ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хамсаа

туохтуур

Нууччалыы перемещаться

English to move; move

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы перемещаться

English to move (change location); move

  • хамсаама
    не двигайсяdon't move

2 туохтуур #

Араастык хамсан-имсэн, хамсанан кэл

Нууччалыы Измененять положение тела или его частей, приходить в движение, двигаться, шевелиться

  • Ытыһынан Вася көхсүн таарыйан баран, дьүккүс гына хамсаата эрэ быһыылаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Маны истибэккэ, киһи кыайан хамсаабат буолуор дылы таһыйан баран, иккис киһиэхэ кэлэр.
    Эрилик Эристиин
  • Бастакы киһи адьас хамсаабат, Тыынара да соччо иһиллибэт
    С. Васильев

3 туохтуур #

Күөгэй, холкуҥнаа (от-мас, тыа баһын туһунан)

Нууччалыы Колебаться, колыхаться, качаться (о листве, о кроне деревьев)

  • Сэмэй тыалтан сэбирдэх Силигирии хамсыыр. Эллэй. Киэҥ, ыраас хонуу кытылыгар хахыйах ойуур хамсыы турар.
    М. Доҕордуурап
  • Хара тыа хамсаан барда
    ХС

4 туохтуур #

Эһин (өрүс мууһун туһунан)

Нууччалыы Вскрываться (о реке)

  • Аны түүн мууспут хамсаарай?
    Амма Аччыгыйа
  • Бу тугуй, тыал дуу, муус хамсаата дуу?
    Н. Заболоцкай
  • Өрүс мууһа хамсыахча буолуута кырдьаҕас атыыр сылгы үөрүн-сүүрүгүн быраан аннын диэки көһөрөн барылыы кистээн ааһыаҕа
    Сэмээр Баһылай

5 туохтуур #

түөлбэ. Айаҥҥа тур, айаннаа, хоҥун

Нууччалыы Двигаться, отправляться в путь

  • Сарсыарда сырдыан иннинэ тааска тиийэр буоллахха, утуйбакка эрэ, киэһэ хойутуу мантан хамсаатахха табыллар
    Болот Боотур

6 этии #

Нууччалыы Лишаться душевного равновесия; выбиваться из колеи

Этиилэр

Айаҕа хамсыырын кэтэс көр айах I

  • Бары бастакы сэкирэтээр айаҕа хамсыырын кэтэспэтиннэр. Софр. Данилов.

Илиитэ хамсаабат көр илии

  • Миигин бандьыыттар, сүөһү курдук, өлөрөр сирдэригэр үүрэн илдьиэхтэрэ, букатын илиилэрэ хамсаабакка.
    С. Ефремов

Илиитэ эрэ хамсаатар (хамсыа эрэ кэрэх) көр илии

Илиибит эрэ хамсаатар,

Илгэ быйаҥ дэлэйэр.

  • Дьуон Дьаҥылы.

Кырааската хамсаабыт көр кырааска

  • Дьахтар оҕолоноору кырааската хамсаабыт.

Обото көптө (хамсаата) көр көп I

  • Обото хамсаатаҕына охсуоланар кутуругун хомуна тардан кумуччу туттар.
    ХС

Отуора хамсаабыт

тулууруттан, холкутуттан тахсыбыт; олох, үлэ үөрүйэх буолбут майгытыттан, тэтимиттэн ыһыллан хаалбыт Иван Иванович дьиэтигэр төннөн баран, бэрт улаханнык отуора хамсаабыта.

  • Н. Гоголь (тылб.).

