Перевод с якутского
эмэгэт
аат тыл
Нууччалыы по представлению древних якутов блуждающий дух, покровительствующий шаманам (по большей части, душа жившего некогда на…
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
, эргэр
Сэттээх быластаах сиикэй тыймыыт тыллаах, Эт бэргэ харахтаах Хааннаах эмэгэттэриэм, бэттэх, бэттэх буолуҥ эрэ! Саха сэһ. I. Эппит тылым иччитэ Эмэгэт буолан Эттэрин сааһынан илэ-бодо иҥнин!
Өксөкүлээх Өлөксөй– Эбээ, ол өлбүт, көмүллэ сытар ойуун дүҥүрэ хайдах тыаһыырый? – Ы-ыы, бэдик, ойуун эмэгэтэ диэн баар буолар. Ол хаһан да өлбөт. Ойуун эмэгэтэ кыырар. Н. Якутскай Өксүүнньэ, өлбүт киһи, ууттан тахсан, тымныы илиитинэн имэрийтэлээбититтэн, ойуун эмэгэтэ, баҕа буолан түспүтүттэн -- эт-этэ аһыллан ыалдьан, өлөөрү аҕай олорбута
Күндэ
2 аат тыл #
Былыргы саха өйдөбүлүнэн ойууну араҥаччылыыр кэриимнии сылдьар тыын, кут-сүр (үксүгэр хаһан эрэ олоро сылдьыбыт ойуун кута-сүрэ буолар)
Нууччалыы По представлению древних якутов блуждающий дух, покровительствующий шаманам (по большей части, душа жившего некогда на земле шамана)
3 аат тыл #
Былыргы сахалар үҥэр-сүгүрүйэр ханнык эмэ иччилэрэ эбэтэр абааһы дьүһүнүн-бодотун үтүгүннэрэн маһынан, туоһунан уо. д. а. оҥорбут оҥоһуктара
Нууччалыы Деревянные, берестяные и прочие фигурки, изображающие духов, которым якуты поклонялись в старину
Туостан аттаах эмэгэти кырыйаннар, талаҕынан тымтык оноҕостоох куччугуйкаан чаачар сааны оҥороннор, уйаҕа уктулар. Болот Боотур Ойуурга тахсан эмэх маһы булан киллэрэн, дьахтарга маарынныыр эмэгэт быстардылар. Н. Якутскай Эмэгэт көрүҥэ ханнык ойуун туох сыаллаах кыырарыттан тутулуктаах. АЭ
4 аат тыл #
Ойуун кыырар таҥаһыгар сүрэҕин туһаайыытынан тигиллэр киһи ойуулаах тимир быластыыҥка (үксүн алтантан буолар: устата – ыйар тарбах уһунун саҕа, туората – ытыс аҥаарын саҕа)
Нууччалыы Железная (обычно медная) пластинка, которая пришивалась к шаманскому плащу спереди в области сердца
На ней изображался человек (пластинка имела длину с указательный палец, ширину – с половину ладони). Кэтэҕэриин диэки көрбүтэ: үс куба лахсыыр көтөрдөөх, түөһүн тылыгар битийэр эмэгэттээх, көхсүн хараҕар тимир күҥэһэлээх -- ойуун киһи таҥаһа ыйанан турар. ПЭК ОНЛЯ I. Дьэс эмэгэтим! Түп гынар түптүрүм Түүлээх кулугутун Төлөрүтэ охсууй!
П. Ойуунускай[Удаҕан дьахтар] Эмиийин кэрэтигэр иккилээх баччыр оҕо Иирэ-битийэ, Дьиэрэҥкэйдээн-тэйиэккэлээн иһэрин курдук Иирэр саар кыыһа, имэҥнээх-дьалыҥнаах, Дьэллик дьэс эмэгэтин иилиммит Күннүк Уурастыырап
5 аат тыл #
Сылгы уопсай өҥүттэн атын өҥнөөх атаҕар (буутугар) баар бээтинэ
Нууччалыы Небольшая отметина в виде пятна другого цвета на ноге лошади
Икки буутун таһыгар эмэгэттээх сур ат. ПЭК СЯЯ. [Сылгы туһунан] Тараахтаахай туйахтаах, Баһырҕастаах атахтаах -- Дьуоҕалаахай кутуруктаах, Эмэгэттээх бууттардаах Бэрбээкэйдээх бэрдэ дьэ. С. Зверев [Хара саарыл сылгы] икки буутун таһа бэчээт курдук эмэгэттээх буолар Кыым
6 аат тыл #
Киһи аҥаардастыы бас бэринэр, таҥара оҥостор киһитэ эбэтэр туох эмэ
Нууччалыы Лицо, предмет, перед которым человек преклоняется, которому поклоняется, божество
Үптээх күлүгүн эмэгэт гынан үҥэрим, Астаах атаҕар таҥара гынан сүгүрүйэрим.
