Перевод с якутского
тыллаах
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы острый, бойкий на язык; языкастый, сварливый
English having a tongue
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
Сытыытык, чобуотук саҥарар; этиһиик (үксүгэр дьахтары этэргэ)
Нууччалыы Острый, бойкий на язык; языкастый, сварливый (обычно о женщине)
Ийэлэрэ киһини билбэккин, үлэһитинэн чахчы мөлтөх, сыылба; иккиһинэн, тыллаах, хадаар. Р. Баҕатаайыскай Хабырыыс Харбаанап оҥойор айахтааҕы утары этиппэт тахсыылаах тыллааҕынан аатырар. П. Аввакумов Ыаллара саныылларынан, Анфиса тыллаах, ылыгас, чэпчэки, чэ, быһата, "киһи аахсыбат күтүрэ, куһаҕан дьукаах" ФЕВ УТУ
2 аат тыл #
суолт. Саҥарар киһи, саҥарааччы
Нууччалыы Способный говорить, обладающий речью, говорящий
Оҕолорум сордоохтор -- Харахтаахтан кынчарыллан, Илиилээхтэн охсуллан, Тыллаахтан этиллэн, Аччыгы аргыстаһан, Утатары уруурҕаһан, Тоҥору доҕордоһон [муҥнаннахтара].
Өксөкүлээх ӨлөксөйТээллээриис эрэйдээҕи тыллаах барыта үөҕэр, мөҕөр буолла И. Гоголев
3 этии #
Нууччалыы Языкастая, сварливая женщина. [Хобороос:] Бу уол оҕо буолан баран, тыллаах дьахтар курдук, эчи саҥардаҕа элбэҕин
Этиилэр
Илин-кэлин тыллаах көр илин-кэлин
Кини илин-кэлин тыллааҕын, этиһиигин, харса-хабыра суох баламат майгылааҕын билэр. НС ОК
Тыллаах дьахтар
этиһиик дьахтар С.
Ефремов. Элбэх саҥалаах тэтиҥчээн, Эйигин мин таптыыбын. Тыллаах дьахтарга тэҥнээн, Омнуолуу санаабаппын. В. Саввин Тыа саҕатыгар хабдьы -- тыллаах дьахтар курдук өрүскэлэспиттии бэбээрэр. ХС
Тыллаах оҥорбот
кими да олох саҥардыбат, утары этиппэт.
Не даёт возможности возразить.
Мөлчөс кинилэри тыллаах оҥор бот. КНЗ ТС. Тыллаах сыҥааҕынан эрэ кынаттанар сөбүлээб. – кыһыл тылынан кынаттанар диэн курдук (көр кынаттан). Кини өрүү тыллаах сыҥааҕынан эрэ кынаттанар. Тыллаах сыҥааҕын кыаммат кэпс. – мээнэ тыллаах, айахха киирбиччэ, толкуйдаабакка саҥарар (киһи). Говорить необдуманно, невпопад, быть невоздержанным на язык. Тыллаах сыҥааҕын кыаммат буолан, куруук мөҥүллэр.
Тыллаах сыҥаах иччитэ көр иччи
Бу киһи тыллаах сыҥаах иччитэ. Тыллаах сыҥааххынан тыыланыма кэпс. – мээнэ, солуута суох саҥарыма.
Не говори ерунды, не болтай зря.
Түксү, тыллаах сыҥааххынан тыыланыма.
Тыллаах эппитин, курдук
кырыыстаах кыраабытын курдук диэн курдук (көр кырыыстаах). Тыллаах эппитин, кырыыстаах кыраабытын курдук. Өксөкүлээх Өлөксөй. Оо, тыллаах эппитин, кырыыстаах кыраабытын курдук буолан иһээхтиибит. "ХС". Тыллаах этэр, харахтаах кынчарыйар, илиилээх охсор (киһитэ) – ким баҕарар атаҕастыыр киһитэ.
Человек, которого обижает всякий. Тыллаах этэр, харахтаах кынчарыйар, илиилээх охсор.
Өксөкүлээх Өлөксөй
4 этии #
Нууччалыы Говорящий как-л., обладающий какой-л. речью (обычно употр. при предположении характера человека, судя по его речи)
тыллаах-өстөөх – хайдах эмэ саҥалаах, хайдах эмэ саҥарар (үксүгэр саҥатыттан көрөн киһи майгытын-сигилитин сабаҕалыырга этиллэр) Бэрт саргылаах саҥалаах, Оп-топ кэпсээннээх, Олохтоох тыллаах-өстөөх Оҕо кэлбит ээ, бадаҕа.
П. ОйуунускайОҕотоойоп -- олохтоох тыллаах-өстөөх, курбалдьыйбыт, хороҕор күтүөт уолу көрдө-көрөөт сөбүлээбитэ. Софр. Данилов. Үчүгэй, олохтоох тыллаах-өстөөх, лоп курдук дьаһаллаах, өйдөөх, үтүө тойон быһыылаах. Болот Боотур
5 этии #
Нууччалыы Чечевица обыкновенная (певчая птица)
Этиилэр
Былдьыры тыллаах көр былдьыры
Иитиэх уол, акаарытыҥы, былдьыры тыллаах. Н. Неустроев
Тыллаах чыычаах
ырыаһыт чыычаах: атыыра баһа, түөһэ хараҥа кыһыл, тыһыта кутуйах курдук бороҥ өҥнөөх Ырыа тыллаах чыычаахха ымсыырбыттыы, таптыыр ырыатын сыыйа тардар.
Миигин үөрдэрэ айылҕа Киэҥэ, көҥүлэ, сатата: Тыллаах чыычааҕа сарсыарда "Уһугун да!" диир саҥата. С. Данилов
Тыллаах чыычаах
чооруостуҥу чыычаах.
АНК ТСТЗС