Өйө (төбөтө, мэйиитэ) хамсаабыт көр өй

  • "Өйө хамсаабыт дуу?" – диэн Слепцову кытта быһаарса олорбут үһүс учаастак управляющайа ыйытар.
    Н. Якутскай
  • – Оо, сорун эбитин! Оо, сорун! Таҥара ыардык да кыраабыт! Аһыммат буоларым оҕобун… Аны бу төбөтө хамсаабыт!
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
  • [Дьаамнаах:] Бу эмээхсин кутталыгар буолан өйө хамсаабыт.
    С. Ефремов

Сүргэтэ хамсаабыт (ыстаммыт) көр сүргэ

  • Маннык сүрдээх-кэптээх быһыыттан Маһарах сүргэтэ ыстаммыт, кэлбит суолун устун төттөрү дойдутун диэки көтүтэ турда.
    Эрилик Эристиин

Сүрэҕэ хамсыыр көр сүрэх I

  • [Кэтириис:] Кини кэпсээниттэн сүрэҕим хамсаатаҕа үһү.
    А. Софронов
  • Кинини көрөөт, Сэмэнчик сүрэҕэ хайдах эрэ хамсаан, хаана оонньоон, хараҕа арахпат буолла.
    Н. Неустроев
Өссө холобурдар (1)

Сүһүөҕэ хамсыыр көр сүһүөх

  • Бэркиһээммин Кэннибинэн чинэрийдим, Сөҕөн сүһүөхтүүн хамсаатым.
    С. Зверев
  • Сонун тэллэҕэ ибигириириттэн көрдөххө сүһүөҕэ хамсыыра.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Хахатаа кымньыытын уунарыгар сүһүөхтэрэ хамсыар диэри долгуйбута. Ойуку.

Уйулҕата көппүт (ыстаммыт, хамсаабыт) көр көт

  • Чороон үҥкүүтүн толорон Нуоҕалдьыһан киирэргитин Уйулҕам хамсыы, долгуйа Олус даҕаны көһүттүм.
    С. Данилов
  • Оо, ат барахсан хабараан алдьархайтан уйулҕата хамсыыра олус суоһар, олус ынырык буоллаҕа.
    С. Никифоров

Уҥуоҕа хамсыар диэри көр уҥуох

  • Уол уҥуоҕа хамсыар диэри куттанна.

Үөнэ хамсыыр көр үөн

  • [Балбаара:] Быыпсай Сүөдэр ымсыытыгар иҥсэрэн үөнэ хамсаан эрэр.
    С. Ефремов

Хаана (хаана-сиинэ) хамсаата көр хаан I

  • Адычча уола киһитэ хаана хамсаабытын көрөн, хайдах эрэ, моонньо саннын иһигэр киирэн, уҥуох уҥуоҕа босхо баран, эппитин кэмсиммит курдук туттан, киэр хайыспыта.
    Н. Якутскай
  • Кыыс Хотун туһунан эттэххэ, манна хаана хамсаабат киһи бэрт аҕыйах.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • [Варвара:] Эн сүрэҕиҥ ыалдьыбат дуо, эн хааныҥ хамсаабат дуо?
    С. Ефремов

Хамсыы-хамсыы тахсар

олус түргэнник, өлгөмнүк үүнэр (үүнээйини этэргэ).

Всходить, пускать ростки, расти очень быстро и обильно (о растениях).

  • Уу хонон ааспыт хочолоругар, күн уотун угуттанан, намчы күөх от хамсыы-хамсыы тахсар.
    ХС
  • Быыкаа өлүү сирбит туомугар ыспыт ньэчимиэммит ардахтар кэннилэриттэн хамсыы-хамсыы тахсыбыта.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Адьас көрөн турдаххына, от-мас хамсыы-хамсыы тахсар. КЗА АҮө.

Харыс хамсаама

биир сиргэ өр тур; ханна да барбакка-кэлбэккэ биир сиргэ уһуннук олор, олохсуй.

Долго стоять на одном месте; проживать в одном месте длительное время (букв. не двигаться (не трогаться) с места).

  • Кыһын харыс сири хамсаабат, таҥас-сап да суох ону сэргэ хотон үлэтэ киниэхэ сырдыгы бэрсибэт.
    Н. Борисов
  • Ардыгар харыс да хамсаабакка, ис-иһиттэн уоскуйан-нуурайан ууну одуулаан туран хаалара. ЛМ А. ДТС, тюрк. хамша, камша

«Х» буукуба