ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эмэҕир

туохтуур

Нууччалыы гнить, разлагаться, превращаться в труху

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Өр сыл туран, сытыйан кэбирээ, бытарыйа сылдьар буол (мас үүнээйи, мас тутуу туһунан)

Нууччалыы Гнить, разлагаться, превращаться в труху (о древесине)

  • Өрдөөҕүтэ тутуллубут сорох бүтэй эмэҕирэр, эргэрэр, сылгы аалынаары да сиэрдийэ маһын тоһутуон сөп.
    С. Маисов
  • Куруҥ сиргэ эмэҕирбит мас харх гына сууллар.
    Я. Семёнов
  • Дьиэ акылаата эмэҕирэн, тэллэй буолан, туохха да бэриммэт буолбут
    Саха с

2 туохтуур #

Сааһыран, кырдьан мөлтөөн бар (киһи туһунан)

Нууччалыы Слабеть, превращаться в развалину, дряхлеть (от старости)

  • Ээ, туох аанньа тахсыай ол биһигиттэн, эргэрбит, эмэҕирбит быстан эрэр былыргы көлүөнэ тобоҕуттан.
    Н. Лугинов
  • Кыыс оҕо эргэ барар сааһын мүччү түстэҕинэ, эрдэ эмэҕирэр.
    А. Бродников
  • Мин атаҕым араанньата ыалдьар. Туох эрэ туус мустар үһү. Бары да эмэҕирэн эрдэхпит. Охоноон эмиэ илиитэ көнтөс буолан эрэр этэ
    ХС

3 туохтуур #

, эргэрэн умнуллан хаал, эргэрэн туттуллубат буол (хол., ханнык эмэ систиэмэ, түөрүйэ, өй-санаа туһунан)

Нууччалыы Устаревать, отживать свой век, становиться непригодным для чего-л. (напр., об общественно-политическом строе)

  • Эмэҕирдэ, эргэрдэ, – дииллэр, Бу кэмҥэ марксизмы…
    Баал Хабырыыс
  • Ээй, эһиги холкуостар, киэр эһиҥ Эргэ олох эмэҕирбит силиһин, Түүнүгүрбүт үйэ хараҥа түгэҕин Түрбүөннэ түһэрэн түҥнэриҥ!
    П. Тулааһынап
  • Социалистическай тутууга үлэһиттэр пролетариат салалтатын эргэ, эмэҕирбит тутулу үрэйэр эрэ буолбатахтар, кинилэр -- саҥа уопсастыбаннай сыһыаннаһыылары үөскэтэллэр
    ДИМ

4 этии #

Эмэҕирэ сытыйыы т. -х. – хортуоппуй иһигэр түүнүктээх көҥдөйү үөскэтэн, буорту гынан барар ыарыы Бу ыарыы (эмэҕирэ сытыйыы) хортуоппуйу үүнэр да, харайыллар да кэмигэр сутуйар. ФНС ССХА. Эмэҕирэ сытыйыы хаҕа бааһырбыт хортуоппуйу буулуур. ЛПМ ХХ

Нууччалыы Гниль сухая

«Э» буукуба