Перевод с якутского
диэтэҕиҥ
туохтуур
Нууччалыы выражает модальное выделение, усиление высказываемой мысли
туохтуур
эб. Этэр санааны, эбэн, чорботон күүһүрдүүнү көрдөрөр (үксүн ааттары кытта тут-лар)
Нууччалыы Выражает модальное выделение, усиление высказываемой мысли
Кырса ардыгар уон алтаҕа тиийэ оҕону төрөтөн ньырылатар. Эймэҥнэһэн элбэх ыама диэтэҕиҥ. И. Федосеев Барахсан, маҥан куба ууга түһэн олорорун курдук, кылбайан, кырдьык да, бэртээхэй дьиэ диэтэҕиҥ Кыым Арыт хомолто, сиилээһин толбонноох буолар. Θ Иногда имеет оттенок сожаления и осуждения. Туһугар эмиэ моһуок диэтэҕиҥ. Табыллыбат дьон киэнэ куруук итинник.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (4)
Быһатын эттэххэ, ылахтаһыы диэтэҕиҥ.
Г. КолесовКир-хах, дьүһүн-бодо диэтэҕиҥ И. Данилов Эмоциональнай күүркэтиини көрдөрөр, күүһүрдэр интонацияны уонна дьэ диэн курдук сыһыан тыллары кытта туттуллуон сөп. Θ Выражает эмоционально-экспрессивное усиление (сочетается с восклицательной интонацией и модальными словами типа дьэ). [Кыыс:] Ол эрээри хайаан да мөлтөх сирдээх. Ону таба тайаныахха наада! Сыалай стратегия диэтэҕиҥ!
Н. ЛугиновИтини барыта эттэххэ дөбөҥ, судургу курдук. Тэрийиэх диэтэххэ, дьэ, түбүктээх дьыала диэтэҕиҥ! Софр. Данилов. Дьэ, уолаттар диэтэҕиҥ!
Г. Колесов