Перевод с якутского
кымыс
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы кисломолочный напиток из кобыльего молока, кумыс
English koumiss
1 аат тыл #
Биэ үүтүттэн көөнньөрүллэн оҥоһуллубут аһыы утах
Нууччалыы Кисломолочный напиток из кобыльего молока, кумыс
Ынахтарын икки буутун сиэн, үс ыаҕас кымыһы иһэн малааһыннаабыттар. Онтон үөрэн Омоҕой оҕонньор күтүөтүн кытта тупсан, көһөн кэлэн бииргэ олоруох буолбут. Н. Неустроев Сылгы үүтүттэн оҥоһуллубут кымыс - киһиэхэ күүһү-уоҕу эбэр дьоһун утах буолар. Бу саха төрүттэрэ аһаабыт астара, торолуйбут утахтара. ХС Биир суол улахан суолталаах, туһалаах, эмп буолар ас - кымыс. ППА БЭСС Э. Тюрк
Өссө холобурдар (1)
кымыз
2 этии #
Нууччалыы Кумыс, приправленный парным молоком или сливками, чтобы понизить кислотность
Этиилэр
Кыдьымахтаах кымыс көр кыдьымах
Кулут уолаттар-кыргыттар кыдьымахтаах кымыһы чорооҥҥо кута-кута аҕалаллар, алтан тэриэлкэлэргэ эти тардаллар. П. Ойуунускай. Кымыс хамсатар - миискэни таҥнары туппут курдук хатыҥ мастан оҥоһуллубут үүттэрдээх, уһун уктаах, үөһэ-аллара тардыалаан кымыһы булкуйар тэрил.
Мутовка с длинной ручкой для помешивания кумыса, сделанная из березы, похожая на перевернутую миску с дырками (используется для взбалтывания кумыса движением вверх и вниз).
Дьон дьиэҕэ киирэллэригэр Оноҕочоон Чоохоон киирсэн иһэн: "Оо, баай хара Хаан обургу кымыс хамсатарын хатыҥ маһынан оҥосторо буолуо диэбитим, удаҕан дьахтар хамсатардаах буолар эбит дуу", - диир.
Суорун ОмоллоонСаамал кымыс - сабыс-саҥа бэлэмнэниллибит аанньа аһыйбатах сылаас сибиэһэй кымыс. Теплый, свежий, только что приготовленный, слабый кумыс. Саас ыаҕас муҥунан Саамал кымыс оҥотторон, Санаабытын тарҕатан, Сарсыардаҕа диэри Саатыаҕыҥ эрэ, Сайаҕас-сайдам саҥастаар!
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (4)
"Саамал кымыс үтүөтүн, Саадьаҕайбыт сүөгэйин, Сааллаах сыаны, суораты, Саламааттаах арыыны Иһит ахсын дэлэтиҥ, Иһиҥ, аһааҥ", - диэн этиҥ! Л. Попов Саамал кымыс сайгыттын санаалары, көөнньүү кымыс көнньүөртүн көҕүстэри. Т. Сметанин Сүөгэйдээх кымыс - сүөгэй кутуллубут кымыһа. Кумыс с коровьими сливками. [Бииктэр] сүөгэйдээх кымыһы ойуулаах-мандаардаах чороонтон ыйырбахтаабытынан барда. Л. Попов Хара кымыс - тугунан да тупсарыллыбатах аһыы кымыс. Ничем не заправленный кислый кумыс. Хара кымыһы дьадаҥылар иһэллэрэ
3 даҕааһын #
Кыраны да кымыстаһар, кэччэгэй
Нууччалыы Скупой, скряга, скупердяй
Кымыс дьахтар. Ср. тюрк. кымы 'завернуть, подбирать, поджимать'