ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кулун

аат тыл

Нууччалыы жеребенок

English foal

1 аат тыл #

Төрүөҕүттэн алта-сэттэ ыйын туолуор диэри (хаар түһэн, халлаан лаппа тымныйыар диэри) сылгы оҕото

Нууччалыы Жеребенок (до шести-семи месяцев с рождения)

  • Соҕотох хара кулун, кутуругун тойтоҥното-тойтоҥното, кистии турар.
    Суорун Омоллоон
  • Кулун төрөөбүт күнүттэн алта-сэттэ ыйын туолуор диэри кулун диэн ааттанар. Сылгыһыт с. Тюрк. кулун

2 этии #

Нууччалыы Наступила вторая молодость (о приливе новых сил в пожилом возрасте)

Этиилэр

Кулун куллурус көр куллурус

Оҕолор -- арыт түмсэ түһэн дьиэрэҥкэй тэбэн дэгэрэҥнэһэллэр, арыт кулун куллуруһаллар. Софр. Данилов. Кулун кэбиһэр (кулун кээспит) - итэҕэс, сиппэтэх эбэтэр өлбүт кулуну төрөт (биэ туһунан).

Недонашивать, выкидывать жеребенка (о кобыле).

  • Кыһын хаар халыҥ буоллаҕына, сылгытыгар үчүгэй дьыл буолар, чараас буоллаҕына, сылгы ырар, биэ кулун кэбиһэр.
    Л. Габышев
  • Биэлэр ырыган буоланнар. аҥардарыттан ордуктара кытарыыра эбэтэр кулун кэбиһэрэ. НД ДК. Кулуннаах биэ курдук куодарыһаллар - наһаа бэртиилэр, хаһан да арахсыбат, куруук бииргэ сылдьар табаарыстыылар. Очень дружить, ходить всегда вместе (букв. они ходят вместе, словно кобыла с жеребенком). Куонааннаах Сэмэн, кулуннаах биэ курдук куодарыһар дьон: "Эмиэ звено буолабыт, хайа алааска, хас гектары, хас туоннаны оттуурга сорудах биэрэҕит?" - дэспиттэрэ.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Кулуннуу уурдар (кулун уурдарда) - туос бөтөрөҥүнэн барда. Ехать галопом. Били икки саллаат аттарын үрдүгэр түһэн эмиэ кэннилэриттэн кулуннуу уурдаран истилэр. Н. Түгүнүүрэп

3 этии #

Нууччалыы Лисохвост

  • Кулун кутуруга - киистэ курдук хойуу куоластаах синньигэс умнастаах, уһун синньигэс сэбирдэхтээх хонуу ото Кинилэр кулун кутуруга, ньалаҕай, локуора былаастаах оттор ыга аспыт сирдэрин -- охсон дьүккүһэ тураллар.
    Н. Заболоцкай
  • Манна араас өҥнөөх сибэккилэр кулун кутуругун кытта булкуһа үүннүлэр.
    А. Бэрияк
  • Кулун кымыһа (ыһыаҕа) - бэс ыйын бастакы аҥарыгар чугас аймахтары кытта маҥнайгы кымыһы иһии (амсайыы). Θ Питье раннего кумыса в узком кругу ближайших родственников (обычно в I половине июня). Былыр бурдук ыһар, сир табыйар иннинэ көр-нар үксэ эбитэ үһү. Сылгылаах ыаллар кулун кымыһын бэлэмнээн эрэллэр.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
  • Кулун (сылгы) туйаҕа - холбоҕор төгүрүк сэбирдэхтээх, араҕас сибэккилээх сааскы уу хонор сиригэр үүнэр от. Θ Калужница болотная. Кулун туйаҕа (калужница болотная) бааска туттуллар. Сир үрдүнээҕи чааһа ыам ыйыгар хомуйуллар. МАА ССКОЭҮү. Үгүс эмтээх үүнээйилэр: киис тиҥилэҕэ, кулун туйаҕа, -- кулааһай ото диэн ааттаахтар.
    ХС
  • Кулун тутар (ый) - календарнай сыл үһүс ыйа. Θ Март. Кулун тутар ый. Улаҕата көстүбэт, остуол ньуурун курдук ыраас, киэҥ хонууларга сааскы көмүөл уута тэлгэммит.
    Амма Аччыгыйа
  • Кулун тутар алта күнүгэр дьыбардаах тымныы сарсыарда этэрээт Төхтүртэн тиһэх айаҥҥа хоҥнубута.
    С. Никифоров
  • Эмньик кулун - ийэтин эмэ сылдьар, түөрт-уон икки ыйдаах кулун. Θ Жеребенок-сосун (от четырех до двенадцати месяцев). Элбэх хаһаа аайытын эмньик кулун элбээбит. Боруода сүөһү Муҥутаан хойдубут. Саха нар. ыр. III. Эн, Микиитэ, эмньик кулун курдук, олус бырдааттаама эбээт. Амма Аччыгыйа

«К» буукуба