Перевод с якутского
сурук
аат тыл
Нууччалыы письмо
English letter; writing, letter
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы письмо
English letter (to someone); writing, letter
сурукта ыыт отправить письмоto send a letter
2 аат тыл #
Кимиэхэ эмэ тугу эмэ иһитиннэрэр, кэпсиир ис хоһоонноох кумааҕыга суруллубут суруйуу
Нууччалыы Текст, написанный на бумаге, письмо
Эһигиттэн икки суругу туттум буолан баран, тута эппиэттиир түгэн суоҕа.
Н. Лугинов[Варвара:] Убайыҥ эйиэхэ сурук ыыппыт. Ити остуолга сытар. С. Ефремов Киниттэн сурук кэлбитэ аҕыйах хонно Дьүөгэ Ааныстыырап
3 аат тыл #
Сатаан суруйар буолуу, суруйуу үөрүйэҕэ
Нууччалыы Умение писать, навыки письма, грамота
Саха ыччата бэрт уһун кэмҥэ бу букубаарынан сурукка үөрэммитэ.
Суорун Омоллоон[Өрүүскэ:] Оҕонньор кыыһыгар Маайыска сурукка үөрэттэрэр эбит.
КүндэСол күнтэн эһэбин сурукка үөрэтэн эрэбин Т. Сметанин
4 аат тыл #
Анал бэлиэлэри (хол., буукубаны) туттан суруйуу
Нууччалыы Система графических знаков, употребляемых для письма, письменность
Былыр норуот суруга суох эрдэҕинэ үөскээннэр, бу кэпсээннэр норуот тыыннаах летопиһын курдук буолбуттар. Саха фольк Саха дьоно Бётлингк алпаабытынан бэйэ-бэйэлэрин кытта суруйсаллара. Итинэн сахалыы сурук 1851 сылтан ыла тэнийэн барбыта. ЧМА СТСАКҮө. [С. А. Новгородов] үөрэнэр кэмигэр саха тылын анаан үөрэппитэ, фольклору хомуйбута уонна саха суругун олохтообута ЧМА СТСАКҮө
5 этии #
Нууччалыы Письменное завещание
Этиилэр
Кэриэс сурук
киһи өлбүтүн кэннэ хаалар нэһилиэстибэтин хайдах дьаһайар туһунан эбэтэр уопсайынан хаалааччыларга, кэлэр көлүөнэҕэ туһуламмыт суругунан дьаһала, кэс тыла Кини кэриэс суругар хоруйдаан ырыа суруйбутум.
Кини ытыллыан иннинээҕи кэриэс суругун -- саха ыччаттара үгүс түмсүүлэргэ харахтарыттан уу-хаар баһан, ытаһа-ытаһа, биирдэ эрэ аахпатахтара. И. Федосеев Хаҥалас нэһилиэгин олохтооҕо "кэргэнигэр уонна оҕолоругар кэриэс сурук" хаалларбыт эбит. ХС
Махтал сурук көр махтал
Дуомуна үөрүөн иһин, [уола] бырааһынньыкка махтал сурук тутааччы. А. Сыромятникова
Сурук бэлиэтэ
этиини эбэтэр этии иһигэр тыллар икки ардыларыгар тохтобулу арааран бэлиэтиир анал бэлиэ (туочука, соппутуой, икки туочука о. д. а.).
Знак препинания.
Этии бүттэҕин аайы сурук бэлиэтэ туран иһэр. ЕНВ СТ. Этии кэнниттэн ханнык сурук бэлиэтэ турбутун өйдөөн көрүҥ. КИИ СТ- 2.
Сурук остуола
олорон үлэлииргэ, суруксуттуурга аналлаах остуол.
Письменный стол.
Күөх сукуна сабыылаах сурук остуолун иннигэр тойон дьыала көрө олорор. А. Софронов Биир биллиилээх учуонай дьиэтигэр сурук остуолуттан уонна олорор олоппоһуттан ураты туттар сэбэ туга да суох эбит.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (8)
Ыйытыыта суох сурук остуолун аттыгар турар олоппоско лах гына олордо. Н. Абыйчанин Сурук таһааччы эргэр., кэпс. – буоста таһааччы. Почтальон, письмоносец. Улахан баҕайы таҥас суумкалаах, сурук таһааччы тиэтэйэн-саарайан иһэр. Д. Таас Үнүрүүн сурук таһааччыттан Үҥэн-сүктэн көрдөһөн -- Хобороос эбэҕэ кэлбит Хара суругу ылтым. И. Егоров Сурук үлэтэ кэпс., хом. суолт. – хонтуораҕа олорон үксүн кумааҕы, сурук үлэтин толоруу. Конторская, сидячая работа. Старательскай бириискэҕэ сурук үлэтигэр үлэлээбитим. Эрилик Эристиин Дмитрий уон кылааһы бүтэрэн баран, оройуоҥҥа сурук үлэтигэр киирбитэ. М. Попов Хара сурук кэпс. – сэриигэ сылдьар буойун өлбүтүн туһунан биллэрэр сурук. Похоронная (извещение). Кийиитим, уолум хара суруга кэлбитин кэннэ икки сыл кэриҥэ олорон баран, атын киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. С. Никифоров "Аҕам сэриигэ өлбүт, хара суруга кэллэ", – уонна үс муннуктуу тутуллубут саллаат хара суругун тырыттыбыт ыстаанын сиэбиттэн хостоон таһаарда. В. Иванов Ср. чув. сыру ‘письмо’, монг. дьирук ‘рисунок’, алт. дьурук ‘картина’