Перевод с якутского
хаамп
туохтуур
Нууччалыы делать ход
English to make a move
Ис хоһооно · 10
1 туохтуур #
Нууччалыы делать ход
English to make a move (especially in chess or checkers)
See also: саахымат
2 туохтуур #
Атахтаргынан хардыы оҥортоон оннугуттан сыҕарый, турар сиргиттэн тэйэн хайа эмэ диэки бар
Нууччалыы Двигаться, идти, ходить, переступая ногами
Мин ийэм хаамара ала бэлиэ, кыҥначчы туттан, улуутук, кэрэтик устан иһэр буолар. И. Гоголев Ампаар кэнниттэн саадьаҕай ынах хааман хаҥхалдьыйан тахсан кэллэ. М. Доҕордуурап Икки көс сири син өр хаампыппыт, ийэм аҕыс уонуттан тахса саастааҕа НЭНь
Өссө холобурдар (3)
Сыыла, үнэ сылдьан баран, атахтаргар үктэнэн, тирэнэн хардыыта оҥорор, хардыылыыр буол (кыра оҕону этэргэ). Θ Пойти, начать ходить (о ребёнке). Сиэним уон ыйыгар хаампыта. Саҥа хаампыт Микиитэ уол тымтык бытархайдарын тоһуталаан, тарбахтарын быыһыгар кыбыталыыр. Амма Аччыгыйа Оҕом бу муостаҕа сыыла сылдьара, саҥа хааман бадьаралыыра субу баарга дылы С. Ефремов
3 туохтуур #
Үлэлээ, айаннаа (сорох тырааныспары, тиэхиньикэни этэргэ)
Нууччалыы Идти, ходить, работать (о транспорте)
Тыраахтардар хаамтахтарына төһө эмэ элбэх гектар солооһун тахсыа.
КүндэКыра уол киирээри ырычаахтаһан эрдэҕинэ, тырамбаай хаампытынан барда. Амма Аччыгыйа Тиэхиньикэ талбытынан хаамар киэҥ сирдээх буоллахпытына эрэ таһаарыылаахтык үлэлиэхпит Далан
4 туохтуур #
Туохха эмэ суол хаалларар гына сыҕарыйа хамсаа (хол., иннэни, хотууру этэргэ)
Нууччалыы Двигаться вперёд, переступая, делая шаг, оставляя за собой следы на чём-л. (напр., об иголке, косе). [Дьаакып:] Миэхэ ханна эрэ үрэххэ хотуур хаампат дулҕалаах сирин биэрбиттэр үһү
Ол эрээри иннэ хаамарыгар холоон, үс-түөрт харыстан уһун гымматтар Хомус Уйбаан
5 туохтуур #
түөлбэ. Булду эккирэтэн кэрий, кэрийэн бултаа
Нууччалыы Ходить за добычей, охотиться
Сарсыардаттан хаамтыбыт да, биир даҕаны куобаҕы туруорбатыбыт. Н. Якутскай Алтынньы ый ортотун диэки Сэргэй атын миинэн, ох саатын сүгэн, ытын батыһыннаран тииҥҥэ хаамта. ХС Бастакы хаар түстэр эрэ, аҕаҥ тииҥҥэ хаамар этэ. Н. Тарабукин (тылб.)
6 туохтуур #
түөлбэ., кэпс. Олус элбээн, мэнээктээн, элбэхтик кэл-бар
Нууччалыы Размножаться, разводиться в большом количестве
Туундара быйыл төһө да кутуйахтааҕын иннигэр, кырса эрдэ хаампыт. "Кыым". Хапкаанынан тоһуурдаан отучча сыллааҕыта кырынаас хаампыт дьылыгар биэс уончаны өлөрбүтэ ДӨАҮөКТ
7 туохтуур #
Күнтэн-күн тохтообокко устан ааһан ис (хол., олоҕу этэргэ)
Нууччалыы Идти вперёд, протекать беспрерывно, проходить (напр., о жизни)
Күөх Тумул сэлиэнньэтигэр үлэ-хамнас эмиэ, олох хааман иһэрин курдук, эрчимнээхтик барар. Д. Таас Үүнэр, ситэр, барҕарар Үрдүк дьоллоох бу сиргэ Олох хааман ааһара Ордук түргэн эбит дьэ! Баал Хабырыыс
8 туохтуур #
саахымат., дуобат. Саахымат фигуратын, ньыкааны атын хонууга сыҕарыт, көһөр
Нууччалыы Ходить, делать ход (в шахматах, шашках)
