Перевод с якутского
көс
аат тыл, туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы переходить
English move (change of residence), migration
Ис хоһооно · 17
1 туохтуур #
Нууччалыы переходить
2 туохтуур #
Биир сиртэн атын сиргэ малгын-салгын илдьэ, олоро бар
Нууччалыы Переезжать с одного места на другое (со своим имуществом, скарбом)
Кыһыҥҥы тымныы оройун саҕана, көспүт ыал тоҥ оһоҕун тутан көрөр саҕа куһаҕан баар үһүө. Н. Неустроев Ыаллар бары сайылыкка көспүттэр М. Доҕордуурап Сиртэн сиргэ сыҕарыйан, күргүөмүнэн айаннаа, сир уларый. Θ Перемещаться с места на место большими массами, мигрировать (напр., о зверях). Тииҥ ылыннаҕына, туохтан да иҥнибэт эбит. Кинилэр сорох дьыл аһылыгы батыһан, көһө мээрик буолааччылар Е. Макаров
Өссө холобурдар (4)
Сиртэн сиргэ, биир миэстэттэн атыҥҥа халбарый. Θ Переходить с места на место, менять место. Олесь Дударь ыал ахсын көһө сылдьан, көрдөртүүр хокуукка тыйаатыра улахан улаҕалаах ис номохтооҕо. Л. Попов Мин атах оронтон Даайыс оронугар биллэриккэ көспүтүм М. Доҕордуурап Күргүөмүнэн тутуспутунан ханна эрэ бар, кэл. Θ Прибывать, отбывать гурьбой. Оройуон баһылыктара бары көһөн кэлбиттэр Дьүөгэ Ааныстыырап Сир уларыйан олохсуй (хол., куорат, дэриэбинэ эҥин). Θ Менять свое постоянное место расположения на другое, перебазироваться (о городе, деревне, строениях). Уйбаан уус уонна хас да ыччат туран бөһүөлэк көһөрүн сөбүлээн тыл эттилэр М. Доҕордуурап
3 туохтуур #
Биир үлэттэн (үөрэхтэн) атын үлэҕэ (үөрэххэ) бар
Нууччалыы Переходить с одной работы (учебы) на другую
Өндөрүүс чопчу идэтэ суох, өтөр-өтөр тэрилтэттэн тэрилтэҕэ өрө-таҥнары көһөн үлэлиир. Р. Баҕатаайыскай Эн миигин көрдүү сатаама, мин атын үлэҕэ көстүм. В. Яковлев Оскуолаттан оскуолаҕа көһөн үөрэниэххэ сөп быһыылаах У. Нуолур
4 туохтуур #
Атыҥҥа халбарый, атынынан солбулун (хол., кыһалҕа, боппуруос эҥин)
Нууччалыы Переходить с одного на другое, менять (напр., тему разговора), подменять что-л. другим
Эльвира кэпсэтии атын хайысхаламмытын, киниттэн тэйиччи боппуруоска көспүтүн иһигэр сөбүлээбэтэ. Л. Попов Киһи бэйэтин олоҕо бүппүтүн кэннэ, аны оҕолорун кыһалҕаларыгар көһөр эбит.
Н. ЛугиновЛитература барыта былдьаһыкка сылдьара, кинигэлэр уонна хаһыаттар илииттэн илиигэ көһөн иһэллэрэ ОТК
5 туохтуур #
Оргууй аҕай сыыллардыы, бытааннык сыҕарый, бар, айаннаа (туох эрэ олус улахан, сабардамнаах туһунан.)
