Перевод с якутского
эмтэркэй
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы отколовшийся от твёрдого тела кусок, осколок
1 аат тыл #
Кытаанах эттик үлтүркэйэ, эмтэрийэн түспут өлүүскэтэ
Нууччалыы Отколовшийся от твёрдого тела кусок, осколок
Бурдук сиринэн атаакалаан истэхтэринэ, политрук уҥа илиитин быччыҥын сэнэрээт эмтэркэйэ ибили көтөн ааста. Ф. Софронов Уу оргутан, тар эмтэркэйин онно уган, бурдук кутан, дэлби ытыйан хааһылыыллар. С. Маисов Ордук өстүөкүлэ иһит кутталлаах, кини эмтэркэйдэрэ саас үйэ тухары хаалан, хаһан баҕарар киһини да, кыылы-сүөлү да эчэтиэхтэрин сөп. ББЕ З
2 аат тыл #
Туох эмэ (хол., киһи олоҕун) хаалбыт оччугуй сороҕо, тобоҕо
Нууччалыы Часть, отрезок, осколок чего-л. (напр., человеческой жизни)
Олох уһук эмтэркэйигэр да туран Эйигин булар эрэл баара. Т. Сметанин Мин олоҕум лоскуйун тиһэх эмтэркэйдэрин аччык-аас кэм мэҥиэстэр. ФЮ ӨИЭТ. Табаарыс Базаров ити дойҕоҕо барыта, буржуазия дойҕоҕун эмтэркэйин курдук, буржуазия кылаассабай өйдөбүлүн курдук, наһаа оккураҥ! В. Ленин (тылб.) Эмтэркэй хамыйах.
Өссө холобурдар (1)
Эбиэт кэнниттэн сиэркилэ иннигэр туран өр баҕайы кичэйэн эмтэркэй тиистэрин тымтыгынан хастан тахсара. М. Горький (тылб.)
3 даҕааһын #
суолт. Кытыытынан эмтэрийбит, ойо барбыт, эмтэриттэҕэс, ойуттаҕас
Нууччалыы Щербатый, с щербинами, с зазубринами