Перевод с якутского
үөн
аат тыл
Нууччалыы червь
English worm
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы червь
English worm
үөнү булбут соххор туруйаҕа дылы как кривой журавль, нашедший червяlike a crooked crane that found a worm
2 аат тыл #
Кынаттаах да, кыната да суох бытархай харамайдар (хол., түүлээх үөн, чиэрбэ, оҥоойу)
Нууччалыы Насекомое (всякого рода). [Дьөгүөссэ:] Ийээ, ити арааһынай от-мас үөнэ, арааһынай уу үөнэ, ити хомурдуос, бырдах, сахсырҕа эҥин ыама буолан иһэр ээ
"Өйдөөх сылгы барахсан үөнтэн күрэнэн, ууга киирэн сытар буоллаҕа", – диэн хайгыы саныыра. И. Федосеев Нөҥүө сарсыардатыгар Яков оҕонньор кэлэн, кириэстэнэн баран, хатырыктарын арыйталаан көрбүтэ, сир араас үөннэрэ: хомурдуостар уонна ооҕуйдар хас хатырыгын аннын аайы туолбут этилэр М. Доҕордуурап
3 аат тыл #
Дьээбэлэнии, дьээбэ майгы, куһаҕаны, дьээбэни оҥорор майгы
Нууччалыы Проделка, проказы, склонность к проказам. [Уолака:] Күтүр кэм үөнэ суох сылдьыбат ээ
Суорун омоллоон. Үөнүм эмиэ тулуппата, хайаан да дьиибэрдэхпинэ сатаныыһы. И. Гоголев "Ити тоҕо иккиһин дорооболоһоҕун?" – диэн, биллэрбин даҕаны, үөммэр ыйытабын С. Руфов
4 аат тыл #
Киһи тириитигэр тахсар төгүрүк бөлтөҕөр хатырыктыйыы
Нууччалыы Бородавка
Кырдьык-хордьук аҕыйах күнүнэн илии үөнэ суох буолан хаалар. Хомус Уйбаан. Биир уол тарбаҕын үөнүн ыйга көөчүктээн эмтээбитин туһунан Спиридон учууталга кэпсээбитигэр күлсүү бөҕө буолбута. "Чолбон". Чистотел үүнээйи араҕас сүмэһинэ тириигэ тахсыбыт үөнү (бородавка) суох гынар дьоҕурдаах МАА ССКОЭ
5 этии #
Нууччалыы Гусеница
Этиилэр
Түүлээх үөн
сыыллан хаамар үрүмэччи оҕото, ыамата (уһун синньигэс, элбэх атахтаах, түүлээх курдук буолар) Кырбый араас түүлээх үөннэринэн, чиэрбэлэринэн, аһыҥкаларынан, тэмэлдьигэннэринэн, кутуйахтарынан аһылыктанар.
Чэ, эһиги бүгүн түүлээх үөннэ, аһыҥката, хомурдуоста, үөннэ-көйүүрдэ элбэхтик хомуйуҥ. И. Федосеев
Эриэн үөн
уһун синньигэс эттээх, атаҕа суох, имигэстик түллэҥээн сыҕарыйар харамай.
Змея.
Сэмэнчик, эриэн үөнү туппут курдук, сиргэнэн, тутан турар кумааҕытын ыһыктан кэбиһэр уонна атаҕынан тэпсэр. Н. Якутскай Өлүөхүмэҕэ эриэн үөн элбэх баар. В. Миронов
Кобра
биир саамай күүстээх уонна кутталлаах эриэн үөн.
БК БК
6 этии #
Нууччалыы Каверзник, постоянно делающий пакости
Этиилэр
Үөн хаата
дьиибэлээх, куһаҕаны оҥорорун бэркэ сатыыр киһи "Хайа таһа ньимийбитин иһин, иһэ үөн хаата буолуо", – диэн дойҕохтоон эрдэҕинэ, эмээхсинэ: "Аргыый, доҕоор!" – диэтэ.
П. Ойуунускай.
Уваровскай ити ньылбырыйан сылдьарын көрүмэ
үөн хаата. Басыгысов утары матырыйаал хомуйар. Далан. Дьүөгэтэ Люся үөн хаата эбит. У. Ойуур. Үөнэ хамсыыр кэпс. – кимиэхэ-туохха эмэ туох эмэ куһаҕаны оҥоруом баҕарар, оннук санааланар.
Не терпится напакостить, сделать что-л. плохое кому-л. (букв. насекомое его шевелится).
[Балбаара:] Ити сааспытыгар муҥнанан-муҥнанан булбут биир кунаммытым улаатыннардым, ол ымсыытыгар иҥсэрэн [Быыпсай Сүөдэр] үөнэ хамсаан эрэр. Эрилик Эристиин Эмиэ үөнэ хамсаабыт быһыылаах, арыгылаары муҥнанан эрэр. ТХХ АС. Үөҥҥэ тиллэр кэпс. – дьээбэлэниэх санаата кэлэр, дьээбэлэнэр. Строит проказы, пакости. "Сырбатар [киһи аата] иһиттэҕинэ, кырдьаҕас эҥин диэн, бука, хараххар үүт ыкпат дьээдьэ буолуохтаах", – Бобо Тутар үөҥҥэ тиллэр. "Чолбон". Бу нэриэт уола эмиэ үөҥҥэ тиллэн, ырбыыта ыксыбакка барда! "Күрүлгэн". 4. көсп., үөхс. Куһаҕан, сидьиҥ киһи. Гадина, тварь. "Уу, үөн!" – Микиитэ кытаанах тарбахтарынан Байбал уолугуттан түүрэ харбаан ылла. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
Өстөөх үөннэри өлөрүҥ! Эллэй. [Маайа:] Ийээ, мин абарабын, аҕабын сиэбит үөннэргэ хаһан да умнуллубат өс санааны саныыбын. С. Ефремов 5. көсп., күл. -ооннь., сэнээн. Ким-туох эмэ оҕото, ыамата. Чей-л. детёныш, выродок. Ар-дьаалы, ити үөннэри [кус оҕолорун] харыһыйбыта буолан, сирэйгитин сөрүөһүннэри туттугут дуо? Р. Кулаковскай Баҕар, мин оҕолорбун Мултас Ньыыкан үөннэрэ диирэ буолуо. Э. Соколов