ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куйах

аат тыл

Нууччалыы панцирь, кольчуга

English armor

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Сэриигэ, кыргыһыыга буойун харыстанан, көмүскэнэн кэтэр хахха таҥаһа

Нууччалыы Панцирь, кольчуга

  • Тимир куйах. Бухатыыр куйаҕа.
  • Үс хос үрүҥ көмүс куйаҕы Кэтэн кэбистэ. Ньургун Боотур. [Наахаралар сэриигэ] оҥостунуулара диэн: кэмэ суох элбэх оҕу, ох сааны, үҥүүнү, батыйаны, куйаҕы -- тэринэр эбиттэр
    Эрилик Эристиин

2 аат тыл #

Сэрии сэбин тас бөҕөргөтүү бүрүөтэ (снаряд, буулдьа алдьатарыттан харыстаан)

Нууччалыы Панцирь, броня

  • Тааҥка куйаҕа.
  • "Тигр" тааҥкалар халыҥ ыстаал куйахтара чочуллан иһэн бүтэриллибэккэ -- хаалларыллыбыттар. Саллааттар с. 1970

3 аат тыл #

Ким эмэ, туох эмэ көмүскэлэ, дурдата-хаххата

Нууччалыы Защита для кого-чего-л

  • Кулут-чаҕар буолумуоҕуҥ Киибэс Гитлергэ хомуллубат куйах буолуоҕуҥ Төрөөбүт сиргэ! Эллэй. Миитэ билигин тыылга Кыайыы куйаҕын уһанар.
    А. Бэрияк
  • [Михаил:] Эн тапталыҥ миэхэ куйах буоллун.
    С. Ефремов
  • Тюрк. куйах

4 этии #

Нууччалыы Кожаный панцирь, пришиваемый или приклеиваемый к подкладке одежды из хребтовой части шкуры лося или быка

  • Дуулаҕа куйах - буур тайах эбэтэр оҕус арҕаһын тириититтэн хос- хос тигиллэн эбэтэр силимнэнэн оҥоһуллар тирии куйах Байаҕантай Бахсыгыр оҕонньор -- үтүө дуулаҕа (куйах) кэтэр баатырдара өлөннөр, атаҕастанан сүрэ тостон, барар-кэлэр сирэ бүөлэннэ. БСИ ЛНКИСО. Тоҕус хос буур тайах тириитэ, быыһа таастаах, кумахтаах, силимнээх дуулаҕа куйахтар баар буолаллара эбитэ үһү. БСИ ЛНКИСО. Дьапталҕа куйах - нээлби курдук бүлгүннэринэн кэтиллэр үрүт-үрдүгэр хос-хос тигиллэн оҥоһуллубут тирии куйах (киһи моонньун, түөһүн харыстыыр аналлаах). Θ Пластинчатый доспех из нашитых на ровдужную основу железных пластин. Дьэ кичэйэн көрдөҕүнэ - алта хос дьапталҕа хара куйах, үс хос үрүҥ көмүс куйах хаппахчы айаҕар сытар. Ньургун Боотур. [Батаһынан] -- алта хос дьапталҕа хара куйаҕын, үс хос тимир тиһилик таҥаһын туос курдук тобулу аста. Ньургун Боотур. Күннээх куйах эргэр. - ортотугар күн ойуулаах, төгүрүк тимир куйах (киһи түөһүн көмүскүүр, хаххалыыр аналлаах). Θ Панцирь в виде металлического круга с изображением солнца, защищающий грудь. Мадьыгы Төрөнтөй уолга күннээх куйаҕы кэтэрдэр. Саха сэһ. I. Муус куйах - туох эмэ (хол., хайа) ууллубат, ирбэт гына мууһунан бүрүллүбүтэ, муус килиэ буолбута. Θ Плотный, толстый, ледовый нарост на чем-л. Сис хайалар аппа дьураалара, өргөс төбөлөрө ирбэт муус куйахтарынан бүрүммүтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Сэргэлэр быһаҕастарыттан аллараа өттүлэрэ муус куйах буолтар.
    Суорун Омоллоон
  • [Эһэ] тахсан муус куйаҕа күн уотугар килбэлдьийэн көһүннэ.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (2)
  • Хары куйаҕа эргэр. - халыҥ тириини икки-үс хос гына сирийэн оҥоһуллубут харыга кэтэр куйах. Θ Защитный нарукавник, одеваемый на кисть, изготавливаемый из прошитой в несколько слоев кожи. Сорох дьон хары куйахтаах эрэ буолаллара үһү. Саха сэһ. I. Хатырык (таҥалай) куйах эргэр. - лоскуй-лоскуй хаптаҕай тимирдэри сарыы эбэтэр түнэ соҥҥо тигэн оҥоһуллубут куйах. Θ Кожаная броня с нашитыми железными пластинками. Модьу киһиэхэ хатырык куйах кэтэрдэллэр эбит. Саха сэһ. I. Куйахтаах массыына - буулдьа, снаряд хоппот тас бөҕөргөтүүлээх сэрии массыыната. Θ Бронемашина. [Ксенофонтов] аармыйа өрөмүөннүүр базатын комиссарынан сылдьан алдьаммыт куйахтаах массыыналар, тааҥкалар чаастарын биэс тарбаҕын курдук билбитэ.
    П. Филиппов
  • Өрүһү туоруур муостанан тааҥкалар, куйахтаах массыыналар туораатылар. "ХС"

«К» буукуба