ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

остуолба

аат тыл

Нууччалыы колонна; столб; шест

English column, pillar, pole, post

1 аат тыл #

Нууччалыы колонна; столб; шест

English column, pillar, pole, post

  • телеграф остуолбата
    телеграфный столбa telegraph pole
  • буруо остуолбата
    столб дымаa column of smoke

2 аат тыл #

Сири дьөлө хаһан туруору олордуллубут суон дүлүҥ

Нууччалыы Столб. Тэлэгирээп остуолбата. Бүтэй остуолбата. Ол хайаҕа биһиги, бэлиэ буоллун диэн, суруктаах мас остуолба туруоран кэбистибит. А. Софронов. Томторго - киһи уҥуохтара. Ардахтан хараарбыт остуолбалар им-дьим хороһон тураллар. Л. Попов. Билигин наар остуолбалары туруорууга, боробулуоханы тардыыга күүстэрин ууран үлэлииллэр. М. Доҕордуурап

3 этии #

Нууччалыы Два крайних звена у крыла невода с широкими ячеями

  • Дьэргэлгэн (күрэх) остуолба - муҥха кынатын киэҥ харахтаах кытыы өттүлэрэ Остуолба бүтэй көр бүтэй II. Күөл оннугар остуолба бүтэй иһэ көбүөхтэс сылгы буолбут.
    Эрилик Эристиин
  • Бу үс мас остуолба бүтэйбит Күрүөлүү турдун, кириэппэс буоллун.
    С. Васильев
  • Онуоха Көстөкүүн түөрт мастаах остуолба бүтэйи сүүрэн иһэн үрдүнэн ойон кэбиспит.
    И. Сосин
Өссө холобурдар (2)
  • Остуолба испиискэ эргэр. - өрөбөлүүссүйэ иннинэ Эмиэрикэттэн аҕалар испиискэлэрэ. Θ Американские серные спички, бытовавшие в начале ХХ века. Оччолорго остуолба испиискэ дэлэй буолара. Өлүөнэ остуолбалара - Өлүөнэ өрүс орто сүүрүүтүгэр баар сүдү таас очуостар. Θ Ленские столбы (известковые отложения фауны Кембрийских морей в виде скальных образований). Өлүөнэ остуолбаларын кэтэҕиттэн сааскы күн сардаҥата өрө сараадыйан таҕыста.
    И. Егоров
  • Хара остуолба эргэр. - былыр буруйдаммыт киһини таһыйалларыгар кэлгийэр тэриллэрэ. Θ Станок для привязывания осужденного к наказанию плетью. Ол курдук кинини, ыарахан буруйунан буруйдаан, хара остуолбаҕа туруоран баран, уон биэс охсууга уураах таһаарбыттар.
    МНН

«О» буукуба