Перевод с якутского
араҥа
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы слой, пласт
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Туох эмэ биир кэлим дьапталҕата (хол., буор, кумах уо. д. а.)
Нууччалыы Слой, пласт (напр., земли, песка и т. п.)
Биэрэк устун, хара кыраасканан сурааһынныы эҕий-дугуй тардыбыт курдук, чараас хара араҥа барар. А. Федоров Почва диэн сир үүнээйинэн бүрүллүбүт үрүт араҥата. КВА Б. Хайа үрүт араҥатын [чоҕор тиэрдэ] соролооһун үлэтэ бара турар эбит. БИ СТ
2 аат тыл #
Уопсастыба, нэһилиэнньэ, дьон ханнык эрэ бөлөҕө
Нууччалыы Та или иная группа людей, населения, общества
Бааллар - буҕаалтыр бииһин ууһа барыта, холкуостаах бары араҥата, биригэдьиир арааһа. С. Федотов Оттон нэһилиэнньэ бары араҥаларыгар киэҥник өтөн киирбит тыллар сүнньүнэн сахалыы форманан бараллар СТЫМ
3 аат тыл #
Туох эрэ биир туспа чаас буолар бөлөҕө
Нууччалыы Однородная масса как часть чего-л
Билигин да саха бүттүүн тылын словарнай састаабыгар эргэрбит тыллар араҥалара олус кыараҕаһа суох. АПС СЛ. Саха тылын наардаталаан көрдөххүнэ, хас да араҥаны булаҕын ЧМА ЭТНББ
4 этии #
Нууччалыы Слоистая береста
Араҥа туос - саас-сааһынан арахсар туос Урут кырдьаҕас булчуттарга Дмитриев баарына хайаан даҕаны испиискэни араҥа туоска суулатан хоонньуларыгар уктарара. ХС Араҕас субалаах, араҥа туостардаах, Сэбирдэх симэхтээх, айгырас лабаалаах Хатыҥчаан чараҥым суугунуу тыаһаата, Саһархай таҥаһын наҥначчы таҥынна. А. Бэрияк