ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

имэҥнээх

даҕааһын

Нууччалыы проникнутый сильным чувством; страстный, пылкий

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

I. Курдаттыы тардар иэйиилээх; омуннаах, умайар иэйиилээх

Нууччалыы Проникнутый сильным чувством; страстный, пылкий

  • Көр эрэ: баай күндү дьиэтигэр Бардам баал байҕаллыы ньиргийэр, Имэҥнээх муусука эҥээттэр, Фокстрот сааланы эргийэр. Эллэй. Истэҕиэн эдэркээн оҕо-кыыс Имэҥнээх күлүүтүн!
    А. Абаҕыыныскай
  • Эмээхсимминиин, эдэр эрдэхпинэ, биһиги тапталбыт имэҥнээх таптал этэ!
    М. Шолохов
  • Ити имэҥнээх суругу, таптал суругун Наташа салҕалас буолбут илиитигэр тутан баран ааҕар. Л. Толстой (тылб.)

2 даҕааһын #

Олус күүстээх, уохтаах (хол., тымныы, тыал уо. д. а.)

Нууччалыы Неистовый, неукротимый (о стихиях, погоде и. т. п.)

  • Имэҥнээх тымныыбыт Илэ-бодо эргийдэ.
    А. Софронов
  • Сытыы тыалга кыйдатан [Харыйа] Саргылаах саас имэҥнээх итиитин эккэ-хааҥҥа иҥэринэр эриэккэс үөрүүтүн билбитэ дуо?
    Г. Угаров
  • Сылаас күннэр куоттулар, Итии, тымныы охсуһан Имэҥнээх дьыбар хотто. Н. Тарабукин (тылб.)

3 даҕааһын #

Киһини абылыыр күүстээх, долгутуулаах, уоттаах-төлөннөөх (үксүгэр тыл, этии туһунан)

Нууччалыы Обладающий, особой силой внушения; способностью чаровать, проникновенный (обычно о речи, песне)

  • Иҥсэлээх хоһоонноох, Имэҥнээх этиилээх, Ичээн буоларга Этитиилээх эбиккин эбээ, нохоо!
    А. Софронов
  • Оннооҕор Уордаах Үөксүкү этэр тыла илбистээх, имэҥнээх. Эрчимэн. Семен Данилов поэзията сахалыытыгар күүстээҕэ, имэҥнээҕэ, эҥсилгэннээҕэ нууччалыы "табыллыытын" сүрүн төрүөтүнэн буолар дии саныыбын мин
    ХС

4 даҕааһын #

Туохха эмэ курдаттыы тартарар иҥсэлээх, оботтоох

Нууччалыы Жадный до чего-л., жаждущий чего-л

  • Ис куҥҥар имэҥнээх, Иҥиир эрбэхтээх, Тас куҥҥар дьалыннаах, Табар тарбахтаах Хандалы хара тыа хаххалаах Хаан Хандыҕан оҕонньор.
    П. Ойуунускай
  • Имэҥнээх сытыы кылыстара Ириэнэх сигэ курдук Эриллэн хаалла.
    С. Васильев
  • Күөх буруобунан Күнү бүөлээтим, Икки атахтааҕы Имэҥнээх оҥордум
    С. Зверев

5 этии #

Нууччалыы Эпитет всепоглощающей глубокой тьмы, подавляющей, парализующей человека своей абсолютной тишиной и чернотой

Этиилэр

Имэҥнээх хараҥа

иһийбит, сиэххэ-аһыахха айылаах ынырык хараҥаны ойуулааһын Ол ахсын иэһийэр имэҥнээх хараҥа соһуйбут курдук өрүтэ көтүөлээн, дьэргэҥнии түһэрэ, дьэ эбии иэһийэрэ, дьэ ордук барыастара.

  • Тула Им-дьим тыҥаата, Имэҥнээх хараҥа халыҥаата. В. Лебедев (тылб.)

«И» буукуба