ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

доҕуур

аат тыл

Нууччалыы силки для ловли мелких птиц, прикрепленные к деревянному шесту

I

1 аат тыл #

Кыра көтөрдөрү (хол., туллуктары) бултуурга устатын батыһа чугас-чугас иҥиннэриллибит элбэх туһахтардаах ураҕас

Нууччалыы Силки для ловли мелких птиц, прикрепленные к деревянному шесту

  • Мин өйдүүбүн туллугу Доҕуурунан туппуппун, Маҥнайгы сүдү булпун Ыга тутан, инним хоту Тэбиммитим.
    И. Гоголев
  • Оҕолор аҕаларыгар доҕуур оҥотторон чооруостары элбэхтик кыайаллара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Тойон сүрэҕим эмискэ Доҕуур туһаҕар иҥнибит Туллук буолан мөҕүстэ.
    С. Данилов
  • Ср. п. -монг. догор, тоор ‘сетка’
II

2 #

доҕуур хамса эргэр. – быанан эриллэн холбонор икки аҥы аҥаардана сылдьар уһун мас умнастаах былыргы хамса

Нууччалыы Курительная трубка, чубук, изготовленный из двух скрученных полых деревянных палочек

  • Эрийии быалаах уһун умнастаах муос доҕуур хамсатыгар табах уурунан тардан бусхатта.
    Болот Боотур
  • Доҕуур хамсатын Соппойон ылар, Чууркаҕа тэбиир Чубуугун ыстыыр, Чуур-чаар силлиир
    Эллэй

«Д» буукуба