ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дууһа

аат тыл

Нууччалыы дух, душа

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Итэҕэл өйдөбүлүнэн киһи өйүн-санаатын иччилиир, өллөҕүнэ этиттэн-хааныттан арахсан үөһэ көтөр ураты тыын

Нууччалыы Дух, душа

  • Аҕабыыт өлбүт дьон дууһаларын таҥараҕа атаарар, төрөөбүттэри сүрэхтиир.
    Амма Аччыгыйа
  • Египтяннар киһи өлүгэ сытыйбатаҕына дууһата төттөрү кэлиэн сөп диэн итэҕэйэллэрэ
    КФП БАаДИ
  • Киһи тыыннаах сылдьыыта, тыына. Θ Жизнь, физиологическое существование человека. Киһи дууһатын өрүһүй. Дууһата быстара чугаһаан сытар.
Өссө холобурдар (1)
  • Оҕом туһугар дууһабын да биэрэрбин кэрэйбэт этим
    П. Аввакумов

2 аат тыл #

Киһи ис санаата, ис санаатынан айылгыта

Нууччалыы Внутренний мир человека, его душа

  • Киһи дууһатын аймаама.
  • Ырыа норуот дууһатын көрдөрөр дииллэр.
    Суорун Омоллоон
  • Киһи дууһата хараҕыттан биллэр
    Н. Павлов

3 аат тыл #

Киһи (киһини сирэн, сэнээн этэргэ)

Нууччалыы О человеке (с пренебрежением, ирон. оттенком)

  • Бэйэтэ да итинник айыллыбыт дууһа, тугу да улахаҥҥа уурбат.
    А. Софронов
  • Суонда ол киһини күрэтиэх дууһа үһү дуо? Софр
    Данилов

4 аат тыл #

Биир киһи, киһи (дьон ахсаанын ааҕарга)

Нууччалыы Об одном человеке (букв. одна душа)

  • Улуус иһинэн дууһа баһынан сири түҥэттии уурайыаҕа.
    П. Ойуунускай
  • Русск. душа, душка

5 этии #

Нууччалыы Рассеять душевные переживания, отвлечься от горестных мыслей (букв. отвлекать душу)

Этиилэр

Дууһаҕын аралдьыт

ис санааҥ аймалҕанын санаабат буола сатаа, сэргэхсийэр, аралдыйар түгэннэ бул Аттыгар дууһатын аралдьытар истиҥ доҕотторо бааллара.

Дууһаҕын ас

кистэлэҥ ис санааҕын кимиэхэ эмэ кэпсээ.

Раскрывать душу перед кем-л.

  • [Кыыстыын] Иккиэ эрэ буолларбыт Дууһабын аһан биэрэбин. Эвен фольк. Итинник учууталы үөрэнээччи таптыыр, хаһан даҕаны умнубат, киниэхэ дууһатын аһар эбит. "Кыым".

Дууһаҕын туттар

кими эмэ олус таптаа, куккун тутар.

Души не чаять в ком-л.

  • Ол киһи хотойдуу хараҕар Дууһабын туттардым быһыылаах.
    С. Данилов
  • Туохтан киниэхэ бачча дууһатын туттарбытын бэл бэйэтэ бэркиһиир.
    Болот Боотур

Дууһаҕын уур

туох баар сатабылгын, кыһамньыгын киллэр.

Вкладывать душу во что-л.

  • Марфусалов үлэ ханнык да салаатыгар буоллун, мэлдьи дууһатын ууран, бэринэн үлэлиир буолара. "Кыым". Дууһата аһаҕас кэпс. – ис санаатын кистээбэт, элэккэй, сайаҕас майгылаах. Соотв. душа нараспашку. Дууһата аһаҕас киһини дьон сөбүлүүр.

Дууһата сырдаата

ыар санааттан босхолонон үөрдэ, санаата көнньүөрдэ.

На душе светло, отлегло на душе.

  • Итини истэн мин дууһам сырдаан кэллэ.
    И. Данилов
  • Тэҥн. көхсө кэҥээтэ. Дууһата таҕыста харыс т. – өллө, тыына быһынна. Испустить дух, отлетела душа (букв. душа его вышла). Сотору дууһата тахсыбыта, тыына быстыбыта.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Аҕам тыыннааҕын баттаспытым буолан баран, дууһата тахсыан эрэ иннинэ тиийбитим.
    И. Тургенев

Дууһата тырыттар

туга эрэ табыллыбатыттан иһигэр кыйыттар.

