ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрэдээксийэлээ

туохтуур

Нууччалыы проверять, обрабатывать и исправлять текст при подготовке к печати, редактировать

1 туохтуур #

Ханнык эмэ тиэкиһи көрөн, көннөрөн, тупсаран бэчээккэ бэлэмнээ

Нууччалыы Проверять, обрабатывать и исправлять текст при подготовке к печати, редактировать

  • Бүлүү киһитэ П. Г. Григорьев суруйбут букубаарын мин эрэдээксийэлээн, оҥорон таһаараммын, саха ыччата бэрт уһун кэмҥэ бу букубаарынан сурукка үөрэммитэ.
    Суорун Омоллоон
  • Кинигэ үчүгэй тылынан суруллубут эрээри, сорох өттүгэр кичэйэн эрэдээксийэлиэххэ сөп эбит.
    ХС
  • Биһиги, ааҕааччылар, биир уопсай адьынаттаахпыт: кинигэни ким эрэдээксийэлээн таһаарбытын аахайа даҕаны соруммаппыт
    С. Федотов

2 туохтуур #

Тахсар хаһыаты, сурунаалы салайан, көрөн-истэн таһаар

Нууччалыы Издавать, руководить периодическим изданием. 1924-1925 сылларга Эллэй "Хотугу ыччат" диэн бастакы хомсомуолускай хаһыаты эрэдээксийэлээбитэ

  • Күндэ "Кыым" диэн сахалыы тылынан маҥнайгы сурунаалы эрэдээксийэлээн таһаарбыта
    ХС

«Э» буукуба