Перевод с якутского
элэк
аат тыл
Нууччалыы обидная шутка, издёвка, насмешка. [Маня:] Ама сааһым тухары дьон элэгэр сылдьыах бэйэм дуу?
1 аат тыл #
Киһини түһэрэн тугунан эмэ күлүү гыныы
Нууччалыы Обидная шутка, издёвка, насмешка. [Маня:] Ама сааһым тухары дьон элэгэр сылдьыах бэйэм дуу?
“Сууттан-майырдан! Бэрээдэк аата бэрээдэк – толоруохтааххын,” – киһитин элэгэр суолта биэрбэккэ туран завгар көнөтүнэн эппитэ. В. Титов Кини кыыһыран, кими эмэ кытта үөхсүбүт сураҕа иһиллибэт. Кэргэнэ мөҕөн түптэлээтэҕинэ, элэгинэн көмүскэнээччи М. Доҕордуурап
2 этии #
Нууччалыы Выставлять кого-что-л. на смех, высмеивать, насмехаться. [Кыргыттар] Этэрбэс таҥастааҕы Элэк гыннылар Силээхтэ киһини Сэргэхтик көрдүлэр
Эриэн ыт элэгэр, күөрт ыт күлүүтүгэр бар (ыыт) – күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр бар диэн курдук (көр күөрт II). Ньахчайа сытыйбыт, ыт сиир уҥуоҕа баҕалаах, Чаппа уола Мэхээлэ эриэн ыт элэгэр, күөрт ыт күлүүтүгэр ыытта. Амма Аччыгыйа “Миигин кырдьар сааспар, өлөр үйэбэр биир кыыс оҕо эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ оҥордо, тоойуом”- диэтэ ытыахча буолбут Дьаакыбылап кулуба. Н. Якутскай Аны чыркымайдарга сыгааннатарыҥ, эриэн ыт элэгэр, күөрт ыт күлүүтүгэр барарыҥ хаалбыт эбит. Н. Заболоцкай
Этиилэр
Элэк гын (оҥоһун, тут)
кими эмэ күлүү гын, хаадьылаа, дьээбэлээ Өксөкүлээх Өлөксөй.
[Настаа:] Кэлимээри гынна эбээт, элэк оҥостон ыҥырбыта буолуо, соруйан элэк оҥостон.
КүндэОҕонньору көрөөт, кини [Тэрэнтэй Адаамап] мичээрдээн ылла, ол Мөрүөн санаатыгар кинини элэк гынаары, биитэр сэтэрээри оҥостон олорор киһи курдук көһүннэ. Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС елик, хак. элик, монг. элэг ‘насмешка’