ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

докумуон

аат тыл

Нууччалыы документ

1 аат тыл #

Тугу эмэ дакаастыырга туһаныллар, туох эмэ быраабы бигэргэтэр кумааҕы (дьыала)

Нууччалыы Документ (деловая бумага)

  • Саха үгүс былыргы сэһэннэрэ историческай докумуоннары кытта сөп түбэһэллэрин ааһан, өссө сурукка киирбэтэх ымпыга-чымпыга толорутунан ордук сыаналаах буолар түбэлтэлэрин историктар -- бэлиэтээн тураллар.
    Саха фольк
  • Уматыгы ыла кэллибит диигит дуу? Ол онно докумуон наада. Холобур, дэбиэринэс диэн баар буолааччы
    Н. Габышев

2 аат тыл #

Тус бэйэни бигэргэтэр суругунан дастабырыанньа

Нууччалыы Документ (удостоверяющий личность)

  • Хас барар-кэлэр пассажирдар докумуоннарын үчүгэйдик бэрэбиэркэлээтиннэр.
    Н. Якутскай
  • Уол пааспарыттан ураты соҕотох докумуонун – ачыстаатын сэкирэтээргэ уунна
    Н. Лугинов

3 аат тыл #

Историческай суолталаах түбэлтэни, түгэни бигэргэтэр суругунан аакта, грамота, уруһуй о. д. а

Нууччалыы Письменное свидетельство о каких-л. исторических событиях, фактах

  • Бу норуот чааһынай кэпсээнэ, төһө да 286 сыл аастар, докумуону кытта адьас үүт харахха түһэр.
    Саха фольк
  • Борис Николаевич кэпсээнин архыып биир докумуона адьас үүт уган бигэргэтэр
    Багдарыын Сүлбэ

«Д» буукуба