Перевод с якутского
эрэдээксийэ
аат тыл
Нууччалыы руководство изданием, редакция
1 аат тыл #
Куруук тахсар бэчээти салайан таһаарар үлэһиттэр
Нууччалыы Руководство изданием, редакция
Күннэтэ ахсын "Кыым" хаһыат эрэдээксийэтигэр Өрөспүүбүлүкэ бары өттүттэн үгүс суруктар кэлэллэр. Софр. Данилов. Биһиги эрэдээксийэбит үлэһиттэрэ сүнньүнэн бэйэлэрин үлэлэрин билэр дьоннор диэххэ сөп. С. Никифоров [Бэлииссийэ үлэһиттэрэ] "Сибирь" диэн Иркутскай хаһыатын эрэдээксийэтин дьэгдьийэ сылдьыбыттара да, киһи уорбалыыр дьыалатын булбатахтара П. Филиппов
2 аат тыл #
Ааптар үлэтин бэчээккэ тахсар гына көннөрүү, чочуйуу
Нууччалыы Обработка текста, подготовка к печати, редакция
ээн саҥа эрэдээксийэтэ. "Аймалҕан" сэһэн Дьокуускайга 1937 сыллаахха И. Д. Винокуров-Чаҕылҕан эрэдээксийэтинэн бэчээттэммитэ. И. Федосеев 1927 сыллаахха С. П. Ефремов бастакы кинигэтэ – Күндэ эрэдээксийэтинэн бэчээттэнэн тахсар ХС
3 аат тыл #
Эрэдээксийэ үлэлиир дьиэтэ
Нууччалыы Здание, помещение редакции
Кини [Дьаакып] эрэдээксийэттэн тахсан иһэн Сукуйу көрсөн, мичик гынан ааста Н. Заболоцкай