Ферзь уһаты да, туора да кэккэлэринэн уонна диагоналларынан хайа баҕарар диэки ханнык баҕарар хонууга хаамар. ПВН СБК. Урут хаамааччы ньыкаа туохтан да куттаммакка, утарылаһааччы ньыкаатын кытта көрсүһэрдии уун-утары барыахтаах. ПРД ДДь. Утарылаһааччыҥ сиэхтээҕин көрбөккө хаамтаҕына, дуобатын ыстарааптаан ылбаккын, хайаан да ыйан биэриэхтээххин, кини сиэхтээх КМЕ ДХА
9 этии #
Нууччалыы соотв. ходить налево, наставлять рога
Этиилэр
Илэ хаампыт көр илэ
[Кэтириис:] Ол абааһыта илэ хаамта дуу, бэйэ эрэ, арай ити үгэххэ киһи баар буолуо дуо? С. Ефремов Тыый, баҕайы эмиэ илэ хааман эрдэҕэ… Д. Таас
Иннин быһа хаампат көр илин I
Үйэ-саас тухары икки атахтаах иннин быһа хаампатах Туоллар баай сэргэлэрэ. Н. Босиков Кыыс иэйиитэ-куойуута дьон-сэргэ иннин быһа хаампат ытык кырдьаҕас кулгааҕар тиийбит. НТП ТББ. Ойуун дьону-норуоту наһаа салыннарар, иннин быһа хаампаттар, аатын ааттаабакка бүтэйдии "кырдьаҕаспыт" диэн ааттыыллар. ЧАИ СБМИ
Иҥнэри хаамп (үктээ, тэбис) көр иҥнэри
Хара дьайдаах фашист үөрэ Сэбиэскэй Сойууһу иҥнэри хаамардыы оҥостон саба түспүтэ. "Чолбон".
Иһигэр кутуйах хаамар көр ис IV
Ол да буоллар тоҕо эрэ иһигэр кутуйах хаамара. В. Яковлев Саша "туйгун" сыананы ылбытын истэн, иһигэр кутуйах хаампыта: "Бачча тухары тэҥҥэ тардыалаһарбыт, билигин кини куоттаҕа. " Е. Неймохов
Күлүгүн быһа хаампат
иннин быһа хаампат диэн курдук (көр илин I).
Күн диэки өттүнэн күлүгүн быһа хаамымаҥ, ый диэки өттүнэн ыллыгы быһа барымаҥ. Ньургун Боотур. Аны эн күлүккүн быһа хаамыам суоҕа, бырастыы гын, аһын, ийэккээм.
Суорун Омоллоон"Оо, ити Хотун ыраахтааҕыбыт үс бараа күлүгүн быһа хаампыт айыыбыт суох", – Сэмэн оҕонньор күллэ. М. Доҕордуурап
Сииккэ сиэллэ, хаарга хаамта көр сиик I
Сииккэ сиэлбит, хаарга хаампыт, сыккырыыр дууһабытын нэһиилэ куоттарбыт Бодойбобутунааҕар хас эмэ бүк элбэх көмүстээх дойду үһү. И. Никифоров
Торуой хаамп көр торуой III
Уол халтай сырыыны сылдьан, торуой хааман кэлбитэ. "Чолбон".
Төбөтүнэн хаамар көр төбө
Уол куоракка бастаан киирдэҕин утаа төбөтүнэн хаампыт сурахтааҕа. Туора-маары хаамп (хаамтар) кэпс. – кистээн кими эмэ кытта сырыт, көссүүлэс Ыкса түүн бүттэхпинэ Наҕыл [киһи аата] аны онно-манна, туора-маары хаамара буолуо диэн уорбалыы саныаҕа. В. Протодьяконов Арамаан, акаарытыгар буоллаҕа, ыал да буолан баран, туора-маары хаамарын тохтоппотоҕо. Лоһуура. Арамаана кинини туора-маары хаамтарбатах баҕайыта ини. "Чолбон".
Туора тур (хаамп)
1) көр туора I. [Лоокуут:] Туох буруйу оҥороммун Туора хаамта Ньургуһунум? Суорун Омоллоон. Сыыспыты таба өйдөтүү, туора хааман эрэри көнө суолга киллэрии биһиги кыайыыбыт буолан иһиэхтээх. У. Нуолур; 2) биллибэтинэн сылдьан утарсыс, кимиэхэ эмэ туох эмэ утарыны оҥор.
Действовать вопреки обстоятельствам, нарушать установленный порядок. Ордук К. Г. Неустроев ханна туора хаамара, кимнээххэ сылдьара барыта учуокка ылыллан испитэ. П. Филиппов.
Сур хара түөкүн мин суолбун туора хаампат буолара, кэһэйбэтэх бэйэккэтэ буоллаҕа дуу? Куорсуннаах.
Уһаты-туора хаамп (сырыт) көр уһаты-туора
Уһаты-туора хаамары ким да сөбүлээбэт ини. Күрүлгэн. Хааман хаал кэпс. – олорор дьиэтэ-уота суох буол (хол., улахан алдьаныы-кээһэнии кэнниттэн, оонньууга сүүйтэрэн).
