ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суус

аат тыл

Нууччалыы наждачная бумага, наждак

1 аат тыл #

Туох эмэ үрүтүн аалан дэхсилииргэ, нарылыырга эбэтэр ыраастыырга туттуллар анал хатыылаах кумааҕы

Нууччалыы Наждачная бумага, наждак

  • Нарылыырга аналлаах суустар атыыга мэлдьи бааллар. ХОДь. [Кырыымпаны] бүтэрэн баран, бытархай сууһунан дэхси гына тас өттүн сотор
    ЧАИ СБМИ

2 этии #

Нууччалыы Обидная шутка, издевка по отношению к кому-л

Этиилэр

Тыл сууһа

сытыы тылынан кими эмэ элэктээһин, хаадьылааһын, күлүү гыныы Ааныс эрэйдээх -- Уйбааҥка уол омуннах тылын сууһун саныы түспүтэ да, ытаан ыгыстыбытынан барбыта.

  • Дьэ ити Уус Ыстапаан диэн ааттаах киһи.

Тыл сууһа

киниэхэ, тэбэнэт, дьээбэ – киниэхэ.

  • Бастатан, үлэҕэ сыыстаран, Кытаанах быыгабар ылбытым... Онно эн тыл сууһун быктаран, Уордайан мөҕүттэ барбатыҥ. Р. Баҕатаайыскай

3 этии #

Этиилэр

Суус кумааҕы

суус диэн курдук.

  • Долбуурдары -- сырдык кыраасканан сотуохха наада. Ити иннинэ суус кумааҕынан анньан кытыыларын уонна хатыылаах сирдэрин дэхсилэнэр. ДьБ. [Миэбэли] суус кумааҕыны анаан оҥоһуллубут лиэнтэҕэ сыһыаран баран, мотуорунан эрийтэрэн килэбэчитэллэр. КН ПБ. Эргэ замшаҕа килэрийбит сири суус кумааҕынан аала түстэххэ саҥатыйар. ХОДь. Русск. диал. шуст

«С» буукуба