Душа надрывается у кого-л., душа разрывается от чего-л.

  • Били түгэни саныы-саныы дууһата тырыттар.

Дууһата үөрэр

санаата олус көнньүөрэр, ис-иһиттэн үөрэр.

Душа радуется у кого-л.

  • Эдэрдэр эрчимнээх үлэлэриттэн киһи дууһата үөрэр.

Дууһата ыалдьар

улаханнык санааргыыр, санаата олус түһэр.

Душа болит за (у) кого-л.

  • Кини оҕото атын сиргэ үөрэнэ барарын санаатаҕына дууһата ыалдьар.

Дууһата эрэ тахсыбакка сытар

өлөрө төрүт чугаһаабыт, өлөөрү сытар.

Еле-еле душа в теле.

  • Эһэтэ ол кэмҥэ дууһата эрэ тахсыбакка сытар этэ.

Дууһатыгар киир

ким эмэ ис санаатын билэ сатаа, туоһулас.

Влезать кому-л. в душу.

  • Сүтүктээх киһи дууһатыгар киирэ сатаама.

Дууһатыгар тур

өлөр, тыынын быс (киһиэхэ сыһыаннаах).

Посягать на чью-л. жизнь, убивать кого-л.

  • [Өлөксөөс:] Дьиҥнээх бандьыыт сылдьар эбит, кини мин аҕам дууһатыгар турбут курдук.
    Н. Туобулаахап
  • Барыта уон алта ньиэмэс дууһатыгар турдубут.
    Т. Сметанин

Дууһатын моруулаа

ким эмэ баҕарбатын соҥноон уһуннук эрэйдээ.

Тянуть за душу кого-л.

  • Сарсыардааҥҥа диэри дьиэбэр ыыппакка ону-маны кэпсээн дууһабын моруулаата.
    ХС

Дууһатын таҥараҕа биэрдэ

тыына быһынна, өллө.

Отдавать богу душу.

  • Эбэтэ эрэйдээх дууһатын таҥараҕа биэрбитэ ырааттаҕа эбээт. Дууһатын уһугуннар кэпс. – киһи ис туругун сэргэхсит, санаатын көтөх. Заинтересовывать кого-л. чем-л., растормошить (букв. душу его будить). Киһи төһө да кэпсээн, көрдөрөн дууһаларын уһугуннарбат оҕолоро бааллар.
    Н. Босиков

Дууһа хаһыыта

киһи ис туруга айманыыта, сиэкэнийиитэ.

Крик души.

  • Кырдьыга, ити тугу да туһалаабат дууһа хаһыыта этэ.
    Н. Босиков

Ис дууһатыгар тиийэ

олус дириҥник, улаханнык (хол., долгуй).

До глубины души, до глубины сердца (напр., волноваться).

  • Ис дууһатыгар тиийэ долгутар тыллары эттилэр.

Ис дууһатыттан

уйулҕата долгуйуор диэри, олус истиҥник.

От всей души.

  • Кини эйигин кытта ис дууһатыттан кэпсэтэрин, санаатын атастаһарын ситиһиэххэ баар. ПДИ КК. Николай Титов мэтээлинэн наҕараадаламмытыттан ис дууһатыттан олус үөрбүтэ.
    У. Нуолур
  • [Үүйэ] Валерий Ивановиһы, урут үөрэппит учууталын, киһи быһыытынан ис дууһатыттан ытыктаабыта.
    Л. Попов

Сырдык дууһалаах

көнө майгылаах, үтүө санаалаах, кыһамньылаах.

Добросовестный, добрый, бескорыстный (букв. со светлой душой).

  • Сырдык дууһалаах буола ул аат

6 этии #

Нууччалыы Сущность человека

Этиилэр

Ис дууһа

киһи төрүт айылгыта Оттон кистэлэҥ ис дууһата хайдах курдук баайый, дэлэгэйий, күүстээҕий!

  • Сэһэн боростуой дьон ис дууһалара баайын, сүрэхтэрэ ырааһын, санаалара үтүөтүн арыйан көрдөрбүтэ. Софр. Данилов

«Д» буукуба