ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холуоҥка

аат тыл

Нууччалыы сооружение в виде столба, служащее опорой в здании или воздвигаемое в качестве монумента, колонна

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Үрдүк таас дьиэлэргэ тирэх буолар эбэтэр баараҕай киэргэл буолар кэтит остуолба баҕана

Нууччалыы Сооружение в виде столба, служащее опорой в здании или воздвигаемое в качестве монумента, колонна

  • Сааланы эргийэ кэккэлэһэн турар маҥан мыраамар холуоҥкалар үрдүлэринэн аан дойду суруйааччыларын мэтириэттэрэ кэккэлэспиттэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Оскуола] холуоҥкаларын үрдүлэринэн сабырыйан турар киэргэтиилээх чарапчылаах
    М. Доҕордуурап

2 аат тыл #

Туох эмэ уһун субурҕа, ньолбучах эбэтэр төкүнүктүҥү быһыылаах тиэхиньикэҕэ оҥоһук аата

Нууччалыы Название разных технических устройств в форме цилиндра или вообще удлинённых, колонка

  • Муусуканы улаатыннарар холуоҥка

3 аат тыл #

Массыынаны, араас сүүрэр тиэхиньикэлэри бэнсиининэн, атын да уматыгынан сапыраапкалыырга туһаныллар туруору дьааһык быһыылаах тэрил

Нууччалыы Установка для отпуска жидкого горючего автотранспорту, колонка

  • Бэнсиин холуоҥката
  • Тыһырдьа ууну хачайдаан ылар оҥоһук. Θ Водопроводное устройство с краном, установленное на улице, колонка. Холуоҥкаттан уута киллэр.
  • Уу сүүрүгүрэригэр анаан куорат былаастара туттарбыт холуоҥкалара куруутун тэстэ турара. Индия кэпс. Холуоҥка таһыгар икки дьахтар, толору уулаах солуурдарын умнан, кэпсэтэллэригэр үлүһүйэн тураллар
    ХС

4 аат тыл #

Хаһыат суругун туруору субурҕата

Нууччалыы Ряд коротких строк, образующих длинную полосу газетного текста, столбец

  • Хаһыат холуоҥката

«Х» буукуба