Перевод с якутского
араҥ
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы проказа, лепра
English morbid (as in "morbidly ill"), infirm, weak
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Киһи тириитин уонна ис да уорганнарын көрдүгэннээн сиир сыстыганнаах ыарыы
Нууччалыы Проказа, лепра
“Лида, эн араҥынан ыалдьыбатах эбиккин”, - диэн Сергей Иванович үөрүүлээхтик быһаарбыта. И. Федосеев [Екатерина Татаева] уон түөрт саастаах эдэркээн кыысчаан. Кини ийэтэ икки сыллааҕыта араҥтан өлбүтэ. “ ХС
2 аат тыл #
үөхс., түөлбэ. Дууһа, бодоҥ, тойооску
Нууччалыы Горемыка, калека, негодяй
Дьэ, эмиэ араҥ дии. Бу араҥы көр эрэ Миитэрэй өлүк сирэйдээх, араҥ дьахтар тахсан турарыттан соһуйдаҕа буолуо. Амма Аччыгыйа Чоочо баай, тойон абаҕам, Икки атахтааҕы иҥнэрэн, Үс саханы түҥнэрэн, Иринньэх ийэтэ, араҥ аҕата Аатырарыҥ биллибэт. С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
Бэйэтэ быһааран кэпсээбэтэҕэ буоллар, сааһын тухары аалларан ыалдьыбыт араҥ киһи диэ суох эбиппин А. Данилов
3 даҕааһын #
суолт. Ыарыһах, ханнык эрэ ааһан-араҕан биэрбэт ыарыынан ыалдьар
Нууччалыы Больной, страдающий какой-л. хронической болезнью
4 этии #
Араҥ (аас) аҕата - кыамматтары көрөр-харайар, аһыныгас үтүө сүрэхтээх киһи Араҥ ыарыы көр араҥ 1. 1. 1858 сыллаахха соҕотох Орто Бүлүү улууһугар 84 киһи араҥ ыарыыга ыалдьар эбит. Багдарыын Сүлбэ. Аны араҥ ыарыы, холера, чумаа, натуральнай уоспа, ымынахтаах тиип, титириир, одуруун курдук ыарыылар суох буоллулар. “ХС”. Алт. сараҥ
Нууччалыы Человек сердобольный, помогающий убогим-сирым, благодетель