Перевод с якутского
лиис
аат тыл
Нууччалыы тонкий плоский кусок, пласт какого-л. материала; лист
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Хаптаччы дьапталанар матырыйаал биир араҥата, быстаҕа, тэҥнии чараастык быһыыталаммытыттан биирэ
Нууччалыы Тонкий плоский кусок, пласт какого-л. материала; лист
Тэтэрээт лииһэ. Үс лиис тимир. Биир лиис өстүөкүлэ. Бэҕэһээ чугас лааппыттан Мин саҥа кинигэ атыыластым, Аҕыйах лииһи ааҕаатын Аһыырбын умнан ыллардым. П. Тобуруокап "Биир киилэ тоһоҕото, биэс лиис паньыарата биэрээр" - диэн сибис гынар И. Бочкарев
Өссө холобурдар (1)
Лиис тимиртэн оҥоһуллубут чычаас нэлэгэр иһит. Θ Простая посуда, представляющая собой железный лист с загнутыми краями; противень. Эстэрээппэ дьахталлар икки улахан тимир лиискэ буспут эти буруолаппытынан мадьалытан киллэрдилэр. С. Курилов (тылб.)
2 аат тыл #
Киһи туохха эмэ бырааптааҕын, үтүөлээҕин туоһулуур эбэтэр туох эмэ дьаһалы тириэрдэр докумуон
Нууччалыы Документ, удостоверяющий какое-л. право, заслугу или содержащий какие-л. предписания; лист
Аһаҕас лиис. Толорторуулаах лиис. Больничнай лиис. Чооруонап төрдүс кылааһы хайҕал лиистээх бүтэрдэ У. Нуолур
3 аат тыл #
Бэчээттэнэр тиэкис (кинигэ) кээмэйэ
Нууччалыы Единица исчисления объема печатного текста; лист
Авторскай лиис. Бэчээтинэй лиис
4 этии #
Лавровай лиис - лавр мас аска тума быһыытынан хатарыллан бэлэмнэммит сэбирдэхтэрэ Лууктаа, үс-түөрт лавровай лиистэ уур, ааттаах миин буолуо. Н. Габышев
Нууччалыы Лавровый лист