ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аакка

Нууччалыы выражает субъективное выделение длительности и непрерывности совершения действия

1 #

эб

  • Мария Ивановна Аласовтаах Кустуроваҕа аһын сыҥалыыр аакка олордо. Софр. Данилов. Сүөдэр ыалга күнүһүн олорбот, тутуохтара диэн куруутун саһар аакка сылдьар
    Н. Якутскай

2 #

Саҥарааччы хайааһын уһуннук, тохтоло суох буоларын бэлиэтиирин көрдөрөр

Нууччалыы Выражает субъективное выделение длительности и непрерывности совершения действия. [Ньукулай оҕонньор:] Түүлээх сыттын, билигин былаас уларыйар аакка турар

3 #

Хайааһын биир күдьүс, соруктаахтык буоларын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает совершение непрерывного и целенаправленного действия

  • Уонча хонугунан Сэмэн оҕонньор ыарыыта арыый мүлүрүйэн, үтүөрэр аакка барда.
    Н. Лугинов
  • Былыргы ас эгэлгэ үчүгэйин тардан кээспиттэр, дьиэлээх хотун бокуойа суох чэй кутар аакка барбыт.
    Саха фольк
  • Андрей Кузьмич иллэрээ сылтан ыла оҕолорунаан чугастааҕы күөллэри үөрэтэр, чинчийэр аакка туруммуттара
    ХС

«А» буукуба