Суорун ОмоллоонУрукку олохпутун биллэххэ, Ордук өйдүөхпүт бүгүҥҥүнү. Ол эрээри эмэгэт оҥостон үҥпэккэ, Үөрэтэрдии үөрэтиэх ол өрдөөҕүнү! Л. Попов Бүгүн Уолл-стрит тахсар күнэ, сүгүрүйэр эмэгэтэ – дуоллар. Киниэхэ норуот хара көлөһүнэ, Кыһыл көмүс буолан, кутуллар. П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
Эн оҕонньоруҥ баайдары эмэгэт оҥостон көмүскүүбүн диэн, талаһаны мүччү үктээрэй М. Доҕордуурап
7 этии #
Нууччалыы Эпитет игральных карт (букв. пятьдесят два смеющихся лика дьявола)
Этиилэр
Биэс уон икки күлэр (туос) эмэгэт
хаартыны хоһуйан этии Биэс уон икки күлэр эмэгэтинэн көччүтэн, Күн сырдыгын устун Сырыттаҕым дии, оҕонньоор!
А. Софронов.
Уол аны атын дьарыкка
биэс уон икки туос эмэгэккэ -- ылларбыта.
Мин биэс уон икки күлэр эмэгэт тугу диирин өтөрү-батары этэр эбээһинэстээх киһибин. И. Никифоров Арыт-арыт, биэс уон икки туос эмэгэт биэрдэҕинэ, баһаарга суон эмээхситтэргэ баран аһаан-иһэн, сымнаҕас баҕайытык утуйан ылара. Н. Павлов
Туос эмэгэт
биэс уон икки күлэр (туос) эмэгэт диэн курдук.
Маппыр туруорар хаартытын бэтириктээн, маастаан, холуоккалаан -- кубулдьутан-ибилдьитэн көрөрө да, туос эмэгэт Бадаайаптар тустарыгар бу сырыыга сылаанньыйбатаҕа. Л. Попов Мин саҥардыы чороччу улаатыым саҕана аҕабыт тугун барытын туос эмэгэккэ матайдаан баран, бэйэлиин сүппүтэ. Ол аньыыта онон. С. Федотов
Хаарты эмэгэт
хаартыһыт хаартыга туһаайан "үп тэбэн биэрэрим, байарым-тайарым, баарым-суоҕум, эрэнэрим эрэ эн" диэн үҥэн-сүктэн этэр тыла.
Карта-матушка (обращение картёжника к своим картам с просьбой и надеждой на удачу).
Хаарты эмэгэт! Халыҥ харчыта тэбэн биэр эрэ! Хаарты эмэгэт биэрдэҕинэ, кимтэн даҕаны сүүйэри киһи кэрэйбэт баҕайыта. Н. Неустроев
Хатат эмэгэттээх
сылгыга баар буолар хатакка маарынныыр мэҥ курдук бээтинэ.
Пятно на теле лошади, напоминающее форму огниво.
Тордохтоох хоҥуруулаах, орохтоох систээх, хатат эмэгэттээх, саба дьаҕыллаах, уулаах ньилбэктээх саһыл кэрэ [сылгы].
Өксөкүлээх ӨлөксөйУраанньыктаах хоҥуруулаах, Улаан ньуурдаах, Орохтоох систээх, Хаҥалас быччыҥнаах, хатат эмэгэттээх Сурулуур сур дьаҕыл Соноҕос атыыр сылгы. П. Ядрихинскай
Эмэгэт былыт
эмэгэккэ майгынныыр быһыылаах субу ардыах курдук уулаах хара дьоҕус былыт.
Готовое пролиться дождём водянистое небольшое тёмное облако, напоминающее фигуру эмэгэтʼа (изображения духа в виде человека).
Ардах, силбик бэлиэлэрэ
эмэгэт былыттар намыһах баҕайытык уһуннулар.
М. Шолохов (тылб.).
Эмэгэт дьаҕыл
сылгы саннын хаптаҕайыгар эбэтэр моонньугар эмэгэт ойуутун санатар кыра хараҥа бээтинэ.
Маленькое тёмное пятно на шее или холке лошади, напоминающее фигурку злого духа, цветом своим отличающееся от основной масти лошади.
Бу сылгыларга айылҕаттан бэриллибит хос бэлиэ наһаа элбэх буолар. Сиһин ороҕо, сиэлин, кутуругун ардайа, кулгаах кэрэтэ, хаҥалас быччыҥнара, уулаах ньилбэктэрэ. Ону таһынан бар дьаҕыл, саба дьаҕыл, эмэгэт дьаҕыл баар буолар. Сылгыһыт с. Эмэгэт дьаҕыл диэн икки өттүгэр дьаҕыла олох кыра буоллаҕына этиллэр. ОМГ ЭСС
Эмэгэт куйааһа
киһи тыына-быара ыгыллар уот куйаас.
Сильнейший зной, жара.
Эмэгэт куйааһа сатыылаабыт. Эмэгэт кураан түөлбэ. – улахан кураан сут. Сильная засуха. Ср. алт. эмегендеры ʽантропоморфные изображения алтайского шаманского костюмаʼ, алт. эмеген ʽпочтенная женщина; старухаʼ, монг. эмэгэн ʽстарая женщина, бабушкаʼ