Перевод с якутского
куйаха
аат тыл
Нууччалыы кожа головы. [Хотугу Хотой:] Киһи кырыйдаҕына куйахата куурар, куйахата куурдаҕына, баттаҕа туртайар, баттаҕа туртайдаҕына, мэйиитэ уостар
1 аат тыл #
Бас тириитэ
Нууччалыы Кожа головы. [Хотугу Хотой:] Киһи кырыйдаҕына куйахата куурар, куйахата куурдаҕына, баттаҕа туртайар, баттаҕа туртайдаҕына, мэйиитэ уостар
Ира уолчаан кыргыылаах, сыгынньах куйахатын сөмүйэтин төбөтүнэн -- ыарыылаах соҕустук тырыыппайдаан ылла. Н. Заболоцкай Наводчик Вася -- куйахата улаханнык быстыбыт этэ Н. Кондаков
2 аат тыл #
Ас бэлэмнээри түүтүн кэриэрдэн, быһаҕынан кыһыйан ыраастаныллыбыт сүөһү төбөтө, атаҕа
Нууччалыы Опаленные и очищенные от волосяного покрова голова и ноги забитого скота
Дьоллоох Сэмэн муннугар-уоһугар куйаха сыта, түү сыта, сыа сыта сабыта биэртэлиир.
П. ОйуунускайСотору Ороһуоспа - куйаха, алаадьы сиир дьоро киэһэ чугаһаан иһэр. Амма Аччыгыйа Үүйэ -- куйаха оргуйан бидилийэ турар чугуунугар туус уонна луук кутта. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Ср. монг. хуйиха; тув. куиха 'кожа на голове человека'
3 этии #
Нууччалыы соотв. волосы становятся дыбом
Куйахата күүрэр (ытырбахтыыр, үмүрүтэ тутар) - өлөрдүү куттанар, олус күүскэ (уолуйа) куттанар Маайа, бу сэһэни истэ олорон, хаста да куйахата ытырбахтаан, этин сааһа аһыллан тымныйталыы сырытта. Н. Якутскай "Киһи куйахата күүрүөх тылын этэргэ үчүгэйдик да куоһаммыт оҕо", - диэн баран Чымаан кинээс -- бара турда. Эрилик Эристиин Буулдьалар киһи куйахатын күүрдэр сытыытык иһиирэн кэлэн буору тырыта-хайыта тэбэн бурҕачыҥнаппыттара. Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
Үрэх диэки өттө эмпэрэ: үрдүк уонна туруору баҕайы, өҥөйөн көрдөххө киһи куйахата күүрэр. И. Данилов