ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аакта

аат тыл

Нууччалыы письмо, документ, удостоверяющий что-л., имеющее юридическую силу

аат тыл

Тугу эмэни туоһулуур сокуоннай күүстээх сурук, докумуон (хол., туох эмэ баарын-суоҕун, туругун уо. д. а. үксүгэр суруллубут чахчы сөптөөҕүн бигэргэтэн хас да киһи илии баттыыр)

Нууччалыы Письмо, документ, удостоверяющий что-л., имеющее юридическую силу (обычно подписывается несколькими лицами)

  • Кырдьыга да барыта манна оҥоһуллубатах, үгүс өттө урут оҥоһуллан бэлэмнэнэн кэлбит аакта этэ.
    Эрилик Эристиин
  • Специалистар сүөһүлэри пааспардаан, төһө үүтү биэрэллэрин мэктиэлээн туран табаарынай пиэрмэлэргэ анал аактанан туттарбыттара. "Кыым". Эрэбиисийэлиир хамыыһыйа бэйэтин аактатын холкуос бырабылыанньатыгар биэрэр
    КПЫ

«А» буукуба