ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьэллэм

даҕааһын

Нууччалыы общительный, с открытой щедрой душой, послушный, уступчивый

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

даҕ

  • Күүстээхтэр өрүү дэлэй, дьэллэм майгылаахтар.
    Н. Лугинов
  • Сорокин дьэллэм киһи эбит. Олоҕун бүтүннүүтүн кэриэтэ кэпсээтэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Кини доҕотторо көнө сүрэхтээх, дьэллэм майгыннаах дьон, кинилэргэ кэтэх санаа ньоҕоҕо ханан да сыстыбатах
    А. Федоров

2 даҕааһын #

Киэҥ, дэлэгэй, көнө, аһаҕас дууһалаах; киһи тылын быһа гыммат, киһи көрдөһүүтүн ылынымтыа

Нууччалыы Общительный, с открытой щедрой душой, послушный, уступчивый

3 даҕааһын #

Эйэҕэс-сайаҕас

Нууччалыы Добродушный, благосклонный, благожелательный

  • Саҥалыыра дьылларбыт Салаллан-тэлэллэн кэлиитигэр, Сайаҕас дьэллэм тылынан Саҥара-иҥэрэ тоһуйуоҕуҥ!
    А. Софронов
  • Күтүр, эдэрбэр эмиэ эйэҕэс соҕус сигилилээххэ, дьэллэм соҕус майгыннаахха дылы буоларым
    Амма Аччыгыйа

4 даҕааһын #

Кэччэгэйэ суох, дэлэгэй, бэринньэҥ

Нууччалыы Щедрый, нескупой

  • Мин Испирдиэним Дьэллэм киһи буолан, Ороскуоту урут төлөөччү, Кимтэн да кини буолара.
    А. Софронов
  • Үтүө доҕор туга барыта дьэллэм, аҕыйаҕын да иһин өлгөм курдук
    А. Федоров
  • Кудуххайдык, дэлэгэйдик кутуллар (тыл-өс). Θ Льющийся легко, ровно, без задержки (речь). Олоҥхоһут туйгуна дьулурутар Дьэллэм ырыатын санатан, Лена эбэбит долгуһуйа устар.
    И. Эртюков
Өссө холобурдар (2)
  • Сайаҕас, дьэллэм тыллаах-өстөөх, көрсүө көрүҥнээх киһи.
    В. Егоров
  • Киһим тыла-өһө дьэллэмэ да бэрт. Били эппиккэ дылы, сирбитин быраҕан, талбытын ылан
    ХС

5 даҕааһын #

Чуолкайа суох, нэмэ биллибэт элбэх тыллаах

Нууччалыы Многословный с нечеткой, невнятной речью

  • Араатар киһи иилэн ылбат дьэллэм тыллаах. Тэҥн. дьэллэккэй

«ДЬ» буукуба