ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кырааска

аат тыл

Нууччалыы краска

English paint, dye

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Соттоххо, бистэххэ, иҥэрдэххэ араас өҥү биэрэр бэссэстибэ

Нууччалыы Краска (красящее вещество)

  • Күөх кырааска. Акварель кырааска. Кырааска харандаас. Муоста кырааската. Кыраасканан сот.
  • Үрүҥ кыраасканан сотуллубут өстүөкүлэ аан таһыгар оҕолор үмүөрүһэн тураллар
    Н. Лугинов
  • Косметика арааһа. Θ Косметика. Хос аана аһылынна. Начаалынньык сэкирэтээрэ Ада, бүтүннүү пуудара, кырааска сирэйэ ааҥҥа быган көһүннэ
    В. Протодьяконов

2 аат тыл #

Туох эмэ ураты өҥнөнөн көстүүтэ

Нууччалыы Цвет кого-чего-л

  • Оксана сирэйэ кыһыл кыраасканан тэтэр гына түспүтэ.
    Суорун Омоллоон
  • Дойдум сонуна, дойдум сыта Хоспор халыйа уһунна, Хойуу күөҕэ, кырааската - харахпар арылынна.
    Н. Босиков
  • Кырдал-кырдал иэнэ Кырааската ситтэ, Олбох курдук тэлгэнэ Оһуор сирэм үттэ
    А. Кондратьев
Өссө холобурдар (1)
  • Кыһыл (кэрэ, чаҕылхай) өҥ (норуот поэзиятыгар). Θ Красный (яркий, красивый) цвет (в народной поэзии). Кырааска атахтаах Кырыылаах тумустаах кылдьыылаах харахтаах Кынатын төбөтүгэр кыркахтаах кыталыктыыр кыылым. Саха нар. ыр. I. Туппутум туллугу: Кырааска тумустаах, Кырпахтаах кынаттаах Кылбаарар кыталык курдугу
    П. Тобуруокап

3 аат тыл #

Туох эмэ сүрүн көстүүттэн ураты дэгэтэ, толбоно

Нууччалыы Оттенок, нюанс; колорит

  • Норуокка киэҥник биллэр драматическай артист бу сырыыга ырыаһыт быһыытынан көрөөччүлэргэ куолаһын эгэлгэ кырааскатын, -- баай кылыгырас кылыһаҕын өссө төгүл көрдөрдө.
    С. Тарасов
  • Сүүрбэһис-отутус сыллар кирбиилэригэр эдэр суруйааччы Суорун Омоллоон бэйэтин сорох кэпсээннэригэр эмиэ көр-күлүү, сатира кырааскатын туттара. ОГГ СМ. Тыл экспрессивнэй-эмоциональнай кырааската лексическэй суолтатыгар предметнэй суолтатын кытта компонент курдук киирсэр
    ХС

4 аат тыл #

харыс т. Хаан (үксүгэр дьахтар ыйданарын, хаана барарын туһунан)

Нууччалыы Кровь (обычно о менструации, маточном кровотечении)

  • Өлбүт оҕо түһэрин кытары Өлөксөөс кырааската өрүһүлтэтэ суох барда
    Н. Түгүнүүрэп

5 этии #

Нууччалыы Что-л. показное, преходящее; мишура (перен.), видимость (обычно о богатстве). [Бүөтүр:] Баай - күн эрэйэ, күн кырааската ээ, чэ, ол хааллын

  • Күн кырааската - улахан суолтата, туһата суох, көрүнньүк (үксүгэр баай туһунан)
    А. Софронов
  • Кырааската барбыт (хамсаабыт) харыс т. - хаана барбыт (үксүгэр дьахтар төрүүрүгэр хаана барарын этиигэ). Θ Кровотечение обильное (напр., при родах). Дьиэлээх хотун отуччалаах эрэ дьахтар. Налык диэн ааттаах. Оҕо куоттарар эбит. Оҕолонно да, кырааската барар.
    И. Гоголев
  • Кырааскатын хойуннар - үлүннэр, эп-сап, сүрдээ-кэптээ (хол., тугу эрэ кэпсииргэ). Θ Сгущать краски (сильно преувеличивать, рассказывая, изображая что-л.). Барытын ынырыктаан, кырааскатын хойуннаран кэпсээтим.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Пал Палыч төһө даҕаны кырааскатын хойуннардар, сорох өттүн сөптөөхтүк сырдатта. ПН ДЫ. Кыраасканы олус хойуннарыы да буолбатах, баар балаһыанньаны үлүннэрэн көрдөрүү да буолбатах. "Кыым". Кырыылаах (кылыс) тимир кырааската буол (оҥор) фольк. - биилээх-уһуктаах сэптэн эмсэҕэлээ (өл); биилээх-уһуктаах сэбинэн (өстөөххүн) хаанын тох (өлөр) диэн этэр фольклор көһөр олуга. Θ Пострадать от холодного оружия; ранить (убивать) противника холодным оружием (букв. быть (сделаться) краской для железа с лезвием (клинка-сабли) - фольк. формула). Кылыс тимир Кырааската оҥордоҕум, Үөрбэ тимир Үөрэҕэһэ гыннаҕым. ТТИГ КХКК. Кытыан ыччат дьоммут Кырыылаах тимир Кырааската буолар Кырыыстаах күнэ тирээтэ. Саха нар. ыр. III. Тыл кырааскатыгар - эгэлгэлээн, киэргэтэн эбэтэр ордук кыһыылааҕы этээри. Θ Для красного словца. Тыл кырааскатыгар этэн кэбиспитин кэмсинэ олордо. Абааһы оҕонньоро ханна эмэ тиэртэҕинэ да көҥүлэ. Айталын

6 этии #

Кырааска балык түөлбэ. - кыһыллыҥы эттээх ойоҕосторугар кыһыл чуоҕурдаах күөл балыга

Нууччалыы Зубатка (один из видов лососей)

«К» буукуба