Нууччалыы Очень медленно передвигаться, с трудом перемещая свою огромную массу (обычно о ком-чем-л. огромном и тяжелом)
Күүстээх баала Күөстүү үллэн, Көстөөх сиртэн көтөҕүллэн, Көһөҥөтүк көһөн кэллэ. Күннүк Уурастыырап [Сүөһүлэр] ортолоругар барыларыттан үрдээн атыыр оҕус кэбиһиилээх оттуу көһөр. Далан Халаанныыр Ленабыт көмүөлүн мууһунуу, халлааҥҥа былыттар көһөллөр. П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (2)
Бөтүрүүс соҕотоҕун аһыы олордоҕуна -- эмээхсинэ Балбаара оргууй аҕай көһөн киирдэ И. Сысолятин Бытааннык, биир кэмник ааһан ис (бириэмэ туһунан.). Θ Тихо, медленно проходить, ползти (о времени). Хаампат оҕус сыарҕатыныы хаар үрдүнэн сыһыллаҥныы, Күннэр-дьыллар бытааннык Көһөн испиттэр ыараханнык М. Тимофеев
6 туохтуур #
Уолуйбут, өмүттүбүт, олус арбы-сарбы буолбут көрүҥнэн; олус сылайбыт, саппаҕырбыт көрүҥнэн (сирэй-харах туһунан)
Нууччалыы Иметь растерянный, потерянный вид, иметь крайне огорченное потерянное лицо; иметь крайне утомленный, бледный, тусклый вид
Быраканьыар сирэйэ-хараҕа суулла көһөн, киһи эрэ буоллар мааҕыҥҥы уота-күөһэ умуллан, сири-буору кымаахтыы сылдьар киһи буолан хаалла. В. Ойуурускай Утуйбакка, олус сылайан, Барыбыт сирэйэ суулла көспүт. С. Тимофеев Тюрк. көч
7 этии #
Этиилэр
Көһөр былыт көлдьүнэ көр ааһар былыт албына
Көстүбэт уола, Көһөр былыт көлдьүнэ! П. Ойуунускай
8 этии #
өт туохтуур тыл үөр. - хайааһына атын предмеккэ туһуламмат, көнө толорууланар кыаҕа суох туохтуур Ытаа, тыын, ир, умай, итий, мөлтөө, соһуй, күрээ - бу бары көспөт туохтуурдар. Көспүт күөл - уута тоҕо түһэн барбыт күөл. Озеро, из которого ушла вода; высохшее озеро. Отторун үксүн күөллэр кытыыларыттан уонна көспүт күөллэр оннуларыттан оттууллар. ГКН МҮАа. Көспүт суолта тыл үөр. - тугу эмэ туохха эмэ тэҥнээн, хоһуйан этэргэ тыл атын тыл оннугар туттуллар суолтата. Переносное значение слова. Предметтэр бэлиэлэрэ тугунан эмэ маарыннаһар буоллахтарына, онно олоҕуран тыл суолтата көһүөн сөп. ПНЕ СТ. Арыт бүтүн этии көспүт суолталанар. СТС. Көһөр туохтуур тыл үөр. - хайааһына атын предмеккэ туһуланар, көнө толорууланар кыахтаах туохтуур. Переходный глагол. Быс, сот, төлөө, умун, суруй, көҥүллээ - бу тыллар көһөр туохтуурдарга киирэллэр. Көһө сылдьар - 1) сиртэн сиргэ сыҕарыйа сылдьар (омук, дьон). Кочевой (этнос, народ, племя); 2) саҥа кыайыылаахтарга бэриллэн иһэр (наҕараада). Переходящий (о наградах). Көһө сылдьар кубок; 3) олохтоох сириттэн атын сиргэ ыытыллар (хол., суут, үрдүкү тэрилтэ мунньаҕа). Выездной (напр., заседание). Суут көһө сылдьар сиэссийэтэ
Нууччалыы Непереходный глагол
9 аат тыл #
Сахалыы уста кээмэйэ, ортотунан 10 килэмиэтир ыраахха тэҥнэһэр (урут айан көрүҥүттэн көс ырааҕа араас буолара)
Нууччалыы Якутская мера длины, равная в среднем 10 км; кёс, (раньше в зависимости от способа передвижения кёс обозначал различное расстояние)
10 аат тыл #
Олус ыраах сир, сиэрэ суох ыраах сир
Нууччалыы Большое расстояние; чрезмерно большое расстояние (выходящее за рамки воображаемого)
Тыһыынчанан биэрэстэни тыынан көрбөтө, Сүүһүнэн көскө сүүрэрин мөлтөппөтө.
Өксөкүлээх ӨлөксөйТаптыыбын: Күндээрэр мөһүүрэ Уотунан күлүмнүүр, Көһүнэн тайааннаах Көмнөхтөөх тайҕабын. Күннүк Уурастыырап Киниттэн [Дьэлликтэн] атын ким итиччэ ыраахтан, букатын көс сиртэн, бадарааны-маары хаба ортотунан солоон, быарынан сыыллыбыт үһүө Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Бэрт өр кэм, быһаарыыта биллибэт кэм. Θ Продолжительное время, неопределенно долгий срок. Охсуулаахтык, киэҥник эттэххэ -- хамначчыттар-дьадаҥылар да тиэрэ-маары ыытыллыахтара. Онтон тахса охсоллоро үс көс.
