ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

инньэ

аат тыл, кэнники тыл

Нууччалыы игла

English needle

Ис хоһооно · 7
I

1 #

сыһ

  • Мин уубун ыраахтан да ыраахтан баһабын, инньэ Улахан Эбэттэн.
    Суорун Омоллоон
  • Элбэхтэ айаннаабыт, инньэ Сэйимчээҥҥэ тиийтэлээн сылдьыбыт. "Кыым". Дьэ уонна бу баччалаах дойдуга инньэ Дьокуускай улаҕата курдук оройуонтан оронон кэлэ турбутуҥ да баар
    ХС

2 #

Букатын (ыраах)

Нууччалыы Там (совсем далеко)

3 #

Адьас (өрдөөҕүтэ)

Нууччалыы Давным-давно

  • Инньэ быгыһын атыылаһыллан баран тыытыллыбакка турбут испиир бытыылкалара кылбаччы сотуллан ыскаап иһигэр дьирибинэстилэр. Софр. Данилов. Инньэ эһэм-эбэм саҕаттан хоруонай буорбун тутан сылдьабын.
    М. Доҕордуурап
  • Өрүс тоҕойдуу көтөн ааһар сирэ буолан, бу манна инньэ былыргыттан ыла ыарыылаах сүөһүнү туталлар эбит
    С. Федотов
II

4 #

инньэ гын – ити курдук оҥор, итинник гын

Нууччалыы Поступать, делать так, таким образом

  • Оттон мин манна чэйдээтэхпинэ хайдаҕый? Инньэ гыныым!
    Суорун Омоллоон
  • [Маайыс:] Аҕаа, сибилигин киирэн, Чокуурапка кэпсээ. [Үчүгээйэп:] Инньэ эрэ гыннахха табыллар буолла.
    С. Ефремов
  • Урут ууга сынньанаары, тиэрэ түһэн харбыыра. Бу сырыыга эмиэ инньэ гыммыта.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (9)
  • Инньэ диэ – ити курдук эт, итинник саҥар. Θ Следует говорить, сказать так. – Эр бэрдэ эбиккин, Эттэҕиҥ кэрэтин! – Оҕонньор инньэ диир, Уолугар мичээрдиир. Эллэй. [Маня:] Дьэ, муода да уолгун ээ. [Петя:] Хата бэйэҕин инньэ диэххэ сөп.
    С. Ефремов
  • [Сынаҕы Баай:] Эһэ арҕаҕын ааныгар диигин дуу? [Киис Бэргэн:] Ээ, инньэ диибин.
    И. Гоголев
  • Инньэ диэмэ – ити курдук этимэ, итинник саҥарыма диэн буойан этии. Θ Так не говори. Э, кэбис, инньэ диэмэ, олус улаханнык сананыма. Ньургун Боотур. Оо, инньэ эрэ диэмэ. Кырдьык, мин үөлээннээхтэрим үгүстэрин баттаҕа кыырыктыйбыт.
    С. Ефремов
  • Инньэ диэн – 1) итинник, этиллибитин курдук. Θ Вот так, таким образом; как сказано (делать, поступать и т. п.). Ыл, инньэ диэн тылбаастыы охсон биэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Инньэ диэн Костя таптыыр кинигэлэригэр суруллар.
    Н. Габышев
  • Инньэ диэн ааттыыр буол уонна барыта үчүгэй буолуо. И. Данилов; 2) ама. Θ Неужели, неужто, разве. Инньэ диэн сүөһүлэрбин сиэтэлээн кэбиһиэм дуо?
    М. Доҕордуурап
  • Инньэ диэн киниэхэ көҥүл сирэйгэ силлэтэ сылдьыахпыт дуу.
    Амма Аччыгыйа
  • Инньэ диэн холкуоспуттан барыам дуо?
    А. Федоров
  • Др. -тюрк. инче
III

5 #

дьөһ

  • Олунньуттан инньэ итийиэ.
  • Мин мантан инньэ сынньалаҥнык олоруохпун баҕарабын.
    Н. Габышев
  • Урукку курдук сабардаан олорбуттара мантан инньэ тохтоон иһиэ
    Н. Никифоров

6 #

Бириэмэ сыһыанын көрдөрөн, хайааһын ааттаммыт кэм кэнниттэн кэлин оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар (киэҥник туттуллубат)

Нууччалыы Выражая временные отношения, употребляется при обозначении момента времени, после которого будет совершено действие (после, дальше)

7 #

Миэстэ сыһыанын көрдөрөн, хайааһын ааттаммыт сиртэн салгыы буоларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Выражая пространственные отношения, употребляется при обозначении предмета, места, дальше которого совершается действие, (с, от, отсюда)

  • Бөһүөлэктэн инньэ суола үчүгэй этэ.
  • Кини Урал хайатын арҕаһыгар кэлэн турарын, мантан инньэ Европа Россията бүтэн, Сибирь саҕаланарын өйдөөбүтэ.
    П. Филиппов
  • Мантан инньэ үрэҕэ, маһа суох туундаранан барар
    Н. Габышев

«И» буукуба