Перевод с якутского
арах
туохтуур, ынырыы, аат тыл
Нууччалыы ой
English oh my
Ис хоһооно · 14
1 ынырыы #
Нууччалыы ой
English oh my
Хахайдар уонна баабырдар уонна эһэлэр, арах! львы, тигры и медведи, боже мойLions and tigers and bears, oh my!
2 туохтуур #
(үксүн буолб. ф-ҕа тут-лар)
3 туохтуур #
көр араҕыс
4 туохтуур #
Абааһы аһаабыт сириттэн арахпат (өс хоһ.). "Бар, киэр буол, мэһэйдээмэ", - Өлөөнө үүрэн ыыттаҕына эрэ, Сэмэн үгэһинэн “һы-һы” дии-дии араҕар. В. Гаврильева. Үрэх куулатынааҕы ыарҕаттан хабдьы үөрэ арахпат. И. Федосеев
5 туохтуур #
Аны араҕара эрэ хаалбыт. Ол диэн формальнай дьыала. Морально арахсан бүппүтэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Эрбэр] Аны барыам суоҕа, араҕабын, Дьахтар аймах биһиги Баттабыллаах олохтон тахсар, Бырабаабытын ылар күннэрбит Тиийэн кэллэ дэһэллэр. Саха нар. ыр. III
6 туохтуур #
Онтон Күннээйи ууһа үөскээн, [үс Дьохсоҕон нэһилиэктэн], ол аны Күннээйи диэн туспа нэһилиэк арахпыта. Саха фольк. Табаарыстарым араҕан ханна баартарын, туох санаалаах хайа диэки хайыспыттарын билбэппин ээ. Күндэ. Онтукалара ханна баарый: Назардара холкуоһуттан араҕан барар буолбута. Дьүөгэ Ааныстыырап
Туох бөрүкү билсэрдээх буолуомуй, дойдубуттан арахпытым бэрт өр буолла.
КүндэДойдутун сүтэрбит, дьонуттан арахпыт бырадьаага киһи диэн, бу курдук кэпсэтэн эрдэхтэрэ. Н. Якутскай Дьиэтиттэн араҕан баран хайдах сылдьыбытын ыйыттахтарына, Данияр куотунан хардарара. Ч. Айтматов (тылб.)
7 туохтуур #
ыыгытын ааһан, эргэ куруҥ устун баран иһиэххит, хаҥас өттүгүтүттэн хас да суол араҕыаҕа, ону батыһымаҥ. Күндэ
Өкүүсэ, дьэ, арахтым ини диэххэ айылаах хаҥас диэки баран истэҕинэ: - Манна олорон аһаспакка, эмиэ ханна түстүҥ!.. - диэн Дэлиһиэй бардьыгынаан эрдэҕинэ, Хобороос: - Ээ, чэ, бардын, - диэтэ. Эрилик Эристиин “Абааһыттан арахтаҕым!” - диэн Үөрдүм да этэ. Күтүр өстөөх Күлүгэ тоҕо харатай, Тыына тоҕо ыараханай? Ньургун Боотур. Баайга уҥуоҕу оборор Көйгө, кулут кыыс куотан, Баарта көҥүл олоро Хотонуттан араҕан П. Тулааһынап
8 туохтуур #
Дьиэҕиттэн-уоккуттан тэй, төрөөбүт дойдугуттан ыр аат
Нууччалыы Отдаляться от домашнего очага, покидать родину
9 туохтуур #
Туох эрэ куһаҕантан, кутталлаахтан бар, тэй
Нууччалыы Уходить, удаляться от чего-л. нехорошего, опасного
10 туохтуур #
Туох эрэ дьарыккын бырах, тохтот
Нууччалыы Прекратить, останавливать свое какое-л. занятие
Дьэ бэрт доҕор, бу хаһан хаартыттан араҕан, от тиэйэн ынаҕын аһатыа буолуой?
КүндэОтуччабын туолан иһэн Ойох-кэргэн ылбытым, Онтон сылтаан, тэмтэрийэн, Ойууртан арахпытым П. Тобуруокап
11 туохтуур #
Аас, араҕыс (ыарыы, өлүү-сүтүү туһунан)
Нууччалыы Миновать, проходить (о болезни, несчастье)
Эрэн: өлүү-үлүгэр эстэн, ааһан, араҕан, “Хатыҥ Үрэх” үрдүгэр Үөрүө маҥан балаҕан. Эллэй. Аас-туор, аччык араҕан Сору кыйдаан көтүттүм. Уонна ааҕар балаҕан Уотун үрэн күөдьүттүм. П. Тулааһынап Ыар сыллар ынчыктаһан, наарта курдук таҥнастыахтыы Өбүгэбитин барыы сыһан Аастылар араҕардыы. Доҕордоһуу т
12 туохтуур #
Тэйэн-арахсан хаал, умнулун (үксүн мэлдьэх. ф-ҕа тут-лар)
Нууччалыы Забываться, оставлять в покое (обычно употр. в отриц. ф.)
Үлэлиэх санаа кэлбэтэ, өйүттэн Маайа кыыс арахпата. Н. Неустроев Ахтараҥда диэн үрэххэ үөскээбит алыс кэрэ өҥнөөх күндү тааһы эдэр сааспар көрбүтүм билиҥҥэ диэри санаабыттан арахпат.
Суорун Омоллоон“Тукаам, бараахтаа, ити куһаҕан бит арахпат буолла”, - оҕонньор туран, чарт тымтайын ылан дьиэтин диэки хаамта. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
“Аны биирдэ көрсүөхпүт”, - Мааппа ити тыла киһи өйүттэн арахпат Н. Заболоцкай
13 этии #
Этиилэр
Аан дойдуттан арах - көр араҕыс
Аан дойдуттан араҕарбар Ураа муостаахпын утаарарым кэриэтэ, тутум буор тутуурдаах Аттанаахтаан көрдөҕүм, Араҕаахтаан бардаҕым! С. Зверев Ср. тюрк. ара ‘лежа, граница’
14 #
саҥа алл. Иэдээн! (кутталы биллэрэр тыл)
Нууччалыы Беда! (слово, передающее испуг, страх)
“Арах” диэхтээҕэр, “алака” буоллаҕа дии (өс хоһ.). Кэлэ оҕус, хамсыыр, оо, арах, аны ат буолла, бу алдьархайы, кэлэн сискэ саай, төбөтүн сиигинэн түһэр. Н. Заболоцкай "Бу күтүр киһини аны ууга түһэриэ. Арах оҕолор!" - дии санаан баран, оҕонньор ханна да барбытын билбэтэ Н. Неустроев