Перевод с якутского
хамсат
туохтуур
Нууччалыы двигать
English to move
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Нууччалыы двигать
English to move (something)
остуолу хамсат подвинь столmove the table оҕону хамсатыма, утуйдун не трогай ребёнка, пусть спитdo not move the child, let him sleep
2 #
Төрүүрүҥ чугаһаан, искэр оҕоҥ хамсыыр буол (ынах туһунан)
Нууччалыы Шевелиться, двигаться (о детёныше коровы при близком отёле). [Дьахталлар] Хайа эмэ ынахпыт Хамсатаарай, баҕар, диэннэр, Кистии-саба сылдьаннар, Кэтиир-маныыр буоллулар
хамсаа диэнтэн дьаһ. туһ. Онтон талахпын туох эрэ тардыалаан, хамсатарга дылы гынна.
Суорун ОмоллоонОт тиэйээччи атын муоһатын хамсатта, иһиирэн чыскытта. М. Доҕордуурап Мин хонон турдаҕым аайы үтүөрэ быһыытыйан истим, илиибин, атахпын көҥүл хамсатар буоллум. А. Бэрияк
Өссө холобурдар (2)
[Бургунас] сааскы Ньукуолун саҕана төрүөхтээх. Билигин хамсата сылдьар. И. Гоголев Мотуруона уолун дьиэҕэ хаалларан баран, төрөөрү хамсата турар ынаҕын көрө тахсыбыт. ВЕФ СХ
3 этии #
Нууччалыы Испытывать тягостное, томительное чувство от безделья; изнывать от безделья, нудиться
Этиилэр
Айаххын хамсат көр айах I
Сэниэтэ эбин, айаххын хамсат, ааспыккын аһар! П. Тобуруокап
Орулҕанын хамсат көр орулҕан
Орулҕаммын хамсатта. ПЭК СЯЯ
Тарбаҕын да хамсатан көрбөт көр тарбах
Бэйэҥ тахсан соруйуоххар диэри тарбаҕын да хамсатан көрбөт. ХС
Санааҕын хамсатыма көр санаа II
Айан олус эрэйдээх, ону тулуйбакка үгүстэр төннүбүттэрэ, оттон кини санаатын хамсаппатаҕа. А. Сыромятникова Дьоҥҥо ытыктанар, туһалаах идэҕэ үөрэниэҥ. Атыҥҥа олох ыытыам суоҕа, санааҕын хамсатыма даҕаны. М. Попов
Уйулҕатын хамсат көр уйулҕа
Төрөөбүт айылҕа уйулҕаны хамсатар кэрэ көстүүлэрэ киһини күүрдэллэр.
Н. ЛугиновИти кэпсээн Николай уйулҕатын хамсаппыта. А. Сыромятникова
Уу долгуратын хамсаппат киһи көр долгура
Уу долгуратын хамсаппат, күөх оту тосту үктээбэт киһи.
Өксөкүлээх ӨлөксөйХара маһы хамсатар түөлбэ. – кэлэ-бара сатыыр, тугу да гынара суох буолар, тэһийэ сатыыр Ылымына, хара маһы хамсата олорор тойоҥҥо биир да киһи күндүтүк көһүннэ. М. Доҕордуурап
4 этии #
Нууччалыы Движущая вдохновляющая сила
Этиилэр
Кымыс хамсатар көр кымыс I
"Оо, Баай Хара-Хаан обургу кымыс хамсатарын хатыҥ маһынан оҥосторо буолуо диэбитим, удаҕан дьахтар хамсатардаах буолар эбит дуу!" – диир [Оноҕочоон Чоохоон].
Суорун Омоллоон[Туос көҥкөлөй] симиир айаҕар олордон кымыһы хамсатарга аналлаах. НБФ-МУу СОБ. Ойдуо уопсай оҥоһуута кымыс хамсатарга маарынныыр. ЧАИ СБМИ. Хамсатар күүс үрдүк. – туохха эмэ (хол., айар үлэҕэ) күүрээннир, өрө күүрдэр, көҕүлүүр ким, туох эмэ Былыргы саха айар үлэтин хамсатар күүһүнэн айылҕаны кытары быстыспат ситимэ, итэҕэлэ, өбүгэлэрин утумнааһына буолара. АЭ ӨӨКХ
Үлэҕэ муҥутуур үрдүк көрдөрүүнү ситиһэргэ дьулуур
улахан хамсатар күүс.
"Кыым". Хайа да дьыала хамсатар күүһүнэн киһи буолар. "Чолбон"