ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыһа

аат тыл

Нууччалыы специальное здание

English house

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Нууччалыы специальное здание

English house (building dedicated to a particular purpose)

  • кинигэ кыһата
    издательствоpublishing house
  • үөрэх кыһата
    дом учения, училищеhouse of learning, educational institution
I

2 аат тыл #

Уһанарга тимири кытардар эбэтэр уулларар, ортотугар куоһахтаах буор оһох (ис өттө туойунан сыбаммыт, үөһээ диэкинэн синньиир төкүнүк быһыылаах буолар, куоһаҕар көмөрү кутан, күөрдүнэн күөдьүтэллэр)

Нууччалыы Кузнечный горн (цилиндрический сосуд, обмазанный изнутри глиной

  • Внутри мехами раздувается огонь). Кыһа төлөнө кыырыктыйбыт, Кыстык тыаһа чыҥкынаабыт.
    П. Ойуунускай
  • Эдэр киһи -- туттаччы кытарбыт тимири кыһаттан уһун кытаҕаһынан кыбыттаран ылан, балтанан ыас курдук эллиир.
    С. Васильев
  • Урут кыһаҕа салгын киллэриитигэр илии күөрдүнэн туһаналлара
    АЕВ ОҮИ

3 аат тыл #

Туох эмэ наадалааҕы, суолталааҕы бэлэмнээн, оҥорон таһаарар тэрилтэ

Нууччалыы Заведение, где создается, формируется нечто ценное, важное, кузница

  • Бу - Мирнэй орто оскуолата, хойукку инженердэр уонна учуонайдар үүнэр кыһалара.
    Л. Попов
  • "Кыым" буолта биһиги барыбыт Иитиллэн тахсыбыт кыһабыт.
    М. Хара
  • Суруйааччы айар кыһатыгар -- "Көмүстээх үрүйэ" уонна "Төлкө" диэн айымньылар уһаарыллан күн сирин көрбүттэрэ
    Д. Васильева

4 аат тыл #

Киһи уйана-хатана биллэр, буһар-хатар ыарахана, эрэйэ

Нууччалыы То, что является средоточием каких-л. трудностей, испытаний, требующих мужества, твердости; горнило

  • Охсуһуу уотун кыһатыгар уһаарыллар Туох барыта, ырыа да буоллун!
    Күннүк Уурастыырап
  • [Таня] күүһүгэр күүс эбиллибит, үүммүт, олох кыһатыгар буспут-хаппыт курдук сананна.
    М. Доҕордуурап
  • Дьол бэйэтэ тиийэн кэлбэт, кини үлэ кыһатыгар уһаарыллар. "Кыым". Ср. др. -тюрк., тел. хыза 'кузнечный горн'

5 этии #

Үөрэх кыһата - үөрэх тэрилтэтэ, оскуола Бэйэбитигэр үрдүттэн музыкальнай, художественнай үөрэҕи салгыыр үөрэх кыһата хайаан да наада. "Кыым". [Ермолаев] 1930 сыллаахха -- төрөөбүт нэһилиэгэр учууталлыы тахсыбыта. Онтон күн бүгүнүгэр диэри үөрэх кыһатыттан арахсыбакка үлэлиир. "Кыым"

Нууччалыы Учебное заведение, школа

II

6 аат тыл #

Өрүс, үрэх туруору, модьоҕо курдук сыыра

Нууччалыы Высокий, крутой берег реки

  • Сүлбэ икки кытыытыгар иэдэстии кыһа буолар гына, ирбэт тоҥтон ыла ампаар охсон таһаарбыт этилэр.
    В. Яковлев
  • Өрүс кыһатыгар ыттыбакка эрэ, бадараанынан сылаҥхайдаан соҕуруу диэки баран истибит
    Т. Сметанин
  • Эһэ арҕаҕын, кыыл хороонун кытыытынааҕы буор модьоҕо. Θ Куча земли, насыпь у входа в берлогу или в нору. [Учуутал] тыаҕа тахса сылдьыан саныыр эбит, тутуһуулаах тайахха, арҕаҕар киирээри кыһатыгар сытар эһэҕэ даҕаны түбэһиэххэ сөп диир.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • [Иһиччит Ньукулай] Куртуйах сүүлэр кыһатыгар туһахтыах буолар
    Болот Боотур

«К» буукуба