ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оһор

туохтуур

Нууччалыы залечивать, лечить (рану), добиться грануляции открытой раны

1 туохтуур #

Бааһы эмтээн үтүөрт, аһаҕас баас сабылларын, бүтэйэрин ситис

Нууччалыы Залечивать, лечить (рану), добиться грануляции открытой раны (напр., послеоперационного шва)

  • Куруук күлэр, күүрэр хорсун Олохпор хат төннүөхпүн Баастарбын оһоро охсуҥ, Баҕарбаппын өлүөхпүн! Дьуон Дьаҥылы. Иитиллибит алааһым Илгэлээх салгынынан тыынабын, Өлүөнэм эмтээх уутунан Бааспын оһоробун
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Туох эмэ баар буола сылдьыбыт суолун сүтэр, көстүбэт-биллибэт оҥор

Нууччалыы Позволить зарасти, порасти чему-л. чем-л.; замести, засыпать, запорошить (напр., следы)

  • Манна саҥардыы түһэн ааспыт хаардаах, тибиилээх буурҕа барытын оһорон, -- сууйан-сотон кэбиспит этэ.
    Н. Заболоцкай
  • Титиик иһэ, баҕана үүтүн оһорбутун курдук, оҥхойдордоох этэ
    М. Доҕордуурап

«О» буукуба