ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүргэ

аат тыл

Нууччалыы дух; настроение; душевное состояние; темперамент

English spirit, mood, state of mind, temperament

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы дух; настроение; душевное состояние; темперамент

English spirit, mood, state of mind, temperament

  • сүргэҕин көтөх
    поднять духto raise spirit
  • кини сүргэтэ көтөҕүллүбүт
    он приободрилсяhis spirits lifted / he perked up

2 аат тыл #

Киһи санаатын эрэ, эрдийиитэ, эрдээх санаата

Нууччалыы Внутренний настрой, дух, душевное состояние

  • Дьэбдьиэ бэйэтэ даҕаны тоҕо эрэ бүгүн кэпсэтиэх-ипсэтиэх баҕата улахан. Ол, бука, өйө-санаата, сүргэтэ өрүкүйбүтүттэн буолуо
    Болот Боотур

3 этии #

Нууччалыы Быть сломленным, находиться в удручённом состоянии (букв. дух его сломался)

Этиилэр

Сүргэтин көтөх

сүргэни көтөҕөр диэн курдук (көр көтөх I).

  • Дойдуларын ахтыбыт ынахтар эймэлгэннээх маҕыраһыылара, саҥа кэлбит күөрэгэй ырыата бар дьон сүргэтин көтөхпүтэ.
    Н. Босиков
  • Байыаннай аркыастыр сүргэни көтөҕөр, сүрэҕи өрүкүтэр маршы оонньуур.
    С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Урукку өттүгэр Чурапчы буоругар бурдук син үүнэрэ. Ол эрээри быйылгы сыллаах үүнүү барыбытын үөртэ, сүргэбитин көтөхтө. "Кыым".

Сүргэтэ көтөҕүлүннэ

сүргэтэ көтөҕүллүбүт диэн курдук (көр көтөҕүлүн).

  • Уйбаан оҕонньор аара эһэ арҕаҕа, манна сүнньүөхтээх саа баарын истиэҕиттэн ыла сүргэтэ көтөҕүлүннэ, ол арҕаҕы кини хайаан да көрдөҕүнэ табыллар буолла.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин бастакы хоһооннорум ыччат ыллыыр ырыалара буолбуттарыттан олус үөрбүтүм, сүргэм көтөҕүллүбүтэ. Софр. Данилов. Маннык кэмҥэ [от-мас көҕөрөр кэмигэр] киһи сүргэтэ көтөҕүллэр, соҕотоҕун да сырыттаргын ыллыах-туойуох, туохтан барытыттан үөрүөх-көтүөх санааҥ кэлэр.
    В. Тарабукин

Сүргэтэ тостубут

санаата улаханнык түспүт Оҕонньор эмээхсинигэр уота-күөһэ умуллан, сүргэтэ тостон тиийдэ.

  • Кулуканов сүргэтэ тостубут көрүҥнээх, сотору-сотору хааһын түрдэһиннэрэр, оҕонньору кытары тугу эрэ хобугунаһар. БТТ.

Сүргэтэ ыстаммыт (хамсаабыт)

улаханнык аймаммыт, ыксаабыт.

Выбитый из колеи, потерявший душевный покой, лишившийся покоя.

  • Ойоҕо Балбаара эрэйдээх сынньалаҥын сүтэрбит, сүргэтэ ыстаммыт киһи быһыытынан, эрин тула көтөн ыарыылыы -- сылдьар.
    Эрилик Эристиин
  • Маннык сүрдээх-кэптээх быһыыттан Маһарах сүргэтэ ыстаммыт, кэлбит суолун устун төттөрү дойдутун диэки көтүтэ турда.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • "Ыл иһит!" – диэтэ оҕонньор, сүргэтэ хамсаабыттык. Н. Заболоцкай

4 этии #

Сүргэ далай фольк. – түргэн сүүрүктээх өрүс, үрэх Н. Борисов

Нууччалыы Река, речка с быстрым течением, [Лөкөй] түүн ортото ааһыыта үрүйэ сүнньүн батыһан, сүргэ далай сүүрүктээх, кэтит өрүскэ кэтиллэ түстэ

«С» буукуба