Перевод с якутского
өҥ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы цвет, окрас
English color
Ис хоһооно · 9
1 аат тыл #
Эттик, харамай тас дьүһүнэ, ханнык кырааскалааҕа
Нууччалыы Цвет, окрас (предмета, животного и т. д.)
Үчүгэйиэн ыйдаҥаҕа, Үүт өҥүнэн туналыйан, Айылҕабыт хайдах эрэ Атын өттө арыллара. Күннүк Уурастыырап Хаар өҥө көҕөрөр. Тыал ордук күүһүрэр. Н. Якутскай Хаба хаана өҥө суох буолар. ББЕ З. Др
Өссө холобурдар (1)
-тюрк., тюрк. өҥ
2 аат тыл #
Ардахтаах, онон өлгөм үүнүүлээх дьыл (сайын)
Нууччалыы Урожай, урожайный год
Өҥ кэллэҕинэ даҕаны, биһиги холкуоска оттуур ходуһа санаабытынан баар буолан кэлиэ суоҕа. Суоҕу баар оҥордоххо оччоҕо баар буолуо. М. Доҕордуурап Өҥ эргийдэ. Быйыл оттоммокко хаалар ходуһа диэн суох буолуоҕа Кыым
3 аат тыл #
Ас-үөл дэлэйэ, баай-дуол, байылыат олох
Нууччалыы Достаток, обилие, зажиточная жизнь
Үүтү-аһы, өлгөм өҥү үксэтэри ситиһэбит. Күннүк Уурастыырап Өр дьыл курааны тулуйбут, Өртүүн, хаһыҥныын охсуспут, Иһэр уунан кыыра-кымчы Өҥҥө тиийбит баар Чурапчы. Дьуон Дьаҥылы. От үрэхтэр угуттуу устуохтара, халыан үрэхтэр халаанныы хаамыахтара, өҥҥө үктэнэн өрөгөйбүт үрдүөҕэ Кыым Өҥ хочо. Өҥ алаас. Өҥ буор.
Өссө холобурдар (3)
Кини төрөөбүт оройуонугар алаастар өҥ дьылларга эрэ маннык үүнэллэр. С. Никифоров Бөһүөлэктэр турар сирдэрэ, дьиҥэр, саамай үчүгэй, өҥ буордаах сир эбит ХС Иҥэмтэлээх, иҥэмтэлээх бэссэстибэлэринэн баай. Θ Питательный (о пище, о корме скота). Тойон ыҥырыалаах сайын өҥ оттоох буолар И. Гоголев
4 даҕааһын #
суолт. Өлгөм үүнүүлээх, уохтаах кырыстаах
Нууччалыы Урожайный, благодатный (напр., почва)
5 этии #
Өҥ антах түһэр - наһаа барар, сиэри таһынан модьуйар Бэйэм кыараҕастык олорон, тылгын быһа гыммакка, кыах баарынан көмөлөспүтүм үрдүнэн, өҥ антах түһэ олороруҥ да баар ээ. ГНС СТСДТ. Ср. монг. өн(г)
Нууччалыы Перебарщивать, требовать слишком много, переходить меру в своих требованиях, перегнуть палку
6 аат тыл #
Тирии ис эккэ сыстар өттө
Нууччалыы Изнанка шкуры
Тирии өҥө ПЭК СЯЯ Ханнык эмэ ис уорган салыҥнаах бүрүөтэ. Θ Слизистая оболочка какого-либо внутреннего органа. Хабах өҥө ПЭК СЯЯ
7 аат тыл #
Эттик бөҕөтө-таҕата, таныктааҕа, халыҥа, туһаҕа туруон сөптөөҕө
Нууччалыы Прочность, крепость, ценность чего-л
Өҥө бүппүт таҥас СГФ СКТ
8 аат тыл #
, кэпс. Күүс, эрчим, сэниэ, улахан тулуур (хол., кыылы, булду сойуолаһарга)
Нууччалыы Сила, энергия, большая выносливость (напр., при преследовании зверя)
Киэҥ хардыым дьэ кыараҕастыйда, уһун өҥүм дьэ кылгаата, ситэр өттө буолла! ПЭК ОНЛЯ II. Табаларгыт ыраах барыахтара суоҕа, өҥнөрө сотору бараныа ББ
9 этии #
Өҥө быстыбыт - тохтобула суох уһуннук айаннаан эбэтэр аччыктаан сэниэтэ суох буол (үксүгэр көлө туһунан этэргэ) Тохтооҥ, аккыт өҥө быстыбыт
Нууччалыы Быть на исходе сил (в результате быстрой, продолжительной езды без отдыха и корма – об упряжной скотине)