ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаҥыл

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы необъезженный, дикий

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Айааһамматах, сыарҕаҕа, ыҥыырга үөрэммэтэх, ахсым (хол., ат, таба туһунан)

Нууччалыы Необъезженный, дикий (о лошади, олене)

  • Ыҥыырга хатааста түһээтин, ыытан кэбиһэллэр. Хаҥыл сылгы кэлин атаҕынан өрө тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ, арыт өрө тура-тура мөҥөр. Хомус Уйбаан. Урут наартаҕа көлүллэ илик сорох хаҥыл табалар мөхсөн чиччигинэһэллэрэ.
    ХС
  • Хаҥыл аты ындыылааһын буоллун, кыыллыйбыт табаны сыһытыы буоллун, барытыгар кини урут баар буолааччы
    Кыым
  • Хапытыан хаҥылы айааһааччы.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
  • Хабдьы [киһи аата] ханнык да күндүл хаҥылтан дьулайбат этэ.
    А. Бродников
  • Сылгы саамай чычаарар, киһи көмөтүгэр наадыйар бириэмэтэ, ити, бырдах саҕанааҕы кэм быһыылаах. Манна хайдахтаах да хаҥыл чычаарар. чугаһатар
    Кыым

2 даҕааһын #

Омуннаах-төлөннөөх, уохтаах, эрчимнээх, дохсун (киһи)

Нууччалыы Горячий, полный силы, чувств, легко возбуждающийся, дерзкий (человек)

  • Сыыдам хаҥыл уолаттар сылгы сылгылаатылар, Бөдьөкө бөҕө уолаттар Бүтэйгэ бөҕүөрдүлэр.
    Д. Говоров
  • Маайа, сирэйэ кытаран баран, аат эрэ харата аһыыр, урукку чобуо бэйэтэ сыппаан, хаҥыл бэйэтэ сымнаан, кэнэн баҕайытык туттан олорор.
    Н. Якутскай
  • Баҕар, дьэ эһиги билбэккэ саарыаххыт: Балысхан сүүрүктээх олоххо миккиллэн Хаҥыл уол хаамыыта билигин бытаарбыт, Хап-хара хараҕар оонньообот дьэргэлгэн
    В. Сивцев
Өссө холобурдар (2)
  • ТТИГ КХК
    К. Ср
  • кирг. хаҥҕыл ‘кляча’, эвенк. кангил ‘одичалый олень’

3 даҕааһын #

Күүстээх, уохтаах, дохсун (тыал, буурҕа, сүүрүк туһунан)

Нууччалыы Сильный, буйный, неистовый (о буре, ветре, течении реки)

  • Ханна эрэ бэһиэлэйдик хаҥыл кутаа кытыастар, Мин сүрэҕим итинник Күөдьүйбүтэ эдэр сааспар.
    И. Гоголев
  • Тайҕа тыйыс, хаҥыл үрэҕэ Суорба хайалар быыстарынан дохсуннук халыһыйар.
    И. Гоголев
  • Дохсун уох, хаҥыл майгы барыта манна [Аллаҥҥа] кэлэн хаайтарбытын курдук, өрүтэ түллэҥниир, үлүскэннээх айанынан доллоһуйа устар
    А. Сыромятникова

4 аат тыл #

Айааһамматах ахсым ат эбэтэр көлүллүбэтэх таба

Нууччалыы Необъезженная лошадь или дикий олень

5 аат тыл #

Уох, омун, эрчим

Нууччалыы Пыл, огонь, темперамент. [Абааһы уола – удаҕан дьахтарга:] Күтүр өстөөх Дохсунуҥ кэм да солбонуйбатах, Хаҥылыҥ кэм да сыһыйбатах буоллаҕа

«Х» буукуба