Перевод с якутского
чиэрбэ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы червь
English worm
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Нууччалыы червь
English worm (invertebrate)
балык чиэрбэҕэ хабар рыба клюёт на червяthe fish pecks at the worm
2 аат тыл #
Уҥуоҕа суох уһун синньигэс эттээх, сыыллан сыҕарыйар үөн
Нууччалыы Червь. Ардах чиэрбэтэ мэлдьитин кэриэтэ сир кырсын анныгар буорга олорор. И. Сосин. Ордук элбэхтик хаппыыста силиһин сиир сахсырҕа чиэрбэтэ буулаабыта. ФНС ХО. Куобах тыҥатыгар бөкүнүк чиэрбэ икки көрүҥэ үөскүүр. ПМВ ССК
3 аат тыл #
хаарты. Хаарты улууһа: уһуктаах төбөлөөх сүрэх курдук быһыылаах кыһыл харахтаах хаарты
Нууччалыы Черви (карточная масть)
Муннуктарыгар чиэрбэ хараҕа ойуулаах сиэрэй сукуна чаппараахтаах. В. Протодьяконов "Һа, туус куоһур бэйэтинэн кэллэ, сүүс биир", – диэт, Ипатий туус чиэрбэни нэлэс гыннарда. М. Доҕордуурап Никифоров кинээс хаана оонньоото, сирэйигэр чиэрбэ хаарты ойуутун курдук кыһыл мэҥнэр өтөн таҕыстылар ХС
4 даҕааһын #
суолт. Уһуктаах төбөлөөх сүрэх курдук быһыылаах кыһыл харахтардаах (хаарты)
Нууччалыы Червонный, червовый (масть в картах)
Куочай саппыйаттан хас эмэ хос тэрэпиискэ, кумааҕы суулаах хаартыны таһааран бараһыайдыыр, ырытар, онтон чиэрбэ тойонун Ууска ылан биэрэр.
Суорун Омоллоон[Кыыс] хараҕа хайдаҕа көстүбэт – чиэрбэ тууһугар маарынныыр хара таастаах ачыкылаах. Софр. Данилов. Буугунай дуу, чиэрбэ дуу тойонун талан ылан, торуонньа ууран баран, үс бырыыта бырыылыаҕыҥ. Дьолбут к. Тэҥн. буугунай, туора, эбиэн (эбиэннээх)