П. ОйуунускайСр. тюрк. көч 'переход, переезд'
11 этии #
Ат көһө эргэр. - 10 килэмиэтир кэриҥэ Оҕус көһө эргэр. - 7-8 килэмиэтир кэриҥэ. Бычий кёс (около 7-8 км). Сатыы көс эргэр. - 7-8 килэмиэтир кэриҥэ. Пеший кёс (около 7-8 км). Сиэлэр ат көһө - 13-14 килэмиэтир кэриҥэ. Кёс бегущей рысью лошади (около 13-14 км). Тыыллар көс - саамай ыраах (толору) көс. Самый большой, протяженный (полный) кёс. Бас Күөл мантан төһөнүй? - Үс тыыллар көс буолуо, Хонуккар эрэ тиийиэҥ. "ХС"
Нууччалыы Конный кёс (около 10 км)
12 даҕааһын #
даҕ
Көс ыал. Көс дьон. Суол сылаалаах, көс эрэйдээх (өс ном.). Аата уончаҕа тиийэ табаны холбонон, үүрэн, малларын тиэнэн, оҕону-дьахтары сыарҕаҕа олордон көстөр күккүрээн-саккыраан кэлэн истилэр. Болот Боотур Ханнык эрэ көстөр (аат суолт.) иһэллэр, Эбиллэ турар оройуон ыала. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Уучахпын куоттаран кэбистим, онтукам көс диэки сиэлэ турда. Н. Тарабукин (тылб.)
13 даҕааһын #
1. Ханна эмэ көһөн иһэр (дьон, ыал); көһөн иһэр айан дьоно
Нууччалыы Находящиеся в пути (семья, люди со своим имуществом), путники, переселенцы
14 даҕааһын #
Баайдарын-малларын илдьэ сиртэн сиргэ көһө сылдьар олохтоох (дьон, норуот)
Нууччалыы Ведущие кочевой образ жизни, кочевники
Көс олохтоохтор. Көс омуктар. Суртаах уонна ураһалаах көс тоҥустарга тиийэн [Тороев] кэриим аҕабыыта буолан, саҥа төрөөбүт, сүүрэ да сылдьар оҕолору сүрэхтиирэ, кэриэс этитэрэ, өлбүттэргэ мэлиибэни ыллыыра. Л. Попов Былыргы саха көс аҥаардаах олохтоох этэ диэххэ сөп. Багдарыын Сүлбэ. Түүрдэр олохторун майгытынан көс олохтоох сүөһү иитээччилэр этилэр. АНК БТТ. Биһиги туундараны кэрийэн көс олохтоммуппут ыраатта. С. Курилов (тылб.)
Өссө холобурдар (6)
Көһө сылдьар олоххо сыһыаннаах. Θ Относящийся к кочевому образу жизни (напр., жилище). Көс ураһа. Көс дьиэ. Аҕам хаһан эрэ эдэр эрдэҕинэ оҥорбут көс ураһабытын тиэргэҥҥэ туруоран баран, кытыанынан арчылыыра. Ч. Айтматов (тылб.) Көскө бар. Көскө ыыт. Көскө кэлбит. [Манчаары:] Көскө да ыыппыттарын иһин, Көмүскэм уутун көрдөрүөм суоҕа. А. Софронов Тимир суол ыстаансыйатыгар көскө барааччылары илдьэр пуойас адьас бэлэм турар. Эрилик Эристиин Нэһилиэккэ көскө кэлэн олоро сылдьыбыт судаарыскайдары кытта куодарыһар сураҕа иһиллэрэ Н. Заболоцкай
15 даҕааһын #
Элбэх буолан күргүөмүнэн сир уларытан барар-кэлэр (үксүгэр кыыллар, көтөрдөр тустарынан)
Нууччалыы Мигрирующие, перелетные (обычно о животных, зверях, птицах)
Көс табалар айанныыллар. Арыы тыалыы арыллаҥныыллар. Р. Баҕатаайыскай Витя, күүппэтэх сиригэр хонууга көс куһу көрсүһэн, долгуйуута, сөҕүүтэ-махтайыыта ааһан биэрбэтэ. Н. Заболоцкай Көс кымырдаҕастар диэн ааттанааччылар уһун колуонналарынан сыҕарыйаллар уонна суолларыгар түбэспит харамайдары барыларын кыдыйаллар. КВА МГ
16 аат тыл #
Кими эмэ буруйдаан, үксүгэр ыраах уонна ордук куһаҕан усулуобуйалаах сиргэ күүс өттүнэн ыытыы (үксүгэр көскө диэн ф-ҕа тут-лар)
Нууччалыы Ссылка (вид наказания)
17 этии #
Көс олохтоохтор - баайдарын-малларын илдьэ сиртэн сиргэ көһө сылдьар дьон Көс олохтоохторунан үксүгэр сүөһү иитээччилэр буолаллара. КФП БАаДИ
Нууччалыы Кочевники