ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаамтар

Нууччалыы идти, ехать, направляться куда-л

Ис хоһооно · 8

1 #

хаамп диэнтэн дьаһ. туһ. Трофим мас сүллүгэһи төлө тарпыта, быраата Бааска тыраахтары хаамтарбыта. Далан. Таня оҕуһун эмискэ охсон кускуурдаан, өссө түргэнник хаамтаран биэрэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. Иккис диаграммаҕа бастаан үрүҥ, онтон хара ньыкааны бэйэ-бэйэлэригэр утары хаамтарыҥ. ПРД ДДь

2 #

Ханна эмэ бар, айаннаа

Нууччалыы Идти, ехать, направляться куда-л. [Ыналба:] Хайа, доҕоор, Хабырыыс, хайа диэки хаамтаран ханньардаттыҥ?

  • Дьэ, бу эһиги, тойоттор, хайа диэки хаамтардыгыт?
    Н. Якутскай
  • [Быркынаа:] Бачча от үлэтин саҕана ханна хаамтардыгыт?
    Чолбон

3 #

Тугу эмэ (хол., муҥханы) сыҕарыт

Нууччалыы Отодвинуть, передвинуть что-л. (напр., невод)

  • Мэхээс муҥханы хаамтаран, өссө биирдэ ыга тарта
    Н. Габышев

4 #

Таһынан халый, халааннаа (ууну этэргэ)

Нууччалыы Разливаться (о воде), выходить из берегов (о реке)

  • Соччо уһуна суох үрэх үөһээ өттө хайыы-үйэ хаамтаран барбыта.
    В. Яковлев
  • Бэл оннук сылларга Нам бааһыналара адьас таһынан хаамтарбыттара диэн суоҕа
    Кыым

5 #

Иитэр сүөһүгүн кимиэхэ эмэ биэр биитэр ыл

Нууччалыы Отдавать вынужденно, по принуждению свою скотину кому-л

  • Кинилэргэ бүтүн сүөһүнэн хаамтарыа дуо, онон-манан аахсыа буоллаҕа дии.
    Болот Боотур
  • Оҕуспут бардаҕына хайдах да сатаммаппытын билэ-билэ, ити хара баттыгастаах хаамтардаҕын көр
    Эрилик Эристиин

6 #

Харчыны киллэрэри-таһаарары сатаа, харчыны эргит

Нууччалыы Уметь торговаться, обмениваться деньгами

  • Кыратык киһиргии таарыйа эттэххэ, харчыны сатаан хаамтарыахха эрэ наада
    В. Ойуурускай

7 этии #

Нууччалыы Изготавливающий что-л. очень изящно, искусно, умелый, мастеровитый (букв. только, что не заставляет ходить)

Этиилэр

Биир муостанан хаамтар көр биир

  • Барыбытын биир муостанан хаамтарар, түҥ-таҥ тутаттыыр, биир угунньаҕа симитэлиир. ТТК.

Туора-маары хаамп (хаамтар) көр хаамп

  • Сорох эдэр дьахталлар үҥкүүгэ, оонньууга эрдэрин уҥа-хаҥас хаамтарымаары, кутурук баттаһа сылдьаллара ханна барыай.
    И. Никифоров
  • Мин эйигин таптыыбын, ол эрээри туора-маары хаамтарыам суоҕа.
    ХС

Хаамтарбат эрэ

олус сиэдэрэйдик, тупсаҕайдык оҥорор, сатабыллаах, мындыр Хаҥас илиитинэн тугу барытын хаамтарбат эрэ бэтэрээ өттүнэн үчүгэйдик уруһуйдуур.

  • Бу дьааһык курдук кыракый дьиэни, Өлөөнө кэргэнэ маһы хаамтарбат эрэ мындыр тарбахтаах Сэмэн бэйэтэ туппута.
    В. Гаврильева
  • Сысой Иванович Тумууһап тимири хаамтарбатах эрэ үчүгэй уус этэ. Ходуһа х.

Харыс да хаамтарбат

ким эмэ ханна эмэ барарын бопсор, ыыппат.

соотв. не давать шагу ступить куда-л.

  • [Маня:] ийэм букатын кыра оҕо курдук саныыр, бэйэтиттэн тэйитиэн, харыс да сири хаамтарыан баҕарбат.
    С. Ефремов
  • Мылайбыт мап-маҥан, Быыкайкаан барахсан Харахтыын мичээрдии-мичээрдии Харыс да хаамтарбат буолла дии.
    Ф. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Хаһыҥҥа хаамтар, кэпс. – кими эмэ туга да суох хааллар, мэлит. Обделять кого-л. чем-л. Эдэрдэр бүгүн биһигини хаһыҥҥа хаамтараллара, сииккэ сиэллэрэллэрэ буолуо. "Чолбон". Миэхэ бу мохсоҕол булду тосхойбот эбит, бүгүн хаһыҥҥа хаамтарда.
    ҮҮА

8 этии #

Нууччалыы Шов из коротких прямых стежков

Этиилэр

Быһа хаамп (хаамтар) көр хаамп

Дьахтар аймаҕы балыктыыр тэрил таһыгар чугаһаппаттар, быһа хаамтарбаттар. КЕФ СТАҮө. Туйах хаамтара сиик иис. – бытархай гына көнө сурааһынныы анньыллар сиик Сахаларга сиик арааһа элбэх эбит, холобур, "туйах хаамтара" сиик. Хаамтара анньыы сиик иис. – икки тэҥ кэккэнэн чугас-чугас анньыллар туора биитэр эрийэ-буруйа барар сиик.

Поперечный или извилистый (петелькой) шов из коротких стежков в два ряда.

  • Хаамтара анньыы сиигинэн тик

«Х» буукуба