя кость конечностей копытных, закрытая роговым башмаком, копытом, копытная кость
Этиилэр
Кулун (сылгы) туйаҕа көр кулун
Үүйэ -- алаадьы курдук, ууга хаптайа сытар, кулун туйаҕын сэбирдэхтэрин быһа тардан ылан иэдэһигэр саба тутар. Л. Попов Кэчигирэччи тэлгэммит Күөлбүтүгэр кулун туйаҕа. Баал Хабырыыс
Туйах баҕата
сылгы баҕата диэн курдук (көр баҕа I).
Атым, туйаҕын баҕатыгар мас киирэн, доҕолоҥнообут. СГФ СКТ. Туйах тумуга бэт. – туйахтаахтар саамай алын, туйахтарын иһигэр сылдьар уҥуохтара Тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүн туйахтарын тумуга туйахтарын иһигэр сылдьар. СИиТ.
Туйах тэллэй
мас кунааҕа диэн курдук (көр кунаах).
Ойуур хаһаайыстыбатыгар маһы алдьатааччы туйах тэллэйдэр улахан буортуну таһаараллар. ДТС, тюрк. туйаҕ, туйак, тояк