ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

остуол

аат тыл

Нууччалыы стол

English table

1 аат тыл #

Дьиэ ис бараанын (миэбэл) көрүҥэ: үчүгэйдик ыпсарыллыбыт устуруустаах хаптаҕай ньуурдаах, атахтардаах тэрил (атаҕын ахсаана, оҥоһуута араас буолар)

Нууччалыы Стол (вид мебели)

  • Сурук остуола. Эбиэт остуола.
  • Сибилигин аҕай кэлэн аһаары остуолга олорон эрэрэ.
    Суорун Омоллоон
  • Хотуна Баһылайга табах биэрдэ уонна хаҥас остуолга чэй бэлэмнээтэ
    Н. Түгүнүүрэп

2 аат тыл #

Кими эмэ анаан ыҥыран күндүлээһин-маанылааһын

Нууччалыы Угощение, застолье

  • Быр курдук ичигэс балаакка маанылаах остуолугар бырааһынньыктыы олорбуттара.
    В. Протодьяконов
  • Киэһээҥҥи остуолбутугар кэлэргитигэр көрдөһүөхпүн баҕарбытым эбээт. Л. Толстой (тылб.)

3 этии #

Нууччалыы Накрывать на стол, угощать

  • Остуолла тарт - 1) бырааһынньык, күндү-мааны остуолун бэлэмнээ, күндүлээ Киэһэ дьиэлээхтэр, остуол тардан, хоноһолорун күндүлүүллэр-маанылыыллар.
    Н. Якутскай
  • Уобаластар, аэропортар салайааччылара биһигини остуол тардан, айах тутан көрсөллөр. "ХС"; 2) остуолга иһити, аһы бэлэмнээ. Θ Разлаживать блюда на столе

«О» буукуба