ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хамса

аат тыл

Нууччалыы труба

English pipe; pipe

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы труба

English pipe (general-purpose); pipe (for smoking)

  • таас хамса
    фарфоровая трубкаporcelain pipe
  • мас хамса
    деревянная трубкаwooden pipe

2 аат тыл #

Табаҕы симэн уматарга аналлаах, алтантан, тимиртэн, удьурҕайтан, муостан уонна да атын матырыйаалтан оҥоһуллубут төгүрүк быһыылаах төбөлөөх, ол төбөтүгэр буруону оборон ылар көҥдөй умнастаах табаҕы тардар мал

Нууччалыы Курительная трубка

  • Марба алтан хамсатыгар табах ууран тарда-тарда санааҕа түстэ.
    Күндэ
  • Манныгы истэ-истэ Максимов бухгалтер Маҥан таас хамсатын Мас булан тобулар, Баттаҕын тарбанар.
    П. Тобуруокап
  • Михайлов хамсатын уматтыбыта уонна туран төттөрү-таары хаамыталаабыта.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)

3 этии #

Этиилэр

Хамсалаах (хамса) табах быстыҥа көр табах

  • Хамсалаах табах быстыҥа көлөһүн-балаһын аллан ыскылааттаан аахпыта. Софр. Данилов. Бу күннэргэ, төрөөбүт буоругар үктэнээт, хамсалаах да табах быстыҥар соло булбакка, наар үлэлээн, дьону кытта эрийсэн таҕыста.
    Болот Боотур
  • Хата, мин хамсалаах табах быстыҥа курдук кини иннинэ күн сирин көрбүт үһүбүн. Күрүлгэн.

Хамса табах устата

хамсалаах (хамса) табах быстыҥа диэн курдук.

  • Хамса табах устата Кэлэн тохтуу түһэбин. П. Тулааһынап

4 этии #

Нууччалыы Якутская курительная трубка: маленькая железная или медная трубка с деревянным, из двух продольных половинок чубуком, обвитым тонким ремешком

Этиилэр

Быа хамса

саха хамсата диэн курдук.

  • Дуруускаһыт Хобороонньо, Алтан бастаах быа хамсаны Атаҕыттан ороон ылан, Сымыйанан табах тардан, Сылбархай итии чэйи Сыыйа иһэ олордо.
    Күннүк Уурастыырап

Доҕуур хамса көр доҕуур II

  • Доҕуур хамсатын Соппойон ылар, Чууркаҕа тэбиир Чубуугун ыстыыр, Чуур-чаар силлиир. Эллэй.

Саха хамсата

тимир эбэтэр алтан төбөлөөх, икки уһаты хайытыллыбыт уонна синньигэс быанан эриллибит мас умнастаах, чубууктаах хамса Түмэлгэ былыргы саха хамсатын көрдүм.

Тобук хамса көр тобук

  • Эһэм тобук хамса оҥоһунна.

Хамса баһа

хамса табах кутар хаһыллыбыт төбөтө.

Чашечка курительной трубки для набивания табаком.

  • [Пистолет:] Ол хамса баһыгар дылы хайдах туура тардаҕын?
    С. Ефремов
  • Хамса сойуога түөлбэ. – хамса тобулар диэн курдук. Хамса сойуогун боробулуоханан эмиэ оҥостоллор эбит.

Хамса табах

хамсаҕа биирдэ ууран тардыллар табах, биир тардыы табах.

Табак на одно выкуривание.

  • [Кэтириис:] Миэхэ хамса табаҕы, кутуу чэйи бас биллэрбэт.
    А. Софронов
  • Адычча уола туох да диэн булумуна, биир хамса табаҕы ытыһыгар туппутунан, туран хаалта.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Билигин бу ыалларга ытыс бурдук, хамса табах, кутуу чэй мэлийбитэ ыраатта.
    А. Сыромятникова

Хамса тобулар

хамса бүөлэммитин тобулар уһуктаах синньигэс тимир.

Заострённый металлический стержень для чистки курительной трубки.

  • Аҕам хамса тобулар оҥордо. Хамса чоҕойо түөлбэ. – хамса ыаһа (сааҕа) диэн курдук. Эбэм хамсатын чоҕойун ыраастыыр.

Хамса ыаһа (сааҕа)

хамса умнаһыгар табах тордоҕо мустубута, чөчүөтэ.

Смолистый никотиновый осадок от табака в стенках курительной трубки.

Харахтарын көһүөтүгэр

Хамса ыаһын сыбыыллар.

  • Күннүк Уурастыырап.

Хантарай (хантайар) хамса

маһы үүттээн, туора уобан тардыллар хамса.

Импровизированная курительная трубка из просверлённой деревяшки.

  • Ытыар, арҕа, хантарай хамса, эндир диэннэри былыргы төрүт тылларбыт эбит диэбитэ уонна эмиэ сурунан ылбыта.
    Болот Боотур
  • Ср. монг., тюрк. гаҥза, тиб. гаҥзаг ‘курительная трубка’

«Х» буукуба