Остаться без крова (напр., в результате стихийных бедствий).
Ол саҕана улахан халаан буолан, элбэх ыал хааман хаалбыта. Харыстаах сүөһүбүн Хаамтаран киллэрэн Харчыга атыылаан баран, Хаартылаан кэбиһэн Хааман хааллым. Саха нар. ыр. II.
Хаама сылдьар энциклопедия
барыны-бары билэр, олус өйдөөх киһи.
соотв. ходячая энциклопедия.
Гаврил Васильевиһы үлэтигэр кэллиэгэлэрэ хаама сылдьар энциклопедия диэн ааттыыр этилэр.
Гордеев
хаама сылдьар энциклопедия, ким тугу эмэ чуолкайдыан баҕарбыт киниттэн ыйытар итиэннэ сөптөөх хоруйу ылар.
"ХС".
Хаардыы хаамп
1) тугу эмэ ааһан иһэн оҥор, төрүт ыарырҕатыма.
С лёгкостью осилить что-л., хватать всё на лету.
Сиидэр уол Такыырап түөрүйэтиттэн, булууларыттан тугу да ордорбокко хаардыы хаампыта, үлтү сынньыбыта. Е. Неймохов Николай ханнык да предмети хаардыы хаамар оҕо этэ. ЧКС ОДьКИи; 2) кими эмэ кэбэҕэстик кыай, тулутума (хол., охсуһууга, күрэхтэһиигэ). Легко одержать верх над кем-л. (напр., в состязании). Бухатыыр обургу Сиик курдук сиэлэн эрэр, Хаардыы хааман эрэр. ТТИГ КХКК. Норуоттар икки ардыларынааҕы улахан турнирга тустан, туох да күүркэтиитэ суох эттэххэ, утарылаһааччыларбын хаардыы хаампытым. ПП ОА; 3) кими да, тугу да билиммэт буолар, кэрээниттэн тахсар. Дойти до последней степени наглости, обнаглеть. Күтүөппүн үчүгэй аҕайдык сахсыйа түһэрбэр тиийдим, наһаа хаардыы хаамаары гынна. Г. Нельбисова
Халаанньа хаамп көр халаанньа
Ол кыыс, сураҕа, халаанньа хаампыт үһү.
Халтай (халтайга) хаамп көр халтай
Күнү быһа халтай хааман, Көрдөөн баран аккаастанан Киэһэ эргийэн кэлбиппит Көстүбүт эбит киһибит. С. Данилов. Өрүс биир эҥээригэр түбэспит булчут күннүүр, нөҥүө өттүгэр сылдьар киһи – халтайга хаамар. Н. Борисов. Отон үүммэтэх сайыныгар баласкаат, хончоҕор тута-тута, ыалларынан халтай хаампыт үксээтэ. Айысхаана. Хара күлүктээх быһа хаампатын нор. айымнь. – "эйиэхэ ким да куһаҕаны оҥорботун" диэн алҕаан этэр тыл олуга.
Слова благословения, благопожелания: "пусть никто не навредит тебе".
Күн утары күлүккүтүн, ый утары ыллыккытын хара күлүктээх быһа хаампатын! ПЭК ОНЛЯ I
10 этии #
Быһа хаамп (хаамтар) кэпс. – ким эмэ иннин быһа түс; тугу эмэ үрдүнэн атыллаан аас Сонордьуттар бүгүн биһигини быһа хаампыттар, манан кэлэн ааспыттара ырааппыт эбит. "ХС". Былыр сахалар дьахтар булт тэрилин быһа хаамарын аньыыргыыллара. "Чолбон".
Нууччалыы Перебежать дорогу кому-л.; перешагнуть через что-л
Этиилэр
Дьаарбаҥ тэбэ (хаама, үктүү) сырыт көр дьаарбаҥ
Дьаакып сиэнэ Үстүүн уоллуун Аппа Күөлүн чараҥыгар Дьаарбаҥ хаама сылдьаллар. Күннүк Уурастыырап
Кырыйа көт (хаамп, сүүр) көр кырый I
Эр киһи балаҕаны кырыйа хаамта. "Чолбон".
Таба хаамп көр таба II
Тыа устун онно-манна сүүрэкэлээн оҕуспун көрдөөтүм да, таба хаампатым. Н. Неустроев Көстө сытар көмүстээх үтүө, киһи эрэ таба хаампат сирэ. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Кини өрдөөҕүтэ Култуук үрүйэ чанчыгар күһүнүн таба хаампыт арҕаҕыттан Ныргычалаах тыһы эһэни бултаабыттара. "Кыым". Ср. с. -юг. хапта ‘шагать’, общетюрк. хамна, камла ‘двигаться’