Перевод с якутского
тиэрбэс
аат тыл
Нууччалыы предмет из твёрдого материала в форме окружности, обода, кольцо
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Туох эмэ кытаанах синньигэс матырыйаалтан иэҕэн оҥоһуллубут төгүрүк
Нууччалыы Предмет из твёрдого материала в форме окружности, обода, кольцо
Биир эр бэрдэ үйэтин тухары биир тиэрбэскэ хамначчытынан сылдьар үһү (тааб.: оҕус чурумчута). Омуһах аанын тиэрбэһиттэн тардан арыйтым, арай түгэххэ уонча куһу кытта икки хаас нанайа сыталлар. С. Маисов Оонньооччулар тиэрбэһи маска кэтэрдэр сыаллаахтар ОСБОо
2 аат тыл #
Үүт күрүө көрүҥэ: сылгыны, сүөһүнү быстах кэмҥэ хаайан мэччитэр кыараҕас хаарчах
Нууччалыы Огороженное место, загон для временного содержания скота, разновидность изгороди. [Оҕуһу] илдьэн тиэрбэскэ ыытан кэбистэххэ сөп буолсу
Ата көп оттоох тиэрбэскэ мэччийэ сылдьара. Н. Якутскай [Кулун] Киэҥ, төгүрүк тиэрбэс хаарчах Күөх нуолур отун тордурҕатар М. Тимофеев
3 аат тыл #
биол. Маһы эрбээтэххэ көстөн кэлэр, сааһын көрдөрөр ии курдук төгүрүктэрэ
Нууччалыы Годичные слои деревьев
Мас тиэрбэстэрин икки ардыларынааҕы быыстара үчүгэйдик көстөр. КВА Б. Синньигэс тиэрбэстэр кураан сайын сиик аҕыйаабытын туоһулууллар. КВА Б
4 аат тыл #
түөлбэ. Туһах
Нууччалыы Силок из конских волос, петля
Эһэм куобахха тиэрбэс ииппит
5 этии #
Нууччалыы Старинный воинский доспех в виде рубашки из металлических колец, кольчуга
Этиилэр
Тиил тиэрбэстээх көр тиил
Үс салаа тиил тиэрбэстээх түнэ курун сүөрэн ылан көхөҕө иилбитэ. Далан. Тиэрбэс куйах эргэр. – былыр сэриилэһэргэ кэтиллэр тимир тиэрбэстэринэн туттарыллан оҥоһуллубут, ырбаахы курдук кэтиллэр куйах Тиэрбэс иилэҕэс куйах. БСИ ЛНКИСО-199 4. Тиэрбэс куйаҕы намылыччы иилинэн кэбиһэллэрэ үһү. НСА ПШЯП. Тиэрбэс харах фольк. – төгүрүччү көрбүт, төп-төгүрүгүнэн арылыччы көрбүт харах.
Круглые, широко открытые глаза (букв. глаза кольца).
[Атым] Чэй эрэ, Тиэрбэс харах, көрөн дьэргэй. Саха нар. ыр. III. Сэмэн Сэмэнэбис хап-хара тиэрбэс хараҕар кыымнар кылбачыһаллар. Л. Попов Кыһыл көмүс таҥастаах киһи Алтан тиэрбэс хараҕынан [көрөн олорор эбит]. ТТИГ КХКК. Тиэрбэстээх чиэрбэлэр биол. – биһилэхтии курдааһыннардаах уһун синньигэс, бөкүнүк эттээх ардах чиэрбэлэрэ. Кольчатые дождевые черви. Тиэрбэстээх чиэрбэлэр эттэрэ үгүс ахсааннаах тиһиликтэртэн таҥыллыбыт. ББЕ З. Үүн тиэрбэһин курдук харахтаах фольк. – төгүрүк харахтаах, төгүрүччү көрбүт харахтаах. С круглыми, широко открытыми глазами (букв. с глазами, подобными кольцу удил). [Ньургун Боотур] эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах эбит. Ньургун Боотур. [Бухатыыр] Эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук Эрилкэй харахтардаах эбит. С. Васильев
Өссө холобурдар (2)
[Манчаары] эрэһэлээбит үүн тиэрбэһин курдук хап-харанан көрбүт харахтаах. МН Н. Ср алт. теербек ʻкольца, которые опоясывают колотушку шаманского бубнаʼ, тув. дээрбэк ʻкругʼ